Мария Захарова “Быыбар биир санааланыыны көрдөрдө”

Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова буолан ааспыт Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар аммалар хаһааҥҥытааҕар да биир сомоҕо буолан көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиир. Хаһан да буоларын курдук аҕам саастаахтар быыбар бастакы күнүттэн бэйэлэрин куоластарын биэрэн быыбарга кыттыбыттар.


 

 

“Биһиги улууспут аҕам саастаах дьоно ураты суолталаах быыбарга биир саамай көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бастакы күнтэн саҕалаан, бары сахалыы таҥнан олох урукку курдук бырааһынньыктыы  настарыанньаланан быыбарга кытыннылар. Ким сатаан кэлбэт биллэн туран эрдэттэн сайаапка биэрэн, дьиэлэригэр үөрэ-көтө куоластаатылар. Быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрин аламаҕайдык көрсөн, бүтэллэригэр сахалыы алгыстаан атаардылар. Биһиги кырдьаҕастарбыт бука бары эрдэттэн Арассыыйаны салайан олорор күүстээх лидэрбитигэр Владимир Путиҥҥа куоластыылларын улуус баһылыгын кытта көрсүһүүгэ, атын да кэпсэтиилэргэ эппиттэрэ. Онон быыбар күннэригэр бары биир санаанан Владимир Владимировичка куоластарын биэрдилэр.

 

Бу быыбар Арассыыйа дьоно бука бары биир сомоҕо буоларбытын, билиҥҥи курдук уустук кэмҥэ дойдубутун аан дойду барыта убаастыыр салайааччыта баһылаан-көһүлээн олоруохтааҕын  бигэтик көрдөрдө. Кини көҕүлээһининэн үлэлии уонна киирэ турар бырайыактар дойдубутун сайыннараллар, нэһилиэнньэ туруктаах олоҕун хааччыйаллар. Билэргит курдук олунньу ыйга Владимир Путин Федеральнай Мунньахха оҥорбут Туһаайыытыгар аҕам саастаах дьоммутугар анаммыт “ Продолжительная и активная жизнь” саҥа наициональнай бырайыак киирэрин туһунан эппитэ. Ону сэргэ билигин Арассыыйа үрдүнэн олох олоруу орто сааһа 73 саас эбит буоллаҕына, 2030 сылга 78-ка тиийиэхтээх, онтон салгыы 80 сааска диэн бэлиэтээбитэ. Ол инниттэн аҕам саастаахтарбыт көхтөөх олоҕу олороллоругар, доруобуйаларын тупсарыналларыгар сөптөөх миэрэлэр ылыллыахтара. Онон бэтэрээннэр, аҕам саастаах дьоммут быыбарга Дойду Бэрэсидьиэнинэн Владимир Путин иккистээн талыллыбытынан, бары регионнарга эрэллээхтик кыайыыны ситиспитин үөрүүнэн көрүстүлэр уонна кини Сахабыт сиригэр кэлэрин долгуйа күүтэллэр”, — диэн Мария Романовна санаатын үллэстэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше