Е.А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуола 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ бэтэрээн учуутал, методист-баһаатай Анастасия Лукинаҕа ыалдьыттаатылар, пионерскай тэрилтэ, пионердар тустарынан элбэҕи биллилэр.
“Биһиги “Төрөөбүт түөлбэбитин үөрэтии” диэн уруок таһынан дьарыкка нэһилиэкпит историятын үөрэтэбит. Бу дьарыкка биһигини учууталбыт Анна Гаврильевна Окорокова уһуйар. Дьарык кэмигэр Сахабыт өрөспүүбүлүкэтигэр пионерия тэриллибитэ 100 сылынан, бэтэрээн учууталга, методист баһаатайга, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Лукина Анастасия Николаевнаҕа баран ыалдьыттаатыбыт. Анастасия Николаевна 1971 с. Бүлүү педучилищетын бүтэрэн биһиги оскуолабытыгар алын кылаас учууталынан ананан кэлиэҕиттэн 40 сыл оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ анаабыт. Кини кэлэригэр Сатаҕай оскуолата аҕыс кылаастаах ситэтэ суох орто оскуола эбит. Кэлин Анастасия Николаевна өр сыл пионер баһаатайынан үлэлээбит. Кини үлэтин уопута өрөспүүбүлүкэҕэ киэнник тарҕаммыт. Анастасия Николаевна методическай кинигэ ааптара, өссө спортсмен. Кини оҕолор санааларын, толкуйдарын түмэн үлэлиир коммунарскай методиканы кыайа тутан үлэлээбит. Биһиги тиийэрбитигэр “Пионерия дойдутун музейыгар корреспонденнар түмсүүлэрэ” диэн оонньуу тэрийдэ. Дьиэтин иһигэр уруку оскуолаҕа пионерия үлэтин сырдатар 10 теманан арыйан стендэлэри оҥорбут. Кыра киирии тыл кэннэ биһигини, корреспонденнары бейджик оҥостон илиинин диэтэ уонна стендэлэри кыратык сырдатан кэпсээтэ, онтон биһиги хас биирдии оҕо бэйэбит сэҥээрбит темабытын ылан, бэлэмнэнэн кэпсээтибит.
Ол үлэбитин бэйэбитигэр сыаналатан элбэх баалы ылбыт Лукин Айаалга мэтээл туттарда уонна боппуруостары биэрбитигэр сөпкө эппиэттээн Андреев Андриан сакалаат бириис ылла. Бу көрсүһүүттэн пионерия биһи оскуолабытыгар историятын биллибит уонна Анастасия Николаевнаҕа баһаатай төлөннөөх сүрэҕин уота билигин да күүстээх эбит дии санаатыбыт. Куруук маннык эдэр ыччаты кытта үөрэ – көтө бииргэ буол, баай билиигин, сатабылгын үллэстэ тур диэн кыра сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт”, — диэн суруйаллар Сатаҕай орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Яна Никитина, Айаал Лукин.
“Амма олоҕо” хаһыат