Мария Илларионова «Чугас дьонум, дойдум туһугар»

Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, айар куттаах, элбэх оҕо ийэтэ, эйэҕэс эбээ Мария Илларионова бүгүн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар үөрэ-көтө кытынна. Бу туһунан кини биһигини кытта үллэстэр.


«Бүгүн дойдубутугар олус суолталаах күн. Мин сарсыарда эрдэ туран оҕолорум, сиэннэрим хос сиэннэрим олорор олохторун инникитин санаан, быыбарга баран бэйэм өйүүр, өйдүүр киһибэр куоластаан кэллим! Бары бэриллибит быраапкытын туһанан, быыбарга кыттын, санааҕытын этин, инникибит сырдык, сайдыылаах, эйэлээх буоларын туһугар диэн баҕа санаабын тириэрдэбин», — диэн этэр Мария Афанасьевна.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше