Быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар оҕону сөпкө иитиигэ сүрүн болҕомтоҕо уурулунна. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, үөрэтии бүтүн омук дьылҕатын быһаарар сүдү суолталааҕа дакаастаммыта. Оҕо киһи быһыытынан иитиллиитэ, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиллэр. Төрөппүт оҕо сынньалаҥын уонна иллэҥ бириэмэтин хонтуруоллуохтаах, тэрийиэхтээх, көмөлөһүөхтээх. Биллэрин курдук, дьиэ кэргэн – уопсастыба туллар тутааҕа. Билиҥҥи кэмҥэ олох уларыйан, дьиэ кэргэн элбэх ыарахаттары көрсөр. Холобура сыана ыарааһына, үлэтэ суох буолуу о.д.а. көстүүлэр олохпутун уустугурдаллар. Бу барыта дьиэ кэргэн олоҕор, оҕо иитиитигэр улаханнык дьайар. Ол иһин оскуолаҕа, нэһилиэккэ дьиэ кэргэни кытта истиҥ сэһэргэһии, санаа атастаһыыта олус күүстээх өйөбүл буолар.
Бүгүн Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар учуокка турар дьиэ кэргэннэри кытта семинар-практикум ыытылынна. Семинары олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Сахаяна Михайлова уонна оскуола социальнай педагогтара Матрена Романова, Надежда Григорьева ыыттылар.
Сахаяна Иннокентьевна практикумҥа дьиэ кэргэҥҥэ социальнай көмө, төрөппүт эбээһинэһин, баһаартан сэрэхтээх буолууну, устудьуоннарга көрүллэр өҥөлөр тустарынан бэсиэдэ оҥордо. Онтон төрөппүттэр «Мин оҕом инникитин хайдах көрөбүн?!» диэн практическай сорудах оҥорон кытыннылар. Көхтөөх төрөппүттэр, иһирэх ийэлэр ирэ-хоро кэпсэтэн, бүгүҥҥү тэрээһинтэн элбэҕи билэн бардылар.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА