Лиссиэйгэ «Өксөкүлээх сардаҥата» умайда

Кулун тутар 16 күнүгэр айар тыл аҕата, саха литературатын төрүттээбит А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ.
Бу күн «Таатта» литературнай-художественнай түмэлигэр (Хадаайы) Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕанын көмүлүөк оһоҕуттан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көстөр быһа холбонуунан, «Өксөкүлээх сардаҥата» уоту ылыы буолла. Таатта улууһун баһылыга Айаал Семенович Бурцев, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Рива Реасовна Кулаковская Өксөкүлээх сардаҥатын Саха сиригэр сандаартылар. Ол курдук бүгүн үөрэх нэдиэлэтин аһар үөрүүлээх линейкаҕа Л. В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйэ бу суолталаах, дьоһун тэрээһиҥҥэ эмиэ кыттыста.

Өксөкүлээх Өлөксөй чүмэчитин уотун Таатта улууһугар ыытыллыбыт «Куолу — 2024» араатардар күрэхтэрин кыайыылааҕа, 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ Кэскил Исаков уматта. Тэрээһини Педагог-организатор Зинаида Ивановна Бураева, саха тылын, литературатын учууталлара Мария Дмитриевна Ноговицына, Наталия Константиновна Рязанская ыытыллар. Оҕолорго улуу суруйааччы олорон ааспыт олоҕун, айар үлэтин, айымньыларын кэпсээтилэр. Лицей үөрэнээччилэрэ тэрээһинтэн үгүһү билэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше