Ыллыыр, үҥкүүлүүр, айар дьоҕурдаах Айсена Сазонова Сулҕаччы нэһилиэгин «Чычып-Чаап» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ. Айсена Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт VII өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кырачаан Фея -2024” күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Быйылгы күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар ананна.
Кэпсиир кырачаан киһим Айсена Сазонова кыра эрдэҕиттэн барыны-бары интэриэһиргии, сонургуу көрөр. Ылсыбыт дьыалаларын хайаан да тиһэҕэр тиэрдэр. Араас улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ ырыа-үҥкүү эрэ буолбакка, научнай – чинийэр да хабааннаах күрэхтэргэ бэйэтин баҕатынан олох кырачаан эрдэҕиттэн кыттар. Төрөппүттэрэ куруук онно тирэх буолаллар. Онтон бу соторутааҕыта Айсена VII өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо талаанын уонна кэрэ көстүүтүн көрүү “Кырачаан Фея -2024” күрэххэ кыттыыны ылла. Күрэх бастакы туругар дьиэтээҕи сорудах — видео оҥорон ыытыы этэ. Манна 32 уһуйаан саастаах кэрэчээн кыргыттар кытыннылар. Онтон салгыы 15 бастыҥ иһигэр киирбит оҕолор II-c турга Дьокуускайга киирэн күрэхтэстилэр. Күрэх “Россия -моя родина” историческай музей-паркаҕа ыытылынна. Кыайыылаах тахсар иһин кыргыттар 3 түһүмэҕи аастылар. Бастакы түһүмэххэ бэйэни билиһиннэриигэ, Айсена хомус тардан, онно доҕуһуоллатан бэйэтин чаҕылхайдык билиһиннэрдэ. Иккис түһүмэххэ туохха дьоҕурдаахтарын көрдөрдүлэр. Манна Айсена “Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн” ырыаҕа үҥкүүлээн көрдөрдө. Салгыы үһүс түһүмэххэ авангарднай муоданан таҥас оҥорон, ону кэтэн хааман көрдөрүү. Манна Айсена ийэтэ Сардана Семеновна үлэлиир Сулҕаччытааҕы “Чычып-Чаап” коллективын үлэһиттэрэ араас матырыйаалы туһанан, толкуйдаан, бары көмөлөөн Кыыс Аммабыт кэрэ айылҕатын уобарастаан оҥорбуттара, Онон кырачаан Айсена таҥаһыгар Аммабыт кэрэ айылҕата, хайалара, суһумнуур уута, сардааната, дьэдьэнэ, быйаҥнаах бурдуга, көмүс хатырыктааҕа, оннооҕор аны сайын буолуохтаах олоҥхобут ыһыаҕын сюжета кытта ырылыччы көстүбүтэ.
Бу улахан күрэҕи “Узнавайка” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо сайдыытын киинэ, СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ тэрийэн ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ “Барҕарыы” фонда дириэктэрэ Афанасий Постников, хореограф-преподаватель, Москватааҕы ыччат балын хореограба Аэлина Захарова, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын үөрэх отделын начальнига Елена Томтосова, “Мисс новая Якутия 2023” күрэх кыайыылааҕа Светлана Тен, “Tayamodeis” модельнай агенство генеральнай дириэктэрэ Мария Лавлинская, ырыаһыт, блогер Сайаана Куо үлэлээтилэр. Күрэх спонсордарынан “Саха Алаас” – ювелирнай компания, “Барҕарыы” национальнай фонд, “Айар” – кинигэ кыһата, “Акварель ” канцелярскай маҕаһыыннар холбоһуктара, “Сказкин дом” – оҕо маҕаһыына уо.д.а буоллулар. Даҕатан эттэххэ Айсенаттан ураты барыта куорат уһуйааннарын иитиллээччилэрэ кытыннылар. Кыайыылааҕынан “Узнавайка” киин иитиллээччитэ Софья Мороз буолла. Айсена киниттэн кыра баалынан хаалан, “Фея Яркий Образ” диэн чахчы да бэйэтигэр олус барсар анал ааты ылан барыбытын үөртэ.
2024 сыл – Сахабыт сиригэр Оҕо саас сыла, тапталлаах Аммабытыгар Олонхо ыһыаҕа буоларын кыралыын-улаханныын үөрэ истибиппит. Оттон Сулҕаччы нэһилиэгин кырачаан олохтооҕо Айсена Сазонова Амматын уонна төрөөбүт Сулҕаччытын аатын, улахан күрэххэ кыттан ситиһиилээхтик көмүскээтэ, дьон-сэргэ, көрөөччү болҕомтотун ылла,бэйэтэ кыттыбытыттан астынан, дуоһуйан, элбэх саҥа доҕордонон кэллэ. Кырачаан Айсенаҕа, эмиэ ырыа-үҥкүү аргыстаах эдьиийигэр Айыллаанаҕа, кини эдэркээн төрөппүттэригэр, ситиһиилэри баҕарыаҕын!
Елена ПОПОВА