Ленин аатынан миллионер холкуос үбүлүөйдээх сылыгар Соморсун Үрүҥ Тунах ыһыаҕар киэһэ сөрүүн түһүүтэ дьон-сэргэ Харыйалаах хочотугар мустаннар мэхэньисээтэрдэр күрэхтэрин астына-дуоһуйа көрдүлэр. Барыта лоп курдук 10 тырахтарыыс бастыыр иһин эрийсиилээх күрэххэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Тыа сиригэр сүрүн туттар тэрил, биллэн турар, тардар күүһэ улаханынан тыраахтар буолар. Онон соморсуннар от-мас үлэтигэр өрүү күүс-көмө буолар төһүү үлэһит уолаттарыгар болҕомто ууран маннык күрэх тэрийбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Көрөөччүлэр хас биирдии кыттааччыга ис сүрэхтэриттэн ыалдьаннар ытыстарын тыаһын харыстаабатылар.
Эрдэттэн бэлэмнэммит мэһэйдэрдээх трассаҕа иккилии тыраахтар үөрэ-дьүөрэ күрэхтэһэ тахсаллар. Бастакы сорудахха кыттааччылар улахан көлүөһэни төкүнүтэн тыраахтардарыгар диэри сүүрдэн илдьэллэр, онтон бэрт түргэнник тыраахтардарын собуоттаат үһүс тохтобулга муостарын кэтэрдэллэр. Ол кэннэ аны муостарын аайы көлүөһэ иилэллэр, дьэ уонна зигзаг суолунан эрийэ-буруйа айаннаат, газтарын үктээт көнө суол устун тиһэх тохтобулга тиийээт төптөрү эмиэ ити сорудахтары толорон иилбит көлүөһэлэрин тустаах миэстэтигэр хаалларан, тыраахтардарын умулларан көлүөһэлэрин төкүнүппүтүнэн биэтэккэ кэлэллэр. Түһүмэх аайы сорохторго муоска иилбит көлүөһэлэрэ түһэн хаалан эрэйдиир, сорохторго төттөрүтүн түһэн биэрбэккэ моһуоктуур. Ити курдук мучумаахтанан бары кыттааччылар түһүмэхтэрин толордулар.
Түмүккэ бары түһүмэхтэри ситиһиилээхтик ааһан, бастыҥ бириэмэни көрдөрөннөр соморсуннар бэйэлэрин уолаттара, уопуттаах тырахтарыыстар кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕынан Виталий Тарабукин буолла уонна «Основа» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ туруорбут сүрүн бирииһин 100 000 солкуобай уу харчынан наҕараадаланна.
Киниттэн бэрт кыра дэһээтэйинэн хаалан Семен Борисов иккис миэстэ буолла уонна “Үрүйэ” ТХПК убаһа бирииһинэн бэлиэтэннэ.
Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Афанасий Караканов тахсан, чулуу механизатор, Үлэ Кыһыл Знамята, Бочуот знага уордьаннар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун уонна Соморсун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алексей Софронов аатынан бириэмийэни, Алексей Данилович төрөппүт кыыһа Мария Жиркова илиититтэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутта.
Маны таһынан нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин анал бириистэрин анаатылар. Бастыҥ сварщик Семен Иванов аатынан бирииһи кэргэнэ Евдокия Васильевна туруорбут сварочнай ааппараты Бөтүҥтэн Алексей Иванов, Лазаревтар дьиэ кэргэн туруорбут электроциркуляры Анатолий Портнягин, нэһилиэк биир бастыҥ суоппара Аркадий Филиппов аатынан бирииһи, күлүүс наборун күрэх саамай эдэр тырахтарыыһа Ньургун Гоголев туттулар. Бэйэтин кэмигэр суоппарынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Семен Борисов аатынан 10 000 солкуобай суумалаах харчынан бирииһи, кэргэнэ Лидия Борисова кэскиллээх мэхэньисээтэр Роберт Еремеевка туттарда. «Карамель» маҕаһыын аатыттан метчик набора бирииһи Константин Тарбахов ылла. Чөмпүйүөн суоппар Роман Кривошапкин аатынан 10 000 солкуобай суумалаах бирииһи, кини дьиэ кэргэнэ Афанасий Каракановка анаатылар. Холкуос төһүү үлэһиттэрэ Николай уонна Мария Никитиннэр ааттарынан 5000 солкуобай суумалаах бирииһи кийииттэрэ Галина Никитина оҕолоро, сиэннэрэ туруорбуттарын Бөтүҥтэн күрэхтэһии саамай аҕа саастаах кыттыылааҕар Прокопий Сергеевка анаатылар. Антонина, Савва Кириллинэр 10 000 солкуобай уонна “Соморсун” ТХПК 10 000 солкуобайдаах бириистэрин тыа хаһаайыстыбатыгар бэринииилээхтик үлэлиир эдэр тырахтарыыс Гаврил Роббек ылан үөрдэ-көттө. Афанасий Наумов 2000 солкуобай суумалаах бирииһин доҕоругар Семен Борисовка туттарда.
Вера ИВАНОВА