СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Софья Сидорова аатынан бочуоттаах бэлиэ хаһаайына, өр сылларга Амма улууһун социальнай эйгэтин салайбыт Прасковья Емельянова төрөөбүтэ 60 сылыгар аналлаах “Кыыс Чөмчүүк” диэн лидер кыргыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ олус интэриэһинэйдик сэргэхтик ыытылынна. Прасковья Ивановна чахчы да Аммабыт күндү чөмчүүгэ буолан, кылгас, ол эрээри олус далааһыннаах, таһаарыылаах чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Онон кини үбүлүөйдээх сааһыгар бөтүҥнэр маннык суолталаах, кэскиллээх тэрээһини ыытан, лидер кыргыттары түмтүлэр. Дьэ маннык бастакы, инникитин салайааччы буолар тахсарга улахан үктэли уурар күрэх кыайыылаахтара кимнээх буоллулар?
Бу күрэҕи Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата нэһилиэгин дьаһалтатын уонна дьахталларын сэбиэтин өйөбүллэринэн тэрийэн ыытта. Ону сэргэ партнердарынан СӨ дьахталларын хамсааһынын сойууһа, Амма улууһун үөрэҕин управлениета, Амма улууһун дьахталларын сэбиэтин салалтата. Бастакы кэтэхтэн сүүмэрдээһини ааһан, кыайыыны ситиһэргэ биэс этабы кимнээх аастылар? Ол курдук Амма Наахараттан П.И. Яковлев аатынан орто оскуолаттан 8-с кылаас үөрэнээччитэ Яна Егорова, А.Е. Кралин аатынан Абаҕа оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Дарина Стручкова, Н.Е. Иванов аатынан орто оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Кира Прокопьева, В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх орто оскуолатын 9 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Виталия Малыкайцева, М.Н. Сибиряков аатынан Сэргэ Бэс оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Саргылана Данилова, Горнай улууһун Дьиикимдэ орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Саина Мордовская, Дьокуускай куорат кытыытын Тулагы орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Лилиана Бястинова уонна Е.С. Никитина аатынан Алтан орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Сардана Сутакова кэлэннэр кытаанах тургутууну аастылар.
Түһүмэхтэри кылгастык билиһиннэрэр буоллахха кыргыттар төрүччүлэриттэн кэпсээтилэр, Саха сирин салайааччы дьахталларын төһө билэллэрин бигэргэттилэр, араас салайар идэни таланнар бэйэлэрин көрүүлэрин Олоҥхо ыһыаҕынан билиһиннэрдилэр, экспертэр боппуруостарыгар тута эппиэттээтилэр уонна түмүккэ талааннарын көрдөрдүлэр.
“Күрэхтэһии олус үрдүк таһымҥа барда. Кыттааччылар бары да таһымнаахтар, билиилээхтэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ онон ыарахан буолла. Бары тэбис тэҥнэр. Барыларыгар да туйгун сыананы туруоруохха сөп курдук. Мин бэйэм бу күрэххэ Анжелика Егоровна Андреева салайааччылаах Саха сирин дьахталларын Сойууһун аатыттан бэрэстэбиитэл буолан дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтим. Билэргит курдук бүгүн өрөспүүбүлүкэ дьахталларын түмсүүтүн форума буола турар. Онон кинилэр кыайан кэлбэтилэр. Тоҕо Бөтүҥҥэ диир буоллахха, бу нэһилиэктэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр салайааччы дьахталлар үүнэн тахсыбыттара. Ол курдук бастатан туран Үлэ Геройа буолбут Анна Михайловна Васильева – Сэбиэт Аана, СӨ култууратын миниистиринэн үлэлээбит, өр сыл өрөспүүбүлүкэ дьахталларын Сойууһун салайбыт Светлана Ефимовна Николаева, оскуолаттан ыла салайар үлэҕэ тахсыбыт, баһылык солбуйааччытынан үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буола үүммүт, убаастабылы ылбыт Прасковья Ивановна Емельянова уонна кини үлэтин баай холобуруттан элбэххэ үөрэммит, Бөтүҥҥэ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытыттан саҕалаан улуус баһылыгын солбуйааччытыгар тиийэ үлэлээбит, билигин Уус Майа улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениятын начальнигынан анаммыт Саргылана Васильевна Борисова. Бу бары Бөтүҥ сириттэн-уотуттан силистээх-мутуктаах салайааччы дьахталлар буолаллар. Күрэххэ кэлбит кыргыттар бары чаҕылхайдар, боппуруостарга да чопчу эппиэттииллэр, дьиҥ лидер кыргыттар кэлэн күрэхтэспиттэрин көрөн, сыаналаан олус астынныбыт уонна күрэх буоларын быһыытынан бастыҥнары быһаардыбыт”, — диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Амма нэһилиэгин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Марфа Дмитриева санаатын үллэстэр.
Дьэ кырдьык да лидери быһаарар уустугун иһин, дьүүллүүр сүбэ сиэрдээхтик үлэлээн кыайыылаахтары быһаарда, анал ааттары анаата. Сүбэҕэ өссө Прасковья Ивановна бииргэ төрөөбүт балта Ирина Олесова уонна олохтоох култуура кииниттэн Марианна Кырбасова киирдилэр. Күрэх түмүгэ маннык буолла:
«Сарсыҥҥыны салайааччы» анал аат — Кира Прокопьева, Бөтүҥ орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, «Удьуору утумнааччы» уонна “Көрөөччү биһирэбилэ” — Саина Мордовская, Горнай улууһун Дьиикимдэ орто оскуолатын 9-с кылаас үөрэнээччитэ, «Талба-талаан» – Дарина Стручкова, Абаҕа орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, «Кэскиллээҕи тэрийээччи» – Лилиана Бястинова, Тулагы орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, онтон Саха сирин дьахталларын сойууһа олохтообут харчынан бирииһинэн, ону сэргэ Прасковья Ивановнаны кытта өр сыл бииргэ үлэлээбит, салайар үлэҕэ сирдээбит Василий Федорович Яковлев анал бирииһинэн Сэргэ-Бэс оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Данилова Саргы наҕараадаланна. Маны тэҥэ меценат, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Анна Брызгаева күрэҕи тэрийбит Бөтүҥ орто оскуолатыгар анал бирииһин анаан, оскуола дириэктэригэр Акулина Ивановаҕа туттарда.
Дьэ онтон күрэх кыайыылаахтарынан быһаарыыга бастакы үрдэли Сэргэ Бэстэн Саргылана Данилова ылан СӨ Дьахталларын сойууһун харчынан бириэмийэтин, иккис үрдэлгэ тахсан Амма Наахараттан Яна Егорова СӨ «Дьүөгэлиилэр» түмсүү Амматааҕы филиала уонна Бөтүҥ нэһилиэгин «Матери России» уопсастыбаннай хамсааһын харчынан бириэмийэлэрин, үһүс үрдэли ылбыт Амматтан Виталия Малыкайцева СӨ дьахталларын тэрилтэлэрин холбоһугун Амматааҕы филиала уонна Амматааҕы «Үһүс көлүөнэ оскуолата» туруорбут харчынан бириэмийэлэрин туттулар. Онтон күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан Алтантан Сардана Сутакова тахсан ХИФУ Президенэ Евгения Михайлова анаабыт «Сосновнай бор» лааҕырга путевка уонна «умная колонка» бирииһин уонна Саха сирин дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева илии баттааһыннаах Гран при буолбутун туоһулуур эҕэрдэ суругун тутта. Ону сэргэ Сардана Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтата анаан оҥорторбут Прасковья Емельянова мөссүөннээх анал чороонунан наҕараадаланна.
Күрэхтэһээччилэргэ анал ааттарга бириистэри Бөтүҥ нэһилиэгин «Ай-санаа» эдэр ийэлэрин түмсүүтэ (салайааччы Кырбасова М.С.), СӨ дьахталларын тэрилтэлэрин холбоһугун Бөтүҥнээҕи филиала (салайааччы Сутакова Т.Г.), Амма улууһун «Матери России» уопсастыбаннай хамсааһын (салайааччы Архипова О.И.) уонна Прасковья Ивановна аймахтара туруордулар.
“Олус бэртээхэй күрэх буолла. Наһаа астынныбыт. Уопсайынан да Бөтүҥ орто оскуолата маннык интэриэһинэй, улахан күрэхтэһиилэри тэрийэр. Биһиги кинилэри кытта ыкса үлэлээбиппит ыраатта. Кыргыттарга чахчы да салайааччы буолар инники өртүгэр олук буолар тэрээһин буолла. Мин аҕалбыт кыыһым Лилиана Бястинова кыра кылаастан туйгуннук үөрэнэр. Сэмэйдик кыттар эрээри, бэйэтин санаатын атыннык этэр. Мин бүгүн бэйэм оҕо сааспын санаатым. Тоҕо диэтэр оскуолаҕа олох хамандыыр этим. Онон да буолуо кэнники оскуола дириэктэринэн 14 сыл устата үлэлээбитим. Бүгүн кыргыттар боппуруостарга да олус бэркэ эппиэттээтилэр. Боппуруостар да интэриэһинэйдэр. Холобура салайааччы буоллаххына хайдах саҕалыан этэй диэн ыйытыкка, биһиги бастаан урут үлэлээбит салайааччыны наставник оҥостуохпут этэ диэн наһаа үчүгэйдик эппиэттээтилэр. Хайа уонна бэйэлэрин олус эрэллээхтик тутталлар дии. Маннык күрэхтэр кэннилэриттэн оҕолор өссө сайдыахтара. Онон наһаа бэртээхэй күрэх буолла, биһиги астынан баран эрэбит”, — диэн Тулагы орто оскуолатын математикаҕа учуутала Изабелла Иванова санаатын үллэһиннэ.
Күрэх кыттааччыларыгар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Никитин, Прасковья Ивановна төрөппүт кыыһа, улуустааҕы эпиэкэ салаатын салайааччыта Саргылана Хван, истиҥ дьүөгэтэ, өр сыл бииргэ алтыһан үлэлээбит Марфа Дмитриева тириэртилэр уонна маннык күрэх тэриллэригэр, үтүө киһи аата умнуллубатыгар махтал тылларын тириэртилэр.
“Амма олоҕо” хаһыат