Наталия Шишигина “Үөрэбит, киэн туттабыт!”

Аҕыйах хонуктааҕыта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Кинилэр ортолоругар икки  саха чулуу уолаттара, Сунтаартан Филипп Евсеев уонна Уус-Алдантан Алексей Неустроев Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты  ыллылар. Саха сирин олохтоохторо бу өрө көтөҕүллүүлээх сонуну киин тэлэбиидэнньэттэн  үөрэ көрдүбүт уонна иһиттибит. Амма нэһилиэгин олохтооҕо урбаанньыт, үлэ бэтэрээнэ, “Арассыыйа дьоруойа” Филипп Евсеев биир дойдулааҕа Наталия  Шишигина  санаатын  үллэстэр.

Хаһан эрэ, оҕо эрдэхпитинэ  Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрин кытта көрсөрбүт, кинилэр дьоруойдуу быһыыларын кэпсииллэрэ, киинэлэри көрөрбүт.  Онтон  билиҥҥи үйэҕэ социальнай  ситиминэн “Алеша” диэн танковай экипаж  утарсааччыларын кытта киирсиитин видеонан тарҕаммытын  бары да сөҕө көрдүбүт. Аны бу киирсиигэ “сахалар бааллар” диэн иһиттибит. Ол курдук, Уус-Алдантан Алексей Неустроев, уонна Сунтаартан биир дойдулаахпыт Филипп Евсеев бу хорсун экипаж чилиэннэрэ эбиттэр. Биир өттүнэн үөрэ иһиттибит, киэн тутуннубут. Иккис өттүнэн ытырыктата санаатым.  Эмиэ да итэҕэйиэхпин баҕарбатым, ама бу биһиги олохпутугар дуо диэн. Саха уолаттарынан Саха сирэ  барыта киэн тутунна. Оҕолорбут хорсун быһыыларын дойду салалтата  үрдүк наҕарааданан бэлиэтээтэ. Ол курдук кинилэр түөстэригэр кыһыл көмүс сулус кэтэн, Арассыыйа дьоруойдара буоллулар! Бу буоллаҕа — история биир кэрчигэ, биһиги олохпут дьоруойдара! Филипп Евсеев үрдүк наҕараада ылбытынан, биһиги биир дойдулаахтара киэн туттабыт!  Эйэлээх олохпутун туруулаһар ыччаттарбытыгар бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарыаҕын!”, — диэн Наталия Ивановна санаатын тириэртэ.

Артем ОСИПОВ