Кыыл таба булдугар

Иккис сылбын тус хоту үлэлии сылдьабын. Дойдубар син орто булчут ахсааныгар сылдьар эр бэрдэ этим. Манна сааскы хааска, күһүҥҥү куска син сырыттым. Бу дойду көтөрө-сүүрэрэ, балыга биһиэнигэр тэҥэ суох дэлэй, улахан, эмис, көҥүл. Аны улахан туйахтаах кыыл булдугар сылдьыбыт киһи диэн бүччүм санаалаахпын.


Арай сэтинньи ый бүтүүтэ, «полярнай» түүннэр буолбуттарын кэннэ, мин салайар тэрилтэбэр дуогабарынан таба этин туттарар ини-бии Слепцовтар үлэбэр киирэн кэллилэр. Кыратык үлэ-хамнас туһунан кэпсэппитэ буолаат: «Доҕоор, биһиги муора диэки кыыл табаны бултаһа бараары гынныбыт. Көҥүл, тиэхиньикэ, база, бензин, саа-сэп барыта баар. Салгын сии, хоту дойду булдун көрө барса сылдьыбаккын дуо?» — диэн этиилээх буоллулар. Мин бэйэм да итиннэ санаалаах буоламмын «эгди» буола түстүм. Сөбүлэһэн, илии тутуһан, махтанан, өйүүн нэдиэлэ холобурдаах кэмҥэ бултуу барыах буолан тарҕастыбыт. Мин оҥосторум диэн тугу бэлэмнэниэхпиний? Дьонум буранынан айанныырга таҥас-сап, бултуурга саа-сэп, аара айаҥҥа өйүө барыта баар диэбиттэрэ. Арай биир нэдиэлэ улуус баһылыгыттан биир нэдиэлэ көҥүллэтии ылбыта буоллум. Баһылыгым, арай, мин көрдөхпүнэ, ымсыырбыт курдук туттар, Слепцовтары хайгыыр «байанайдаах булчуттар, дьиҥ чахчы туундара хоһууттара» диэн ааттыыр.

Барар күммүт тирээн кэллэ. Дьиэбэр кэлбиттэригэр ааҥҥа ойон тиийбитим — хойуу туманы ортотунан күөдэл курдук таба таҥаһын туппутунан Иван Прокопьевич быраатынаан саала ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр. «Ыксаабакка таҥнаар, биир чааһынан кэлиэхпит», — диэт хайдах кэлбиттэрин курдук дьонум «элэс» гынан хааллылар. Мин сылытар радиаторга таҥаспын биир-биир сааһылаат оргууй аҕай таҥнан-симэнэн киирэн бардым. Чараас баккы таһынан биир таба ыстааны, онтон кухлянканы кэтэн баран биир таба ыстааны таһынан кэтии буолла. Дьиэм да сылаас, түү да таҥас итиитэ сүрдээх. Икки сэҥийэбинэн уу чаккырыы-чаккырыы аны ниэрпэ сэлиэччиги таһынан хамылыайка тас саҕынньаҕы, үүс бэргэһэни, бөрө үтүлүгү, таба «малахаай» бэргэһэни кэтии буолла. Атахпар бөрө кээнчэтин таһынан чукчалар «плеки» диэн ааттаан таба ыырааҕын түүтүнэн таҥан оноһуллубут этэрбэстэрин кэттим. Ыксаан, сөрүүкээри таһырдьа тахсан дьоммун кэтэстим. Таһырдьа халлаан тымныйбыт, хаар хаачыргыыр, арааһа, 40 кыраадыс тымныы баар быһыылаах.

Дьонум кэтэһиннэрэ түһэн баран түөрт сыарҕалаах буранынан кэлээттэрин кытта, тус хоту диэки айанната турдубут. Киһи хараҕа ыларын тухары муус маҥан нэлэмэн туундара. Туундара ыраахтан көрдөххө эрэ киэҥ нэлэмэн көнө хонуу курдук дойду. Дулҕата, охсуута, нэксиэтэ, киһини ыарыылаах баҕайытык сырбатан ааһар, талаҕа дэлэйэ сүрдээх. Уолаттар бураннарын муҥ кыраайынан ойуталлар. Эн хайдах иҥнэн, тутуһан олороргор соччо баардылаабаттар. Арааһа, маннык кубу-дьиби айаннаатахха эрэ сири хорутабыт быһыылаах дии саныыбын. Икки чаас холобурдааҕынан «көҕүрэттэ» диэн тохтоотубут. Хос-хос таҥаспыт манна улаханнык мэһэйдиир эбит. Уолаттарым миигиттэн «төһө бэркэ айаннаан иһэрбин» ыйыталлар. «Ээ, бэрт», — эрэ диибин. Дьэ, итинник куугуначчы айаннаан иккис күммүт киэһэтигэр туундара ортотугар тохтоон сынньанар буоллубут. Түөрт бураан наартатын иҥнэри түһэрэн баран хаттааманан бүрүйээт, ортотугар сытан үс чаас холобурдаах харахпытын симэн, сымнатан ыллыбыт. Ити тухары балтараа күн устата уот оттон күөстэнэн, чэй оргутан аһааһын диэн суох. Саппаас хаатыҥкалар истэригэр угуллубут тиэрмэстэртэн кыратык чэй эрэ иһэбит.

Ортотунан туораан Муустаах муора диэки түһүөхтээх Халарчабыт туундарата уйаара-кэйээрэ суох киэҥ дойду эбит. Хараҥаны кытта ыксаласпыт күннэр тураннар ханан да айаннаан иһэрбит дьүүлэ-дьаабыта биллибэт. Онно эбии тыаллаах, тибиилээх. Сороҕор инникилээн иһэр Иван Прокопьевич мунааран тохтуу түһэр: үүс бэргэһэтин устан тугу эрэ иһиллиир, ол-бу диэки көрөн мэлээриҥниир. Онтон уоскуйбакка халыҥ баҕайы тоҥуу хаары хаһан тибилийэн сири көрөн турбахтаат, үөрбүт курдук биһиги диэки көрөөт, барар хайысхабытын ыйан даллах гынар. Бураммытыгар олороот салгыы куугуната турабыт. Өссө күн аҥаара курдук айаннаат «дьэ, кэллибит» диэн буолла. Тохтоотубут.

Табаахтаан, тиэрмэстэрбититтэн сойон хаалбыт чэйбитин ыймахтаат, сүбэлэһии буолла – дьоммут үс аҥы арахсар буоллулар. Биһиги Уйбаанныын хаалан тоһуйабыт быһыылаах. Дьоннорум сороҕор бэйэлэрин тылларынан саҥаран «сордууллар». Дьоннорбут «элэс» гыммыттарын кэннэ чаас холобурдааҕынан киһим: «Бу иһэллэр!» — диэн хаһыытаата. Мин оччойо-оччойо көрө сатыыбын да, тугу да дьүүллээн одуулаан көрбөппүн. Хараҥата да бэрт. Арай, ыраах былыт курдук устан ааһар туох эрэ баар курдук. Ол эбит – табаларбыт тыыннара! Бураммыт наартатын арааран, сыбыдахтанан, собуоттаан, саабытын бэлэмнэнии буолла. СКС карабиннарга ботуруон угуннубут, үстүү сөллүбэт гына быанан баалла сылдьар обоймалары прикладка оноһуллубут хайаҕастарга симитэлээтибит, ботуруоннаах таба мөһөөччүктэрбитин ноторуускалыы иилиннибит. Уонна соторутааҕыта түспүт хаар, тибии өрө эһиллиэр диэри иннибит диэки ыстаннарыы буолла! Хаар тумарык ортотунан ытык курдук ыстаннаран иһэн киһим: «Стреляй да стреляй!» — бөҕө буолла. Дьэ, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм хараҥаҕа онон-манан табалар барыҥнаһаллар эбит. Мин, дьэ эбэтээ, туһаайа-туһаайа чыыбыспын тарт да тарт. Киһим буранын гаһын быраҕаат, эмиэ ытыста. 50-чата ыттыбыт быһыылаах. Хаар будулҕан ортотугар булпутун табабыт эрэ таппаппыт, айбыт таҥара уонна Байанай бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Муҥ кыраайынан ыстаннаран иһэн бураантан эһиллимээри, ону да дьүһүннээн көрүү суох. Эмискэччи «һуу» диэбит курдук уу-чуумпу буолан хаалла. Табаларбыт кэлбиттэрин курдук түргэнник «сус» гынан хааллылар.

Тоҥуу хаары оймоон, төһөнү бултаабыппытын биир сиргэ чөмөхтөөһүн буолла. Түөскэр диэри хаарга тобулу түһүөххүн, били, таба ыырааҕыттан аттарыллыбыт таба атах таҥаһа абырыыр эбит. Сарайан биэрэн тоҥуу хаарынан хаамарга бэрт табыгастаах. Дьоммут кэлиэхтэригэр диэри мин сырам-сылбам баранан туран бултаабыт булпутун биир сиргэ мустум, онуоха диэри Уйбааным биэс табаны сүлэн, истэрин ороон, атахтарын быһыталаан хаарга батарыта анньан туруортаан кэбистэ.

Дьоммут ити аата муораттан тахсан иһэр табалары эргитэн биһиэхэ аҕалбыттар эбит. Бэйэлэрэ эмиэ эккирэтэ сылдьан син бултуйбуттар. Дьэ, манна күөс буһаран сыалаах сибиэһэй эт маанытын, эмиһин сиэһин, аһааһын буолла. Дьонум сылаас хааны, бүөрү, быары, таба хараҕын бэрт минньигэстик туттан-хаптан аһыыллар эбит. Мин «сиэбэппин» диэтэхпинэ соһуйбуттуу адаарыччы көрөн кэбиһэллэр. Мин өссө үс күн кинилэри кытта сылдьыһан баран Иван Прокопьевичтыын дьиэлээбиппит. Дьиэбэр кэлэн баран нэдиэлэ курдук көһүйэн, сылаарҕаан нэһиилэ үлэлээбитим. Эт киһи сатаан сылдьыбат сырыылаах, айаннаах дьонноро эбит этэ, ол хоту дойду хоһууттара.

 

Михаил ЖИРКОВ

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше