«Оллоон» оҕолоро Ороһооспо «сулустара» буолан сандаардылар

Бу күннэргэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка «Ороһооспо Сулустара – 2024» XXIV төгүлүн ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ «Оллоон» Саха өрөспүүбүлүкэтин оҕо көрдөрүүлээх бөлөҕө 1 истиэпэннээх лауреат буолан кэллэ.

Москуба куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы “Ороһооспо сулустара” бэстибээлгэ Амма улууһун А.А. Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээчилэрэ «Оллоон» СӨ оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай бөлөҕө — Артемьева Арина, Иванова Айылаана, Степанова Лена, Обутова Нарыйаана, Яковлева Сайнаара, Назарова Настя, Борисова Айсена, Борисова Нарияна кыттаннар Лауреат үрдүк аатын ылан кэллилэр. Бэстибээл Москуба куоракка тохсунньу 4 — 8 күннэригэр ыытылынна, араас регионнартан 2000 кэриҥэ кыттааччы кэлбит.


Тэрээһин туһунан оҕолор санааларын билиэҕиҥ. Назарова Настя, Борисова Айсена, Яковлева Сайнаара: «Москубаҕа «Космос» гостиницаҕа түспүппүт. Бастакы күммүтүгэр олорор сирбитин кытта билсиһэн, иккис күммүтүгэр «Москвариум»-ҥа сырытыннарбыттара, киэһэ оҕолорго бал уонна дискотека буолбута. Бэстибээл күрэҕэ тохсунньу 6 күнүгэр блоктарынан араарыллан буолбута, биһиги кыттыбыт бастакы блокпутугар 33 нүөмэр баара. Нүөмэрдэр бүтээттэрин кытта наҕараадалааһын саҕаламмыта. Лауреат буолан олус үөрбүппүт. Москуба элбэх да элбэх кэлиилээх-барыылаах олус улахан куорат эбит. Метронан сылдьан, Кыһыл болуоссатынан күүлэйдээн, астынныбыт».
Борисова Нарияна: «Биһигини бу фестивальга 8 оҕону, салайааччыбыт Софья Олеговна уонна аҕабыт Павел Егорович Борисов арыаллаан илдьэ сырыттылар. Эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ биһиги аҕабыт өйөөн, сөбүлэһэн, чэпчэтиилээх билиэккэ түбэһэммит биир дьиэттэн үһүө буолан баран кэллибит. Аҕабыт өр кэмҥэ көрсүбэтэх бииргэ үөрэммит доҕорун, билигин Москуба олохтооҕун Егоров Петру көрсөн, кини биһигини арыаллаан бэрт элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Аҕабытыгар наһаа махтанабыт».


«Күрэх кэннэ салайааччылары төгүрүк остуолга ыҥырбыттара, хас биирдии нүөмэри ырыппыттара. Биһигини Владимир Михайлович Шкуровский хайҕаабыта: «Саха сириттэн элбэх нүөмэр кэлбититтэн тоҕо эрэ эһиги нүөмэргитин сэргии көрдүм, инструменнаргыт тыаһын оҕолор куоластарын дуоһуйа иһиттим, ол алыбар уйдаран киһи дууһатын кылын таарыйардыы толордугут. Төһө да саха тылын билбэтэрбин даҕаны тоҕо эрэ эһиги нүөмэргитин олус астынным» диэбитэ. Туох итэҕэһи эппэтэҕиттэн испэр үөрэ санаатым». Бу күн оҕолорбунаан кремлевскай елкаҕа сырыттыбыт.

Бу сырыыбыт оҕолорго умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Россия тэбэр сүрэҕин көрөн сөҕөн, маннык улахан таһымнаах, үгүс көрөөччүлээх тыҥааһыннаах күрэххэ чиэстээхтик кыттан дойдубут Аммабыт аатын ааттатан, саха буолалларынан киэн туттан, 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылан сүргэбит көтөҕүллэн кэллибит.
Тэрээһиҥҥэ сүбэлээн-амалаан ыыппыт Бөтүҥ оскуолатыгар, А.А. Черемных аатынан оҕо искусствотын кыһатыгар уонна «Бриллиантовые нотки» бэстибээл комитетын үлэһитигэр Александра Климоваҕа, күүс-көмө буолбут төрөппүттэрбэр, аэропортка көрсүбүт Москубаҕа сирдээбит биир дойдулаахтарбар Петр Прокопьевич Егоровка, Иван Иванович Неустроевка улахан махталбын тириэрдэбин олоххут суола куруук сырдык буоллун, чэгиэн сылдьын— диэн кэпсээнин түмүктээтэ салайааччы Софья Олеговна Иванова.

 

Иванова Нарыйа, Иванов Айдын,  Бөтүҥ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ.

Читайте дальше