Дьокуускай куоракка П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ бэрт истиҥ, иһирэх кэпсэтиилэрдээх кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Чахчы да бэйэтин кэпсээннэринэн норуот суруйааччыта буолбут Миитэрэй Наумов 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылын кинигэ кэһиилэрдээх көрүстэ. Талааннаах суруйааччы аҥардас кыылга-сүөлгэ анаабыт 30 кэпсээнин мунньан кинигэ гынан таһаарбыт үөрүүтүн чугас дьонун кытта үллэһиннэ.
Сүрэхтэнэр дьоро киэһэни филологическай билим дуоктара, ХИФУ профессора, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, аламповед, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валентина Семенова кыайа-хото тутан ыытта.
Бу киэһэ суруйааччыны Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин эҕэрдэлээтэ уонна аммалар ааттарыттан кинигэни тутан-хабан, эрэдээксийэлээн, таҥан таһаарбыт литературнай түмэл дириэктэрин солбуйааччытыгар Линда Ивановаҕа Махтал суругун туттарда. Миитэрэй Наумов аатыгар элбэх истиҥ тыллар, кинини суруйааччы, салайааччы быһыытынан үрдүктүк сыаналаатылар. Суруйааччы дьиҥ чахчы саха киһитэ буоларын, кини саха тылын саамай сүмэтин-сүөгэйин туттан, боростуой дьоҥҥо тиийимтиэтик суруйарын, ол да иһин тута норуот кини айымньыларын ылыммытын, сөбүлээбиттэрин, аны кини талааннаах салайааччы буоларын, үрдүк дуоһунастарга таһаарыылаахтык, бэйэтин суолун хаалларар гына үлэлээбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Ол курдук Саха сирин суруйааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров-Олег Амгин, норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, В.В. Новиков –Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччы Светлана Макарова, ХИФУ саха литературатын кафедратын профессора, филологическай билим дуоктара, суруйааччы элбэх айымньыларын ырыппыт литературнай кириитик Варвара Окорокова, кинигэ уус-уран сыанаһыта, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Афанасий Гуринов-Арчылан, кинигэни оҥорон таһаарбыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, литературнай түмэл дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова, Хотугу илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кылаабынай режиссера, Миитэрэй Наумов айымньыларынан туруоруллар норуот тыйаатырдарын режиссердарын күрэҕин дьүүллүүр сүбэтин солбуллубат бэрэссэдээтэлэ Александр Титигиров, СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец, суруйааччы кэпсээннэрин тылбаасчыттара Альбина Борисова, Семен Феоктистов-Сэргэх Сэмэй, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, аймаҕа Любовь Горохова-Сүүмэх, Ил Түмэҥҥэ дьокутааттаабыт, суруйааччы Михаил Санников, үөлээннээҕэ Василий Григорьев, биллэр араадьыйа ыытааччыта, саха тыла ыраас , туруктаах буоларыгар элбэх сыратын биэрбит, тыл үөрэҕин кандидата Михаил Алексеев-Дапсы, бииргэ үлэлээбит, суруйууларын сыаналааччы Анатолий Копырин, бастакы айымньыларын набордаабыт Анна Осипова, «Дэриэбинэм барахсан” кинигэтин худуоһунньуга Иннокентий Пестряков кэргэнэ, Варвара Пестрякова. Гаврил Торотоев Миитэрэй Наумовка “Төрүт уонна ийэ тылы сайыннарыыга кылаатын” иһин диэн институт түөскэ анньыллар бэлиэтин дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда.
Дьоро киэһэ биир уратытынан Миитэрэй Наумов кэпсээннэрин тыйаатыр артыыстара кэлэн аахпыттара буолла. Мустубут ыалдьыттар СӨ үтүөлээх артыыстара Петр Андреев “Суорат унна Кэрэмэс”, Кирилл Семенов “Сиэрэй маасса”, эдэр артыыс Иван Кузьмин “Кулунчук” кэпсээннэрин бэркэ сэҥээрэн иһиттилэр.
Маны сэргэ бу күн Миитэрэй Наумов айар үлэтин, олоҕун суолун көрдөрөр бэртээхэй быыстапканы Литературнай түмэл уонна Национальнай бибилэтиэкэ тэрийбиттэрин кэлбит эрэ киһи барыта сэргии көрдө.
“Бу кинигэ уратытынан киирбит кэпсээннэргэ кыыл-сүөл олоҕо көстөр эрээри, син биир киһи, дьон олоҕо тыктарыллар. Ол да иһин ааптар геройдарын сотору-сотору Киһи диир. Айымньылар киһини өйдүүргэ, бырастыы гынарга ыҥыраллар. Ааҕааччыны долгутар, уйадытар, сырдык курус, лирическэй тыыннаахтар. Ол эрээри санаа түһүүтэ суох, олоҕу уруйдуур тосхоллоохтор. Айылҕаҕа тулалыыр эйгэҕэ , хамсыыр харамайга, болҕомтолоох, харыстабыллаах буоларга иитэллэр. Ааптар олоҕу билиитэ, кэтээн көрөр дьоҕура, мындыр өйө сөхтөрөр. Саха киһитин менталитета, уйулҕатын туруга олох бэркэ көстөр. Саха таптала арыллар –бэйэ бэйэҕэ кыһамньы, сылаас сыһыан. Норуот историческай өйө-санаата тыктарыллар. Кырыыстаах сэрии, эйэлээх олоҕу тутуу, колхуос-сопухос кыһалҕата, араас сокуон итэҕэһэ, барыта сиһилэнэр. Мин санаабар бу кинигэҕэ ааптар талаанын бары өрүттэрэ чаҕылхайдык көстөллөр”, — диэн этэр үтүө киэһэни ыыппыт ХИФУ Арассыыйа хотугу норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун саха литературатыгар кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент, филологическай билим дуоктара Валентина Семенова.
Санатан эттэххэ, быыстапка Литературнай түмэлгэ алтынньы ый бүтүөр диэри турар. Кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, суруйааччы олоҕун, айымньыларын кытта ыкса билсиҥ.
Кинигэ туһунан өссө сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка сырдатыахпыт.
Хаартыска: Виталий Слепцов, литературнай түмэл хранителэ, «Амма олоҕо» хаһыат
“Амма олоҕо” хаһыат