Кырачаан олоҥхоһуттар дьоһун ситиһиилэрэ

Амма Наахара нэһилиэгин Туяра Мартынова салайар «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөҕө Амма улууhугар олоҥхону инники таhаарбыт, СӨ культуратын туйгуна Анисия Даниловна Софронова сырдык аатыгар анаммыт күрэхтэн ситиһии сиэтиилээх кэллэ.

Ол туһунан салайааччы Туяра Захаровна маннык сырдатар:

-Олунньу 15 күнүгэр «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэй!» диэн Өрөспүүбүлүкэ иһинэн уһуйаан, оскуола оҕолоро уонна улахан дьон олоҥхо бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн ааҕыытын күрэҕэ үрдүк таһымна ааста. Бу күнү Аммалар киэн туттар киһибит Бөтүҥ нэһилиэгэр «Оллоон» фольклорнай бөлөх салайааччытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Анисия Даниловна Софронова төрөөбүт күнүгэр оҥордулар. Кини үлэтин сырдатар быыстапка турбута тэрээһини олус киэргэттэ. Тэҥҥэ алтыһан үлэлээбит чулуу киһибитин ахтан- санаан аастыбыт. Биһиги нэһилиэкпититтэн «Дуораанчык» уһуйаан, Үлэ Дьоруойа П. И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын Амматааҕы О. П. Иванова — Сидоркевич аатынан эбии үөрэхтээһин филиалын «Үруйэчээн» фольклорнай бөлөх оҕолоро үрдүк ситиһиилээхтик кытыннылар.

Кыраларбыт «Дуораанчык» уһуйаан иитиллээччилэрэ биирдиилээн олоҥхо ааҕыытыгар Юрий Борисов «Кэскил бухатыыр» уонна Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхолортон быһа тардыыны аахтылар. Кыракый олоҥхоһуттарбыт Ганя Пахомов «Дорҕоонноох толорооччу», Мира Романова «Түөлбэ үгэһин тутааччы», Уйгууна Кузьмина «Ийэ кылыһахтаах толорооччу» анал ааттары ыллылар. «Үрүйэчээн» кыра бөлөҕө Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун ааҕан 2 үрдэлгэ таҕыстылар. Онон «Үрүйэчээннэр» үөрүүбүт муҥуру суох».

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын көрсө олоҥхону үгэс быһыытынан толорууну олохсутар, сайыннарар, тарҕатар, Олоҥхо тыынын тилиннэрэр сыаллаах үлэ күүскэ ыытыллар. Саха норуотун баайын — олоҥхону сөпкө толорууга утумнаахтык сыраларын ууран туран үлэлиир салайааччыларга махтанан туран, оҕолорбутун — ыччаттарбытын түмэн, өйөөн дьаныардаахтык үлэлиэҕиҥ — хамсыаҕыҥ!

Ирина Корякина-Олесова.

Читайте дальше