Биһиги өбүгэлэрбит таптаан күрэхтэһэр, кинилэрэ суох биир да ыһыах күрэхтэһиитэ ааспат көрүҥнэрэ “Азия оҕолоро” оонньуулар спортивнай бырагырааматыгар киирэн атын өрөспүүбүлүкэттэн, Арассыыйа да регионнарыттан кэлэн күрэхтэстилэр, бэйэлэрин холоннулар. Кинилэртэн өссө кыргыттар ортолоругар Оонньуулар рекордарын Москва хамаандатын спортсменката Анна Андреева олохтоото.
“Бэйэм Оонньууларга ылбыт көрдөрүүлэрбинэн астынным. Хомуллан, туох баар санаабын, толкуйбун ууран туран киирсэммин бу ситиһии кэллэ дии саныыбын. Уопсайа чэпчэки атлетикаҕа биэс кыһыл көмүс мэтээли ыллым. Бастакы түмүктэргэ национальнай ыстаныыларга маастарга кандидат нуорматын толордум. Кылыыны ордук сөбүлээтим. Куобах олус ыарахан эбит. Аан бастакытын национальнай көрүҥнэргэ холоннум. Инникитин өссө көрдөрүүлэрбин тупсарыыга үлэлиэм. Бэйэм 10 сааспыттан чэпчэки атлетиканан дьарыктанабын. Бу мин бастакы аан дойду таһымнаах күрэхтэһиим буолар. Барыта үчүгэй баҕайы, интэриэһинэй”, — диэн бэрт сэмэй рекордсменка Анна Андреева санаатын үллэһиннэ.
Кыргыттарга иккис уонна үһүс миэстэлэри Саха сирин хамаандатын спортсменкалара ыллылар. Ол курдук Дарья Громова уонна Маргарита Тумакова хамаандаҕа үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри аҕаллылар.
“Наһаа долгутуулаах күрэхтэһиилэр буоллулар. Ордук бастакы күҥҥэ долгуйбутум. Ол гынан баран хомуллан, боруонса мэтээли хамаандабар аҕалбыппыттан наһаа үөрдүм. Бэйэм утарылаһааччыларбын кытта билистим, доҕордостубут. Бары күүстээх спортсменкалар. Бу Оонньуулар миэхэ элбэх уопуту биэрдилэр”, — диэн этэр боруонса призер Маргарита Тумакова.
Саха сирин хамаандатын көмүскээбит уоллаттарбыт да, кыргыттарбыт да наһаа кыһаллан, кыахтарын ууран туран күрэхтэстилэр. Уолаттарга Марк Никитин уонна Харысхан Андреев призердар буолан пьедесталы толору туран ыалдьааччыларын үөртүлэр, хамаандаларыгар мэтээллэри аҕаллылар.
“Амма олоҕо” хаһыат