“Муона” түөлбэ сиэккэ өрүүтүгэр кыттыста

Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Амма нэһилиэгин түөлбэлэрэ графигынан кэлэн сиэккэ өрүүтүгэр ким сололооҕунан кыттыһар.


“Муона” түөлбэ олохтоохторо сайыҥҥы түбүктээх күннэргэ быыс булан кэлэн хаххаланар сиэкккэ өрүүтүгэр кыттыһаллар. Киһи үөрэрэ диэн манна улахан дьону кытта оҕолор кэлэн эмиэ тэҥҥэ үлэлииллэр. Холобура Мииринэй куораттан эбэтигэр сынньана кэлэ сылдьар Даниил Расторгуев үөрүүнү кытта кэлэн күүс-көмө буолла.

Бу курдук саллааттарга олус көмөлөөх, кинилэр олохторун харыстыыр сиэккэни өрүү суолталааҕын өйдөөн кыратыттан улаханыгар тиийэ кэлэн өрөллөр, кыайыыны чугаһыытыыга кылааттарын киллэрсэллэр. Сиэккэни өрүү күн аайы барар. Субуота уонна өрөбүл эрэ сынньалаҥ күн буолар. Онон ким бириэмэтинэн көрөн бу үлэҕэ кыттыһалларыгар “Амарах сүрэх” түмсүү ыҥырар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше