Матрена Иванова “Дьөһөгөй оҕото элбиирин туһугар күннэтэ түбүгүрэллэр”

Кулун тутар 21 күнэ – Сылгыһыт күнэ. Саха киһитэ  айылҕа маанылаах бэлэҕин Дьөһөгөй оҕотун, сылгы барахсаны миинэр миҥэ оҥостон күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьар. Саха сылгытыгар –Айыы оҕотугар сүгүрүйэрбитин бэлиэтээн, ытыктабылбытын күүһүрдэн  уонна сылгы иитиитигэр олохторун анаабыт тулуурдаах, үлэһит киһини чиэстээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Сылгыһыт күнэ олохтоммута.


Сыспай сиэллээҕи кытта күннэтэ сырсар дьоммут идэлээх бырааһынньыктарын күнүгэр Сатаҕай нэһилиэгин уонна Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Гордость Амги” бэлиэ хаһаайката Матрена Иванова  бэлиэ күнүнэн эҕэрдэтин тириэртэ.

“Сатаҕай нэһилиэгэ төрүкү үлэһит, удьуор дьонноох нэһилиэк. Үйэттэн үйэҕэ кэпсээҥҥэ киирбит, удьуортан удьуорга, илииттэн илиигэ бэриллэн былыргы кырдьаҕастарбыт көрөн-истэн биэрбит сыспай сиэллээхтэр барахсаттар ууһуу -тэнийэ сылдьаллар. Айылҕа оҕото барахсан үгүс ыалга баара, үөскүү турара истиэххэ үчүгэйин! Герой Лукин хаһаайыстыба үлэһиттэрэ  дьөһөгөй барахсан элбиирин туһугар үлэлии -хамсыы сылдьаллар. Бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Туруу үлэһит дьоммор саастаах киһи быһыытынан  алгыспын ыытабын.

Оччоттон баччаҕа

Очурдары уҥуордаан

Хороҕор муостааҕы дэлэтэн

Сыспай сиэллээҕи сыһытан

Түмэппий Луукун дьоруойбут

Тускуллаах аатын ылыммыт,

Үлэнэн үйэтэ уһаабыт

Үүнүүлээх кэпэрэтииппит

Кэскилин түстүүр

Кэхтибэт тылларбын

Бичийдэҕим буоллун:

Аар айылҕабыт иччитэ

Аан Алахчын хотун,

Өҥ дьыллары-күннэри

Үгүөрүк үҥүлүтэҥҥин,

Ынах-сүөһүбүт хонуу муҥунан хоройдун,

Сыспай сиэллээхпит

Сыһыы муҥунан дэлэйдин,

Күн Дьөһөгөй оҕолоро

Күөнэ көҕөччөр сылгылара

Көҥүл көтөн күөнэхтээн

Төрүөхтэрэ төлөһүйдүн,

Сытыы харахтаах таба көрбөтүн

Ох тыллаах таба таппатын,

Түүлээх уллуҥахтаах

Түөкүн тарбаҕа таарыйбатын,

Уһун илиилээх урдус

Уһаты-туора хаампатын!

Дьоҕус тэрилтэбит

Дьоһуннук салайынан

Иннин өттө ибири билбэтин

Кэннин өттө кэхтэри билбэтин,

Толкуйдарын тобулан

Кэскилэ кэҥиэхтин!

Дом ини дом!”, — диэн Матрена Васильевна сүрэхтэн тахсар истиҥ тылларын анаата.

Христина СКРЯБИНА

Читайте дальше