Үлэ нэдиэлэтэ саҕаланар күнүгэр улуус баһылыга Степан Кузьмин биллиилээх режиссер Дмитрий Давыдовы уонна Амма улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаһы кытта көрүстэ.
Режиссер Дмитрий Давыдов баһылыкка инники былааннарын, билигин ыыта сылдьар үлэтин туһунан билиһиннэрдэ. Биллэрин курдук быйыл сайын Ил Дархан Айсен Николаев Аммаҕа кэлэ сылдьан Степан Бурнашеву уонна Дмитрий Давыдовы кытта өрүс биэрэгэр олорон истиҥник кэпсэппиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ баһылыга саха киинэтин сайдыытыгар кинилэр санааларын истибитэ. Онно режиссердар 2026 сылга Амма сиригэр-уотугар аан дойду таһымнаах киинэ фестивалын ыытарга этии киллэрбиттэрин Айсен Сергеевич өйөөбүтэ. Көрсүһүүгэ бу туһунан эмиэ дьүүллэстилэр. Бу күннэргэ режиссер Соҕуруу Кореяҕа уопут ыла бараары сылдьар.
“Биһиги улуус маннык талааннаах дьоннордоохпутуттан үөрэбит уонна астынабыт. Куруутуна да кинилэри өйүүбүт. Дмитрий Соҕуруу Кореяҕа барыытыгар эмиэ улуус өртүттэн көмө баар буолуо”, — диэн баһылык бэлиэтээн эттэ. Итини сэргэ бу күн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаска “Амма киэн туттуута” бэлиэ туттарыллынна. Байыас билигин бааһырыы ылан дойдутугар кэлэн эмтэниини бара сылдьар.
“Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт. Дойдуларын туһугар чиэстээхтик сулууспалыы сылдьар уолаттарбытын куруутун өйүүбүт уонна өйүөхпүт даҕаны”, — диэн этэр Степан Николаевич.
“Амма олоҕо” хаһыат