Лиссиэй үөрэнээччилэрэ өбүгэ сиэригэр-туомугар уһуйуллаллар

Амма лиссиэйигэр Олоҥхо нэдиэлэтэ сахалыы алгыстан уонна үөрүүлээх линейкаттан саҕаланна. Нэдиэлэ устата оскуола оҕотун барытын хабан туран, араас хабааннаах тэрээһиннэр, олоҥхо уруоктара, кылаас чаастара ыытылыннылар.

Ол курдук, алын кылаас үөрэнээчилэрэ  пластилинынан олоҥхо геройдарын оҥорон,  О.Иванова-Сидоркевич аатынан оҕону сайыннарар кииҥҥэ быыстапкаҕа кытыннылар. И.Теплоухов «Кулун Куллустуур» олоҥхотугар куукула оҥорон, олоҥхо уһуларга холонон көрдүлэр. Бары тутуспутунан  биир дойдулаахпыт, олоҥхоһут Устин Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» олоҥхотун көрдүлэр, улуустааҕы оҕо библиотекатыгар сырыттылар.

Онтон үрдүкү кылаас оҕолоро Чакыртан ыалдьыт буолбут Варвара Ефимова толоруутугар, Ийэ олоҥхоһут Дарья Томская-Чайка «Үчүгэй Үөдьүгүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур» олоҥхотун иһиттилэр, дьыктаан суруйдулар. Оскуола библиотекарьдара Оконешникова  Людмила Романовна, Алексеева Анна Степановна олоҥхоҕо сыһыаннаах библиотечнай уруоктарыгар сылдьан, элбэх саҥаны биллилэр.Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатыгар «Кыл кылыһах» фольклорнай бөлөх маастар-кылааһыгар сылдьан, сахалыы төрүт инструменнарга оонньоон көрдүлэр, өбүгэбит сиэригэр-туомугар сыстан, сүргэлэрин көтөхтүлэр.

Маны сэргэ, 5-7 кылаас үөрэнээччилэригэр «Олоҥхо дойдутугар айан» квест-оонньуу олус сэргэхтик ааста.  Түмүккэ муҥутуур  кыайыылааҕынан 6 «б»  хамаандата ааттанна.

Бу курдук, Олоҥхо нэдиэлэтэ  алта күн устата тиһигин  быспакка барда. Оскуола бүттүүн норуот тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала — Олоҥхо нөҥүө, төрүт үгэскэ үөрэннэ, өбүгэбит олорон ааспыт историятын быыһын сэргэхтик сэгэтэн көрдө.

Наталия РЯЗАНСКАЯ.

Читайте дальше