Амма улууһун киин балыыһата Аан дойдутааҕы искэн ыарыыны утары күнү көрсө “Онконастороженность” диэн аахсыйа тэрийэн ыытта. Маннык аахсыйа үгэскэ кубулуйан ыытыллар буолбута хаһыс да сыла буолла. Быраастар бэлиэтииллэринэн сыллата көрдөрөр киһи ахсаана элбиир. Быйылгы аахсыйаҕа төһө киһи кэлэн доруобуйатын чинчийиигэ кытынна, искэн ыарыыга бэйэтин бэрэбиэркэлэннэ?
Ыарыыны эрдэттэн сэрэппит ордук. Ол ордук бу кэнники кэмҥэ өрө тахсыбыт искэн ыарыытыгар сыһыаннаах. Манна этэргэ диэри хойутааһын өлөр өлүүгэ тириэрдиэн сөп. Аан дойдутааҕы искэн ыарыытын утары күнү көрсө улуустааҕы стационарга “Онконастороженность” диэн аахсыйа ыытылынна. Онон сарсыардаттан стационар иһэ биир кэм оргуйан олордо диэххэ сөп. Бэйэм эмиэ бу “абааһы” ыарыытын эрдэттэн билэр ордук, көрдөрүнэн барыта этэҥҥэ буоллаҕына холкутук тыына сылдьар гына, эмиэ аахсыйаҕа кытынным. Стационарга киирээти кытта атаххар кэтэргэ бахиланы кытта ханнык бэрээдэгинэн көрдөрүнэр кыракый илиис биэрдилэр. Онон сирдэтэн аан бастаан анализ туттарар буолан, дьэ уһун, халыҥ уочаракка түбэстим. Олох эрдэлээтим дии санаабытым, дьон кэлэн ырааппыт. Анализ туттарыан иннинэ доруобуйаҕын чинчийэр сыаллаах анкета толороҕун.
Анализ кэнниттэн дьэ быраастарынан бараҕын. Онно киирдилэр: терапевт, хирург, онколог, гинеколог. Ону кытта ис уоргаҥҥын чинчийэр УЗИ, сүрэххэр ЭКГ, ону кытта онкоцитология аналиһа. Манна барытыгар дьон тоҕуоруһа мустан, уочарат үгүс буолла. Онон көрдөрүнэр уустуктанан, киһи аҕыйаатын диэн дьиэбэр баран аһаан кэллим. Аахсыйа сарсыарда 10 чаастан күнүс 2 чааска диэри этэ. Онон 2 чаас диэки кэлбитим балайда аччаабыттар. Онон дьэ исписэлиистэргэ көрдөрүннүм. Төһө да 2 чааска диэри буоллар, хаалбыт дьону көрөн, быраастар 3 аҥаар чааска диэри олордулар.
“Маннык аахсыйа тэриллэрэ олус үчүгэй. Биһиги Алтантан алтыа буолан киирбиппит. Биһиэхэ массыынаны нэһилиэкпит дьаһалтата биэрэн махталбыт улахан. Алтаҥҥа быраас суох. Хата кэлэн терапевка көрдөрдүбүт. Инникитин да маннык аахсыйалар буола турдуннар. Тэрийбит улууспут балыыһатыгар махтал”, — диэн Алтан нэһилиэгин олохтооҕо Раиса Адамова санаатын үллэстэр.
“Аахсыйаҕа кэлэн кыттаммыт барытын наһаа үчүгэйдик көрдөрдүбүт. Анализтарбытын биэрдибит. Терапевт направлениетынан УЗИ-га түстүбүт. Дьон бөҕө сырытта. Маннык аахсыйалары элбэхтэ тэрийэллэрэ буоллар. Кэлбэтэх киһи өссө да баһаам буоллаҕа дии. Саатар кыбаарталга биирдэ оҥороллоро буоллар. Билигин көрдөрүнэр уустук курдук буолла. Талоҥҥа дьон мээнэ тиксибэт. Онон инникитин маннык үтүө аахсыйалар буолар туралларыгар баҕарабыт уонна тэрийбит дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит”, — диэн Амма нэһилиэгин олохтооҕо Евдокия Афанасьева этэр.
“Биһиги сарсыарда 9 аҥаарга кэлбиппит. Аахсыйа буоларын туһунан социальнай сеттэн билбиппит. Киһи бөҕө этэ. Билигин терапевт аҕыйах буолан, суруттардаххына икки нэдиэлэнэн диэн буолар. Онон хайаатар да көрдөрүнэргэ диэн кэлбиппит. Биллэн туран ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр ордук буоллаҕа дии”, — диэн этэр эмиэ Амма нэһилиэгин олохтооҕо Марфа Кычкина.
“Бөтүҥтэн киирэ сылдьабыт. Хаһыа да буолан кэлбиппит. Аахсыйа ыытыллара наһаа үчүгэй. Мин бэйэм эпэрээссийэ кэнниттэн үчүгэйбин. Быраастарбар махтанабын. Бүгүн кэлэн бары быраастарга көрдөрүнэр былааннаахпын. Киһи элбэх. Ол да буоллар хайа сатанарынан барытыгар сылдьан тахсар санаалаахпын. Быраастарга бары үчүгэйи баҕарабын”, — диэн Бөтүҥ нэһилиэгиттэн сылдьар Анна Аверинская махтал тылларын анаата.
Дьэ ити курдук аахсыйа олус наадалааҕын бары эттилэр. Тэрээһин өттүгэр кыра итэҕэстэр баалларын ыйан ону инникитин көрүнэллэригэр баҕардылар. Холобура, анкета толорууга эбии остуоллары туруоруу, анализ ылыытын арыый чуолкай гынар наадата, ыытыллар чааһа уһуура буоллар, аахсыйа улахан айдаана суох барарыгар төһүү буолуо эбит. Бу күн чахчы да олус элбэх киһи кэллэ. Суол айанын аахсыбакка, Алтантан, Эмистэн, Бөтүҥтэн, Абаҕаттан киирбиттэр.
“Аахсыйабыт ситиһиилээхтик ааста диэххэ сөп. Ааспыт сылга 68 киһи кэлбит эбит буоллаҕына, быйыл 182 киһи көрдөрүннэ. Үс төгүл элбэх диэххэ наада. Кэлбит дьону хайа сатанарынан барыларын исписэлиистэр көрө сатаатылар. Анаммыт чаастарын толору олорон, сорохтор олох да 3-4 чааска диэри көрдүлэр. Аахсыйа кэмигэр онколог быраас 12 киһини салгыы Дьокуускай куоракка чинчийиигэ ыытарга направление биэрдэ. Билэргит курдук Дьокуускай куоракка бэҕэһээ олох аныгылыы оборудованиелардаах, сырдык, киэҥ-куоҥ күүтүүлээх онкологическай киин аһылынна. Кини ыарыһахтары бэнидиэнньиктэн көрөн саҕалыахтаах. Бу маннык киин аһыллыбыта биһиги искэн ыарыылаах дьоммут үтүөрэллэригэр, эмтэнэллэригэр төһүү буолуо диэн бүк эрэллээхпит”, — диэн кылаабынай бырааһы солбуйааччы Дмитрий Васильев билиһиннэрдэ.
Киин балыыһа билиһиннэрбитинэн кэлбит дьону 18 эмп үлэһитэ көрдө, 182 хаан аналиһа ылылынна, 380 лабораторнай чинчийии оҥоһуллунна, 115 УЗИ-га, 54 маммографияҕа түстүлэр.
Хаартыскалар: автор уонна Амма киин балыыһата
Наталья БУБЯКИНА