Алтан оскуолата субуота сарсыарда ыҥырыа уйатын тоҕо тардан кэбиспит курдук оҕо саҥатынан туолла, бэл диэтэр, таһырдьаттан киирэн истэххэ саҥалара бүтэй истиэнэ, аныгы түннүк нөҥүө иһиллэргэ дылы…
Бу күн бэлиэ тэрээһин ыытылынна, Алтан нэһилиэгиттэн үүнэн тахсыбыт маастардар бириистэригэр 2009 сыл төрүөх уонна онтон балыс саастаах уолаттарга көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэтээҕи көбүөр тэлгэннэ.
Биһиги кыракый нэһилиэкпититтэн кынат үүннэринэн тахсыбыт, спортка үрдүк чыпчааллары дабайбыт ССРС көҥүл тустууга спордун маастара, хапсаҕайга маастарга хандьыдаат Михаил Николаевич Дьячковскай, ини-бии Старостиннар — Аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара Николай Яковлевич, Арассыыйа спордун маастара Эдуард Яковлевич оҕолорго, ыччакка чөл олоҕу тарҕатар, көҥүл тустуунан ситимнээхтик дьарыктанарга көҕүлүүр, маастарыстыбаны үрдэтэр сыалтан бу күрэҕи сыллата тэрийэллэр. Быйыл номнуо төрдүс төгүлүн ыытылынна. Туох барыта кыраттан саҕаланар диэбиккэ дылы, бастакы күрэх улуус таһымнаах уонна 78 күрэхтэһээччилээх этэ. Сыллата сураҕа соҕуруунан сиэллэрэн, арҕаанан аргыаран, кыттааччылара эбиллэн, кэнники бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи көбүөргэ кубулуйда. Ол курдук, Дьокуускай 25-с, 33-с орто оскуолаларыттан, 3 уонна 5 нүөмэрдэрдээх оҕо спортивнай оскуолаларыттан, Алдантан, Горнайтан, Уус-Маайаттан, Уус-Алдантан, Хатас И.И.Захаров аатынан оҕо спортивнай оскуолатыттан, Чурапчы кииниттэн, Мугудай, Дириҥ нэһилиэктэриттэн, Д.П.Коркин аатынан спортивнай оскуолаттан, Мэҥэ-Хаҥалас Аллараа Бэстээҕиттэн, Майа, Хара, Төҥүлү, Тумул нэһилиэктэриттэн, Хаҥалас улууһун Покровскайыттан, Улахан-Ааныттан, Амма улууһун аҕыс нэһилиэктэриттэн (Абаҕа, Алтан, Амма, Бөтүҥ, Сатаҕай, Соморсун, Чапчылҕан, Эмис) уопсайа 309 кырачаан бөҕөс кыттыыны ылла, бастыыр иһин кимиилээхтик кииристэ.
Үс сүүстэн тахса кырачаан уолаттар биир күн, биир сиргэ мустубут нэҥирдэрэ, кыайыыга дьулуһар кытаанах санаалара, хотторуу харах уулаах хомолтото, кыайыы өрөгөйүн өспөт уота, көрөөччү ыһыыта-хаһыыта — бу барыта бииргэ түмүллэн, ураты энергетикэни үөскэтэн, сылдьыбыт эрэ барыта өрө күүрэн, хомойууну, үөрүүнү кыттааччылардыын тэҥҥэ үллэстэн улахан түһүлгэттэн тарҕастылар. Дьиҥнээҕинэн биэс сүүстэн эрэ тахса киһи оруннаахтык олохсуйан олорор улуус кыра, кытыы дэриэбинэтигэр бу – тастан нэһилиэнньэ улахан аҥаарын саҕа дьон кэлиилээх сүүнэ тэрээһин буолла. Онон, тэрийээччи маастардарбыт, тустууга Алтаннааҕы салаа тренерэ, олохтоох дьаһалта, орто оскуола, култуура киинин уонна да атын тэрилтэлэрбит үлэһиттэрэ, аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ саба түһэннэр үмүрүттүлэр. Ордук чорботон тэрээһин бэлэмин иилээбит-саҕалаабыт тренер Антуан Харлампьевы уонна кырачаан бөҕөстөр истэрэ тот сылдьарын, хонуктара сылаас буоларын хааччыйбыт орто оскуола үлэһиттэрин ахтарбыт тоҕоостоох.
Күрэх үөрүүлээх арыллыытыгар нэһилиэк баһылыга Николай Карамзин, успуорка сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэһитэ Эдуард Старостин, Дьокуускай куорат физическэй култуураҕа уонна успуорка управлениетын салайааччыта Эдуард Ефимов эҕэрдэ тылларын эттилэр. Саҕаланыытыгар көрөөччүлэргэ бу үлүгэр элбэх оҕо ала түүн тустан бүтэллэрэ буолуо диэн санаалар киирбиттэрэ да буоллар, тэҥинэн түөрт көбүөрүнэн тустаннар сөпкө бүтэн тарҕастылар.
Туох барыта бүтэр уһуктаах, тохтуур түмүктээх буоларыныы наҕараадалар бэйэлэрин хаһаайыттарын буллулар. Ол курдук,
2016-2017 с. төрүөх уолаттарга 21 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 18 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Айсен Николаев (Алтан, Амма улууһа);
2 миэстэ – Ньургун Яковлев (Горнай улууһа);
3 миэстэ – Костя Платонов (Эмис, Амма улууһа);
3 миэстэ – Уран Олесов (ДЮСШ-5, Дьокуускай).
2016-2017 с. төрүөх уолаттарга 24 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 20 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Даниил Ларионов (Майа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа);
2 миэстэ – Владик Данилов (Хара, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа);
3 миэстэ – Богдан Иванов (Горнай улууһа);
3 миэстэ – Павел Иванов (Хаҥалас улууһа).
2016-2017 с. төрүөх уолаттарга 30 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 13 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Сулейман Залов (33-с оскуола, Дьокуускай);
2 миэстэ – Султан Залов (33-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Алексей Ксенжик (Дьокуускай);
3 миэстэ – Борис Бережнев (И.И.Захаров аатынан спорт.оскуола, Хатас).
2014-2015 с. төрүөх уолаттарга 24 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 33 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Даниел Сутаков (Алтан, Амма улууһа);
2 миэстэ – Арсен Черемкин (ДЮСШ-5, Дьокуускай);
3 миэстэ – Любомир Обоев (Алдан);
3 миэстэ – Еркен Обутов (Бөтүҥ, Амма улууһа).
2014-2015 с. төрүөх уолаттарга 26 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 20 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Аман Николаев (Алтан, Амма улууһа);
2 миэстэ – Ариан Десяткин (25-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Арыйаан Ефремов (ЧРССШИОР, Чурапчы);
3 миэстэ – Богдан Петров (Амма, Амма улууһа).
2014-2015 с. төрүөх уолаттарга 28 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 24 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Иван Соломонов (Хаҥалас улууһа);
2 миэстэ – Федор Яковлев (25-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Костя Яковлев (25-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Харысхан Саввинов (ДЮСШ-5, Дьокуускай).
2014-2015 с. төрүөх уолаттарга 30 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 34 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Айаан Петров (Хара, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа);
2 миэстэ – Айаал Сивцев (Мугудай, Чурапчы улууһа);
3 миэстэ – Дмитрий Кириков (Майа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа);
3 миэстэ – Василий Иванов (Хатас).
2014-2015 с. төрүөх уолаттарга 48 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 18 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Роман Прохоров (И.И.Захаров аатынан спорт.оскуола, Хатас);
2 миэстэ – Ярик Иванов (Хаҥалас улууһа);
3 миэстэ – Коля Никитин (Бөтүҥ, Амма улууһа);
3 миэстэ – Андрей Осипов (Абаҕа, Амма улууһа).
2012-2013 с. төрүөх уолаттарга 28 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 23 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Александр Шепелев (ДЮСШ-3, Дьокуускай);
2 миэстэ – Еремей Потапов (Амма нэһ. Амма улууһа);
3 миэстэ – Данияр Десяткин (25-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Оскар Громов (Хаҥалас улууһа).
2012-2013 с. төрүөх уолаттарга 30 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 12 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Диас Сергеев (ДЮСШ-5, Дьокуускай);
2 миэстэ – Юлиан Башарин (ДЮСШ-5, Дьокуускай);
3 миэстэ – Эрэл Петров (25-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Эдуард Теплоухов (Хаҥалас улууһа).
2012-2013 с. төрүөх уолаттарга 32 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 28 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Николай Никифоров (Амма нэһ., Амма улууһа);
2 миэстэ – Саян Моякунов (25-с оскуола, Дьокуускай);
3 миэстэ – Данил Жирохов (ДЮСШ-3, Дьокуускай);
3 миэстэ – Эрхан Березкин (25-с оскуола, Дьокуускай).
2012-2013 с. төрүөх уолаттарга 35 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 25 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Эрсан Докторов (ЧРССШИОР, Чурапчы);
2 миэстэ – Артур Кириллов (Уус-Алдан улууһа);
3 миэстэ – Сахаян Шестаков (ДЮСШ-3, Дьокуускай);
3 миэстэ – Борис Протодьяконов (ДЮСШ-3, Дьокуускай).
2009-2011 с. төрүөх уолаттарга 44 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 29 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Владик Стручков (Уус-Алдан улууһа);
2 миэстэ – Ринат Охлопков (Уус-Алдан улууһа);
3 миэстэ – Дамир Хабров (Уус-Алдан улууһа);
3 миэстэ – Эрчим Ефимов (Дириҥ, Чурапчы улууһа).
2009-2011 с. төрүөх уолаттарга 62 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа уопсайа 10 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Арьян Неустроев (Дириҥ, Чурапчы улууһа);
2 миэстэ – Саян Шестаков (Дьокуускай);
3 миэстэ – Алексей Чириков (Уус-Алдан улууһа);
3 миэстэ – Айгылаан Николаев (Эмис, Амма улууһа).
2014-2015 с. төрүөх уолаттарга 30 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа уопсайа 2 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Артем Никитин (Хара, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа);
2 миэстэ – Дьулуур Корякин (Горнай улууһа).
Кыайыылаахтар бука бары 15 ыйааһыҥҥа мэтээллэринэн, кубоктарынан уонна бириистэринэн наҕараадаланнылар. Маны сэргэ түөрт уонтан тахса анал бириистэр туруорулланнар кырачаан бөҕөстөр илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Уопсайа сүүсчэкэ бирииһи маастардар бэйэлэрэ уонна аймахтара, доҕотторо, табаарыстара, үөлээннээхтэрэ, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, Николай Захаров — Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолата, Алтан дьаһалтата, тэрилтэлэрэ, аҕам саастаахтарын түмсүүтэ, биирдиилээн дьон уонна успуонсардар туруордулар. Түгэнинэн туһанан, маастардарбыт тэрээһин ыытылларыгар күүс-көмө буолбут бука бары дьоҥҥо, өйөбүл буолбут успуонсардарга дириҥ махталларын тириэрдэллэр. Кинилэр өйөбүллэринэн өрспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустубут 300-тэн тахса кырачаан бөҕөстөр тыҥааһыннаах күрэхтэрэ бэрт өрө күүрүүлээхтик, киэҥ далааһыннаахтык ааста.
Хапсыһыыларга кырачаан бөҕөстөр кимиилээх киирсиилэрэ, кыайыыга дьулуһуулара, хотторууттан абаран сымыһахтарын быһа ытырыылара, харахтарын уулара тохтуута барыта көрө-сэргии кэлбит дьону дууһаларын кылын таарыйда. Бу оҥой-соҥой көрбүт уолаттартан инникитин хайалара эмит чулуу тустуук буола үүнэн тахсыа, сардаҥалаах сарсыҥҥыны түстээбит бастакы көбүөрүн сылаастык ахтыа-саныа диэн бигэтик эрэнэбит.
Татьяна Атласова.