Олоххо көхтөөх Зоя Павлова

Биһиги эрэдээксийэбитгэр хас сарсыарда аайы араас астаах Зоя Павлова киирэн кэлэр. Кини маннык биһиги быстах үссэнэрбитин хааччыйбыта хаһыс да сыла. Зоя Иннокентьевна менютугар бутербродуттан саҕалаан салаатыгар, халаачыгар, арааһынай начыыннаах бэрэскитигэр тиийэ ас баар.  72 саастаах Зоя Иннокентьевна олоххо  олус көхтөөх. Теннисчит бастыҥа. Хас сыл аайы тэрилтэлэр күрэхтэһиилэригэр тэрилтэтин чиэһин көмүскүүр. Аны араас ыытыллар улуус улахан күрэхтэһиилэригэр кини үрүҥ көмүс волонтер быһыытынан кыттар. Үһүс көлүөнэ көхтөөх чилиэнэ. Дьэ бу сарсыарда Зоя Иннокентьевнабыт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан бэйэлэрин баҕа өртүлэринэн  түөлбэнэн наскы хомуйбуттарын, ону кытта сакаас быһыытынан 12 киилэ отон туттаралларын кэпсээтэ.

«Хайдах көмөттөн туора туруохпутуй. Оҕолорбут барахсаттарга көмөлөһөбүт буоллаҕа дии. Сотору онно бараллар үһү. Онон кэһиибитин ыытабыт хайаан да . Урукку да өртүгэр көмө наада буоллаҕына туора турбаппыт», — диэн «Хардыы» түөлбэ олохтооҕо Зоя Павлова санаатын сайа этэн ааста.

Дьэ маннык үтүө санаалаах, олоххо көхтөөх дьон баар буолан биһиги өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа. Кинилэр олоҕу хамсатааччылар, интэриэһинэй оҥорооччулар.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше