Лиссиэй үөрэнээччилэрэ дьоһун салайааччы суолун тэлэллэр

Амматааҕы лиссиэйгэ Саха республикатын маҥнайгы Президенэ Михаил Ефимович Николаевка анаммыт Декадата оҕолору, төрөппүттэри уонна учууталлары бииргэ сомоҕолоото, түмэ тарта.

Декада Михаил Ефимович Николаевка аналлаах улахан линейкаттан уонна кылаас чаастарыттан саҕаланна.

Салгыы өбүгэбит үтүө үгэһин сөргүтэр 5-8 кылаас уолаттарыгар аналлаах олус сэргэх «Байанай  — 2023»  күрэх сэтинньи 11күнүгэр буолан ааста. Күрэҕи оскуола төрөппүттэрин Аҕа Сүбэтэ уонна эр дьон учууталлар көҕүлээн тэрийдилэр, ыыттылар. Күрэхтэһии сыалынан-соругунан  ыччакка омук үгэһин билиһиннэрии, айылҕаҕа сырытыннарыы, иитии, булт– алт үгэстэригэр сыһыарыы, эр киһи үлэтигэр уһуйуу буолар. Күрэх Уһун күөлгэ сэттэ көрүҥүнэн ыытылынна: xаар ыраастааһына, сыал ытыыта, балыктааһын, ойбон алларыыта, булчут омоон суолунан билии, күүһү-уоҕу тургутуу уонна 100 миэтэрэҕэ тоҥуу хаарынан сүүрүү.

Түмүккэ 5-6  кылаастар икки ардыларыгар 6 “а”-лар, 7-8 кылаастарга 7 “б”-лар кыайан-хотон, анал  грамоталарынан уонна Баай Байанайтан балыгынан, куһунан  хатаҕаланан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Байанай күрэҕэ бээтинсэҕэ аны  алын кылаастарга ыытыллыа.

Маны сэргэ, оскуола иһинэн математика уонна физика учууталларын холбоһуга «Инженернэй күрэҕи» ыытта. Нэдиэлэ устата оҕолор бырайыак оҥорон, өйдөрүн-санааларын сытыылаатылар, булугас өйдөрүн көрдөрөн., сэтинньи 13 күнүгэр көмүскэннилэр. Күрэх сорудахтарын лицей выпускнига, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын үөрэтэр физико-техническэй институт научнай сотруднига Василий Егорович Захаров оҥордо.

7-8 кылаастар Голдберг Массыынатын, 9-10 кылаастар гидравлическай илиини оҥорго холоннулар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ техническэй 11”а” кылаас үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэр, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы  Василий Дьяконов, ОДЬХ ититэр системаларын маастара  Артур Иванов үлэлээтилэр, оҕолор үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатылар.

Салгыы Декада түмүгүнэн оскуола иһинээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференция эмиэ наукаҕа сыһыаннаах оҕолору түмэ тардыа.

Лиссиэй үөрэнээччилэрэ саханы саха дэппит, дьоһуннаах салайааччы суолун тэлэн, сонун арыйыылары, наукаҕа бастакы хардыыларын оҥороллор. Онно лиссиэй төрөппүттэрэ да, учууталлара да куруук көмөҕө кэлэргэ бэлэмнэр.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше