“Мин докумуоннарым” Амматааҕы салаата 10 сылын бэлиэтээтэ

Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин биир кырыытыгар оҥоһуллубут кирилиэс бүгүн маҥан, кыһыл өҥнөөх саарыктарынан киэргэнэн, манна туох эрэ үөрүүлээх тэрээһин буоларын бэлиэтиир. Ол чахчытынан манна оруобуна бу күн  10 сыл аннараа өртүгэр дьонтон докумуон тутан араас өҥөнү оҥорор сыаллаах СӨ “Мои документы”  судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ Аммаҕа салаатын арыйбыта. Салаа кэлэктиибэ бу кыра эрээри, историяҕа киирбит үбүлүөйдэрин бэлиэтээтэ.

Бу бэлиэ күнүнэн кэлэктииби улуус баһылыга Степан Кузьмин,  Росреестр федеральнай кадастровай палататын  исписэлииһэ Фаина Константинова, СӨ  “Мин докумуоннарым” ГАУ салайааччытын солбуйааччы Наталия Спиридонова, тэрилтэ  оройуоннары кытта үлэлиир салаатын салайааччыта Саргылана Яковлева эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. Офис кылаабынай исписэлииһэ Елена Григорьева бу кэмнэр усталарыгар бииргэ үлэлэһэн кэлбит тэрилтэ салайааччыларыгар Махтал суруктарын туттарда.

«Биһиги оруобуна бу күн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр 2013 сыллаахха аһыллыбыппыт. Аан бастаан аһылларбытыгар нэһилиэнньэҕэ 12  араас өҥөнү оҥорор эбит буоллахпытына, күн бүгүн 196  араас көрүҥ өҥөнү оҥоробут. Уон сыл устата 96000 -тан тахса киһи биһиэхэ сылдьан, оҥоһуллар өҥөнөн туһанна. Ону таһынан 37 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа  киирдэ.  Улуус үрдүнэн 5 исписэлиис үлэлиибит. Киирэр сайабылыанньалар бары кэмигэр туолалларын ситиһэргэ туох баар кыһамньыбытын  ууран туран, хаачыстыбалаах өҥөнү оҥоробут, улууспут дьонугар-сэргэтигэр күүс-көмө буолабыт. Ол курдук нэһилиэктэргэ эмиэ тахсаммыт өҥөнү оҥоробут,  араас тэрээһиннэри ыытабыт«,  — диэн  СӨ “Мин докумуоннарым” ГАУ  Амматааҕы салаатын салайааччыта  Елена Григорьева санаатын үллэстэр.

«Амма олоҕо» хаһыат