Наука доктора, профессор Мария Прокопьева үбүлүөйдээх сылыгар кэмпириэнсийэ ыытылынна

Амма Абаҕатыттан төрүттээх Сахабыт сирин биир киэн туттар, үөрэх эйгэтигэр үрдүк ситиһиилэрдээх педагогическай наука доктора, профессор Мария Михайловна Прокопьева үбүлүөйдээх бэлиэ сылыгар анаан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет Педагогическай института, Арассыыйатааҕы Государственнай социальнай университет, возрастной уонна педагогическай психология кафедрата, «Российская семья» национальнай общественнай кэмитиэт тэрийиилэринэн устудьуоннарга, магистраннарга, аспираннарга уонна идэтийбит үлэһиттэргэ «Дьиэ кэргэн педагогиката уонна психологията» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы бэһис төгүлүн ыытыллар научнай-практическай кэмпириэнсийэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Мария Михайловна киэҥ далааһыннаах педагогическай уонна общественнай үлэтин үрдүктүк сыаналаан Ил Түмэн дьокутаата, профессор Антонина Григорьева, Саха сиринээҕи общественнай палата аппаратын салайааччыта Анжелика Андреева, РФ 7-с ыҥырыылаах общественнай палататын чилиэнэ Лена Ефремова, «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы общественнай түмсүү Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Прасковья Борисова уонна бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ доҕотторо, үөрэнээччилэрэ, чугас аймахтара эҕэрдэлээн үгүс үтүө тыллары эттилэр, махтал бастыҥын анаатылар. Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин Абаҕа нэһилиэгэр саҥа таас оскуолаҕа Мария Михайловна аатынан методическай кабинет аһылларын туһунан иһитиннэрдэ.

 

Оскуолаҕа үөрэппит учуутала Клара Дмитриевна Онуфриева Маша Нохсорова оскуолатааҕы сылларын туһунан истиҥ ахтыыны оҥордо. Нам улууһуттан улахан делегация анаан-минээн кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Нам улууһугар үөрэҕирии систиэмэтигэр киллэрбит тус кылаатын умнубаттарын, махтаналларын эттилэр. Мария Михайловна талааннаах артыыс, биллэр оһуокайдьыт, норуот ырыаһыта Үстүүн Нохсорооп хаан-уруу аймаҕа буолар. Ол да иһин дьону-сэргэни абылыыр, кутун-сүрүн тутар дьикти күүстээх эбит. Кэрэ чуор куолаһа эрчимнээх, тэтимнээх. Нууччалыы, сахалыы тылларынан ыраастык саҥаран-иҥэрэн, этэн-тыынан биир кэм үлэ үөһүгэр айа-тута, суруйа-бичийэ, үгүс ыччаты иитэн, үөрэтэн, чахчы киһи киэн тутта көрөр, холобур оҥостор Саха Далбар Хотуна. Мария Михайловна айымньылаах, таһаарыылаах үлэтин үрдүк наҕараадалара, научнай үлэлэрэ кэрэһилииллэр. Пединститут актовай саалатыгар кини научнай-педагогическай үлэтин көрдөрөр кинигэлэрин быыстапката турда. Манна кини наука эйгэтигэр дойду биллэр сурунаалларыгар бэчээттэммит монографиялара, үөрэх учебниктара, методическай пособиелара, научнай редактор, рецензент, наставник быһыытынан үлэтэ-хамнаһа барыта сиһилии көрдөрүллүбүт.
Мария Михайловна сүрүн үлэтиттэн быыс булан, араас таһымнаах общественнай үлэнэн күүскэ дьарыктанар. Тэрийээччи, салайааччы, биир бастыҥ общественник быһыытынан биллэр. Сахабыт сирин сүрүн сокуоннарын ылыныыга кини научнай үлэлэрэ тирэх, көмө буолаллар.
Талааннаах киһи эргиччи талааннаах дииллэринии, Мария Михайловна бэйэтэ иистэнэр, өссө саамай сөҕө көрбүппүт наһаа үчүгэйдик быысапкалыыр уонна уруһуйдуур эбит. Дьахтар киһи ханнык да сааска өрүү кэрэ, интэриэһинэй, сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах диэн өйдөбүл Мария Михайловна уобараһыгар толору сөп түбэһэр. Кини модельер Августина Филиппова биир сүгүрүйээччитэ буолар.

Бэйэтэ «Айар Хотун» диэн модельнай студиялаах. Бу күн кини дизайнер быһыытынан «Олоҥхо оһуора» диэн авторскай дефилетын астына-дуоһуйа көрдүбүт. Маны таһынан уруһуйдарын уонна быысапкаларын галереята дьон-сэргэ сэҥээриитин, сөҕүүтүн ылыан ыллылар.
Күн курдук күлүмүрдүүр күүстээх Мария Михайловна дириҥ билиитэ, сырдык, ыраас энергията өссө да өр сылларга элбэх ыччаты үөрэх, билии киэҥ байҕалыгар, айарга-тутарга, кэрэҕэ сирдии, уһуйа турдун диэн баҕарабыт.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше