Ольга Балабкина “Дьиҥнээх дьыалалары эһигини эрэ кытта оҥоробут”

Бүгүн, от ыйын 25 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Аммаҕа кэлэн үлэлээтэ. Бэрэсэдээтэли солбуйааччы соторутааҕыта аһыллыбыт улус психологтарын үлэтин сүрүннүүр киин кэлэктиибин кытта көрүстэ, саҥа поликлиника тутуллуохтаах сирин көрдө уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин кытта көрүстэ.

Ольга Валерьевна Аммаҕа кэлиитин сүрүн соругунан быйыл тутуллуохтаах үс этээстээх таас поликлиника тутуута буолар. Поликлиника күҥҥэ 200 ыарыһаҕы көрүөхтээх. Тутуу туһунан кылаабынай быраас Михаил Архипов уонна улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников билиһиннэрдилэр.

Бу тутууга саамай кылаабынайа нэһилиэнньэҕэ сөптөөх усулуобуйа баар буоларын ситиһиэхтээххит. Саастаах дьон 2-3 этээскэ тахсыылара суох буолуохтаах. Холобура рентген кабинет хайаатар да бастакы этээскэ баарын көрүҥ. Тутуу барыытыгар уопсастыбаннай хонтуруол наада”, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлиэтээтэ.

Кини доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин кытта көрсүһүүтүгэр эмчиттэргэ бэйэтин махталын тириэртэ. Олус уустук биэс сыл ааспытын, Амма улууһа хамсык кэмигэр сөптөөхтүк үлэлээбитин эттэ. Ол гынан баран диспансеризация боппуруоһугар күүскэ ылсан, бу боппуруоһу сабалларыгар, оҕо өлүүтүн боппуруоһугар болҕомтолорун ууралларыгар эттэ. Бэйэлэрин санааларын улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы Дмитрий Васильев, анестезиолог-быраас, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Петр Табунанов, педиатр-быраас, оҕо отделениетын сэбиэдиссэйэ Татьяна Артемьева тириэртилэр. Кинилэр сүрүннээн кадр боппуруоһугар тохтоотулар.

Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев сорудаҕынан “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн Амма улууһугар олохтоохтор өр кэмҥэ туруорсубут күҥҥэ 200 киһини көрөр кыахтаах поликлиника тутуута саҕаланан эрэр. Онон бу сорук хайдах туолан эрэрин көрөр, хонтуруоллуур соруктаах кэлэ сылдьабыт. Миигин кытта норуот дьокутаата Сергей Александрович Ларионов кэлэ сылдьар. Ол өттүнэн эттэхпинэ, бэдэрээччит билигин ыыта сылдьар үлэтэ сөптөөхтүк баран иһэр диэн сыаналыыбыт. Ол курдук кинилэр биир бастакынан бырайыактарын экпертизаҕа киллэрбиттэрэ. Онон атырдьах ыйын бүтүүтэ экпертизаттан тахсан балаҕан ыйыгар тутуу саҕаланан бастакы сыбаайа түһүө диэн эрэнэбит. Тутуу олоххо киирэн олохтоохтор бэртээхэй үс этээстээх таас поликлиникаланыахтара. Манна улахан болҕомто саастаах дьон, оҕолоох ийэлэр көрдөрүнэллэригэр ууруллуо”, — диэн Ольга Балабкина санаатын үллэһиннэ.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы икки сүрүн соругу туруорда. Ол курдук улууска терапевт быраастар тиийбэттэринэн, доруобуйа харыстабылыгар бастакы звено сүрүн оруолу ыларын учуоттаан туран  эбии быраастары аҕаларга, маныаха улуус дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлээһин барыан наадатын эттэ. Холобура улуус дьаһалтата дьиэ куортамын төлөбүрүн сорох чааһын төлөһүөн сөп.  Ону сэргэ бүгүн доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин кытта кэпсэтиигэ кадр боппуруостара хаарыллан, болҕомтону аҥардас  эдэр кадрдрга эрэ буолбакка, 40-тан үөһээ саастаах кадрдардга эмиэ уруохха наада диэн сөптөөх этиилэр киирбиттэрин бэлиэтээтэ.

Онтон саҥа аһыллыбыт психологтары түмэр, кинилэргэ көмөнү оҥорор киин үлэһиттэрин кытта көрсүүтүгэр, кинилэр хайдах усулуобуйаҕа үлэлэн олороллорун, туох санаалаахтарын билистэ. Бу көрсүһүүлэргэ улуус өртүттэн баһылыгы бастакы солбуйааччы Василий Бураев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова уонна баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова сырыттылар. Көрсүһүү түмүгэр Ольга Валерьевна “дьиҥ ыытыллар үлэлэри эһиги кытта эрэ оҥоробун” диэн санаатын тириэртэ.

 

Читайте дальше