Амма нэһилиэгин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Людмила Куприянова бүгүн быыбар бастакы күнүгэр биир бастакынан кэлэн куоластаата.
Бүгүн Арассыыйа историятыгар суруллар сүдү суолталаах күннэр үүннүлэр. Бу сарсыарда эрдэ туран сахалыы таҥаспын кэтэн, бырааһынньыктыы настарыанньалаах бэйэм 45 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакпар кэлэн бэйэм гражданскай иэспин толорон, Дойдум сайдарын, инникигэ эрэллээх буоларбыт туһугар куоласпын биэрдим. Быыбар табыгастаах буоллун диэн үс күн барар. Онон ким хайдах бириэмэлээҕинэн, бэйэтигэр сөптөөх түгэни аттаран кэлэн хайаатар да быыбарга кыттарыгар баҕарабын», — диэн Людмила Еремеевна санаатын тириэртэ.
«Амма олоҕо» хаһыат