Мээндиги “Үс Хайа” базатыгар дуоһуйа сынньанныбыт

Таатта улууһун мөлтөхтүк истэр дьон уопсастыбатыттан сэттиэ  буолан  Мээндиги нэһилиэгин олохтоохторо Михаил уонна  Варвара  Охлопковтар дьиэ кэргэн  тэрийбит «Үс хайа» диэн туристическай базаларыгар  сынньанан кэллибит.


Биһигини тиийбит күммүтүгэр бэрт сайаҕас Михаил Прокопьевич уонна Варвара Иннокентьевна Охлопковтар дьиэ кэргэн үөрэ-көтө көрсөн Амма эбэ уҥуоргу өттүгэр турар сынньалаҥ базаларыгар илтилэр. Манна туох баар сынньанар усулуобуйаны барытын бэркэ тэрийэн, бэлэмнээбиттэр. Ол курдук утуйар дьиэ, улахан аһыыр зона, ону тэҥэ аныгы сиэринэн астанарга казан, мангал, оллоон барыта оттук маһыгар тиийэ баар. Өссө өрүһү өҥөйө турар сынньанар сир бэрт сиэдэрэй гына оҥоһуллубут. Олох  олорон эрэ кэпсэтэргэ, оонньуу тэрийэргэ анаммыт курдук.

Биһиги эрдэттэн анал бырагыраама кэпсэтиһэн  кэлбиппит. Онон дьоммутун кытта ону барытын онно тута быһаарыстыбыт. Ол курдук  бастакы күммүтүгэр   «Золотое кольцо Мяндиги» диэн экскурсия буолла. Скороульскай волость киинэ буола сылдьыбыт «Синньигэс» алаас, Арассыыйаҕа гражданскай сэрии бүтэһик кыргыһыыта буолбут Билиистээх алааһа уонна Быкы үрэх диэн сирдэринэн сырыттыбыт. Маны барытын биһиэхэ кыраайы үөрэтээччи Михаил Васильевич Алексеев диэн наһаа интэриэһинэйдик кэпсээтэ.

Кини кэпсээнин бары да сөҕө- махтайа иһиттибит.  Михаил Васильевич 1923 сыллаахха кулун тутар 2 күнүгэр Билиистээх алааска хайдах Пепеляев уонна Суров этэрээттэрэ кыһылларга саба түһэн сэриилэспиттэрин сиһилии кэпсээтэ, бэйэтэ онорбут картатын көрдөрөн, бэл диэтэр онно ытыллыбыт буулдьалары көрдөрдө. Өссө бу күн норуот суруйааччыта Василий Егорович Васильев –Харысхал  аатынан сынньалаҥ пааркатыгар сылдьан эмиэ бэрт интириэһинэй кэпсээн иһиттибит.

Иккис күммүтүгэр моторка оҥочонон айан буолла.  Онно Харама хайата, Буор хайа, Харчы хайата киирдилэр.  Дьэ бу күнү бары да күүппүппүт. Күммүт туран биэрэн бэртээхэй биир умнуллубат түгэни бэлэхтээбитэ. Харама хайатын тэллэҕэр хаартыскаҕа түстүбүт, Амма ыраас уутугар дуоһуйа сөтүөлээтибит.

Турбаза хаһаайына Михаил Прокопьевич балыктыырга диэн эрэһиинэ оҥочо, илим, спининг уларсан үөртэ. Бу күннэргэ эбэттэн тахсыбакка эдэр кыыспыт Даша, суоппарбыт Василий балыктаатылар. Бары бэркэ сынньанан, дуоһуйан, үөрэн-көтөн, салгыы да билсэ туруохпут диэн кэрэ дойдуттан Мээндигиттэн дойдубутугар айаннаатыбыт. Үөрэн-көтөн туран Михаил Прокопьевичка бэйэбит Махтал сурукпутун туттардыбыт, үлэтигэр ситиһиилэри баҕардыбыт.

Бу тэрээһин СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин нөҥүө өрөспүүбүлүкэ  уонна Таатта улууһун  дьаһалтатын бюджетыттан үбүлэнэн тэрилиннэ. Түгэнинэн туһанан бары күүс-көмө буолбут салайааччыларга, Таатта улууһун мөлтөхтүк истэр дьон  уопсастыбаларын аатыттан сиртэн халлааҥҥа диэри  махталбытын тиэрдэбит.

Светлана ДОРОФЕЕВА,   уопсастыба  бэрэссэдээтэлэ, Таатта улууһа

Читайте дальше