Соморсун орто оскуолатыгар Аҕа Дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө патриотическай тыыҥҥа иитэр араас элбэх тэрээһиннэр буолан аастылар.
Ол курдук, алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр «Эдэр саллааттар» көрдөөх күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаахтык ааста. Түмүккэ, 1-2 кылаастар икки ардыларыгар 2 кылаастар, 3-4 кылаастар икки ардыларыгар 3 кылаастар кыайыылааҕынан таҕыстылар.
Үгэскэ кубулуйбут сылын аайы ыытыллар «Байыаннай хамыы уонна ырыа көрүүтэ» быйыл эмиэ ыытылынна. Алын сүһүөх кылаастарга кыайыылааҕынан 4 кылаас хамаандата, орто сүһүөхтэргэ 7 кылаас хамаандата, улахаттарга 10 кылаастар буоллулар. Кыайыылаах кылаастар көһө сылдьар Кубогынан наҕараадаланнылар. «Бастыҥ хамандыыр» аатын Арсентьев Семен, Белолюбскай Максим, Максимов Семен ыллылар. Быйылгы сылга дьүүллүүр сүбэҕэ Соморсуннааҕы аҕыйах ахсааннаах баһаарынай чаас үлэһиттэрэ уонна баҕа өттүнэн баһаарынай дружина чилиэннэрэ Василий Ефимов, Афанасий Данилов, Константин Борохин, ону сэргэ участковай инспектор Айтал Иванов үлэлээтилэр. Бу күн биир бэлиэ түгэнинэн 7 кылаас үөрэнээччилэрэ «Полиция эдэр доҕотторо» этэрээккэ киирбиттэрин туоһутун — дастабырыанньалары участковай инспектордартан туттулар. Бу эппиэттээх эбээһинэһи сүкпүттэринэн Соморсун нэһилиэгин дьаһалтатын, депутаттарын сэбиэтин аатыттан баһылык солбуйааччыта Надежда Белолюбская, оскуола дириэктэрэ Николай Андросов эҕэрдэлээтилэр. Этэрээккэ киирбит оҕолор мэктиэ тылынан хардардылар.
Киэһэтин 5-11 кылаас уолаттарыгар байыаннай-коммунарскай түмсүү тэриллэн, оҕолор төрөппүттэр сөбүлэҥнээх, эр дьон учууталлары кытта оскуолаҕа хоннулар. Армия олоҕун кытта билистилэр, араас оонньууларга, моһоллорго бэйэлэрин холоннулар.
Олунньу 27 күнүгэр, оскуолабыт выпускнига, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, «Хорсунун иһин» уордьаннаах Максимов Станислав Устинович сырдык кэриэһигэр аналлаах «Хорсун санааҕа сүгүрүйэн» өйдөбүнньүк стендэ аһыллыыта буолла.
Тэрээһиҥҥэ Станислав Устинович эдьиийдэрэ Саргылана Данилова, Наталия Демьянова, Александра Сокольникова кытыннылар. Бу күн оҕолор Станислав оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрин, дойдутун туһугар бигэ санаатын киллэрэн, баҕа өттүнэн анал байыаннай дайыыга баран хорсуннук киирсибитин, хас да сорудаҕы чиэстээхтик толорон кыргыһыы толоонугар охтубутун истэн, саллаат хорсун быһыытыгар сүгүрүйдүлэр. Нэдиэлэ устата үөрэнээччилэр, учууталлар «Окуопа чүмэчитэ», «Саллаакка сурук» акцияларга көхтөөхтүк кыттыстылар.
Надежда Охлопкова.