Күннүктэр бастакы кылааска киирээччилэргэ бэлэхтэрин туттардылар

Амма нэһилиэгин “Күннүк” түөлбэтэ быйыл аан бастаан оскуола боруогун атыллааччыларга бэйэтин сэмэй бэлэҕин оҥордо, бастыҥ үөрэҕи баҕарда.


“Биһиги түөлбэбитигэр уопсайа 30 үөрэнээччилээхпит. Быйыл кинилэргэ өссө эбии түөрт оҕо эбиллэн бастакы кылааска киирдилэр. Онон уопсайа 34 оскуола үөрэнэччилээх буолабыт. Бары сүбэлэһэн баран кырачаан үөрэнээччилэрбитигэр түөлбэ аатыттан сэмэй бэлэхтэрбитин оҥордубут. Инникитин үчүгэйдик үөрэнэн, үөрэхтээх дьон буолан тахсыахтара, дойдуларын ааттатыахтара диэн эрэнэбит”, — диэн түөлбэ салайааччыта Игнатий Гаврильев сырдатар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше