Ыанньыксыттар барахсаттар кыһыны быһа сииктээх хотон кэнниттэн сайылыктарга тахсалларын тулуйбакка кэтэһэллэр. “Болугур” хаһаайыстыба ыанньыксыттара сайылыктарыгар Ньукуолуҥҥа тиийбэккэ, ыам ыйын 15 күнүгэр тиэтэйэ-саарайа тахсыбыттара.
“Оо, сайылыкпытын ахтыы бөҕө буоллаҕа дии. Хотоммут да эргэтэ. Быйыл бука онно кыстаабаппыт буолуо. Онон сииктээх, тымныы хотонтон сайылыкпыт барахсаныгар эрдэ тахсыбыппыт. Билигин манна 3 ыанньыксыт баар. Уопсайа 80 ынахтаахпыт. Күҥҥэ тонна курдугу ыыбыт. Дойкалаахпыт. Уоппут баран эрэйдээтэ гынан баран, дизеллээх буолан абыранабыт. Үчүгэйдик олоробут гынан баран, өссө үлэһит баара буоллар олох үчүгэй буолуо этэ”,- диэн этэр ферма старшайа Туяра Иванова.
Липпэлээх сайылык ыаллара олус үчүгэйдик, тып-тап курдук туттан биир тиэргэҥҥэ олороллор эбит. Туох да ыһыллыы-тоҕуллуу суох. Сибэкки бөҕө үүннэрбиттэр. Бары биир олбуорга дьукаахтаһан, оҕуруот үүннэрэн, хортуоппуй ыһан быр бааччы олороллорун көрөн киһи эрэ сэргиир. Ферма старшайа Туяра Афанасьевна бэйэтэ 15-сылтан ордук хаһаайыстыбаҕа үлэлиир. Сотору бочуоттаах сынньалаҥҥа барыахтаахпын диир. Дьэ маннык бэриниилээх үлэһиттэрдээх буолан тыа хаһаайыстыбата этэргэ диэри “чууп-чаап” диэн олорор. Үлэһиттэр билигин сүрүн кыһалҕалара үүттэрин тиэйэр массыына буолбута. Баарын баар, ыларын ылар эбит эрээри, кыра иһиттээх буолан, күҥҥэ иккитэ, бэл ардыгар үстэ кырынар эбит. Онон асчыт үлэтигэр бэрт моһуоктаммыт. Күнэ ол массыынаны кэтээһиҥҥэ барар эбит. Онон бу кыһалҕаны быһаараллара буоллар диэн баҕа санаалаахтар.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат