Олох муудараһын — нэһилиэк сайдыытыгар

Амма Наахара нэһилиэгин биэнсийэлээхтэрэ уонна аҕам саастаахтар сүбэ мунньахтара үгүс дьону түмтэ.

Мунньаҕы олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Сахаяна Михайлова салайан ыытта. Мунньах буолуон биир ый иннинэ ситим нөҥүө олохтоохторго бэрэссэдээтэли талыы ыытыллыбыта. Онно олохтоохтор үгүс куолаһы Марианна Чеҥҥа биэрэн, итэҕэйэн быйылгы сылтан бэрэссэдээтэлинэн үлэлиэн сөп диэн куоластаатылар. Мунньахха саҥа салайааччы Марианна Никаноровна биэнсийэлээх дьонун кытары саҥа былаан ылыннылар, састаап таллылар, ирэ-хоро кэпсэттилэр. Нэһилиэк аҕа саастаах дьоно олох бары эйгэтин сайдыытыгар саамай көмө, тирэх, сүбэ буолаллар. Салгыы даҕаны ол тэтимнэрин ыһыктыбакка общественнай тэрээһиннэргэ кытта туруохтара, араас хамсааһыннары көҕүлүү туруохтара диэн эрэнэбит.

Мунньахха баһылык солбуйааччыта Сахаяна Иннокентьевна социальнай контракт туһунан билиһиннэрдэ, араас боппуруостары ырыттылар, саҥа санааларын эттиннилэр.

Ирина Корякина-Олесова.

Читайте дальше