Амма нэһилиэгин дьаһалтата олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа 2018 сылтан көхтөөхтүк кыттар. Быйыл уопсайа биэс бырайыак киирэн, нэһилиэнньэ куоластааһыныгар тахсыбыта. Куоластааһыҥҥа барыта 2427 киһи кытынна. Ол түмүгэр үс бастыҥ бырайыак кыайыылаах тахсан, салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттар кыахтаннылар. Онно сүүмэрдээһини аастахтарына, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөл. солк., Амма нэһилиэгин дьаһалтатыттан 300 тыһ. солк. уонна нэһилиэнньэ тус кылаатыттан көмө харчыны ыланнар, бырайыактарын олоххо киллэрэр кыахтаналлар. Дьэ, ханнык бырайыактар куоластааһыны аастылар? Сиһилии манна аах.
Хардыылар бырайыактарыгар 1829 киһи куоластаан бастакы миэстэ буоллулар. Аммабыт нэһилиэгин биир улахан «Хардыы» түөлбэтэ 2016 сыл муус устар 11 күнүгэр тэриллибитэ. Түөлбэҕэ уопсайа 500-тэн тахса киһи олорор. Салайааччынан Мария Кузнецова үһүс сылын таһаарыылаахтык үлэлиир. Хардыылар 2017 сыллаахха биир бастакынан бу бырагыраамаҕа кыттыбыттара. Оччолорго түөлбэ бэрэссэдээтэлинэн Светлана Реворьевна Артемьева үлэлиирэ. Куонкурус түмүгэр кыайыылаах тахсаннар, 2018 сыллаахха аныгылыы сиэдэрэй көстүүлээх оҕо оонньуур былаһааккатын тутаннар, атын түөлбэлэргэ холобур көрдөрбүттэрэ. Сылын аайы былаһааккаларын саҥардан, сайыннаран иһэллэр. Иккис сылларыгар “Бастыҥ түөлбэ” буолбут харчыларынан, түөлбэ олохтоохторун күүһүнэн уонна урбаанньыт Руслан Федотов көмөтүнэн олбуор туппуттара. Салгыы 2022 сыллаахха эмиэ бу бырагыраамаҕа кыттаннар, быйыл тренажёрдары уонна спортивнай оборудованиелары туруортуу сылдьаллар. “Саҕаламмыт ситиэхтээх, сиппит сайда туруохтаах” диэн санаанан салайтаран, аны быйыл саҥа бырайыак суруйан, эһиил аныгы күөх от бүрүөһүннээх футболлуур хонуу тэлгэтэр былааннаахтар.
2024 сылга Аммабыт улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар. Бу улахан тэрээһини көрсө Владимир Левин салайааччылаах Сахабыт сирин скульптордарын түмсүүтэ кыттыһаннар, олоҥхо персонажтарынан улахан скульптурнай композиция оҥорор баҕалаахтар. Ыһыах ыалдьыттара, олохтоохтор хаартыскаҕа түһэр, сынньанар сирдэрэ буолан, Олоҥхо ыһыаҕын биир кэрэ, бэлиэ миэстэтэ, бэйэлэрэ этэллэринэн “визитнэй карточката” буоларыгар саарбахтаабаттар. Бу бырайыакка барыта 1177 киһи куоластаан иккис миэстэ буоллулар.
Амма нэһилиэгин «Сэргэлээх» түөлбэтэ 2020 сыллаахха тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн Алена Быстрова үлэлиир. Манна Матросов, Цыкунов, Сэргэлээх, Ипподромнай, Молодежнай, Курашов уонна Комсомольскай уулуссалар, Дорожнай переулок олохтоохторо киирэллэр. Түөлбэҕэ уопсайа 300-тэн тахса киһи олорор.
Түөлбэ территориятыгар 2018 сыллаахха Саха сирин норуоттарын сэттис спортивнай оонньууларын көрсө тутуллубут СӨ үтүөлээх тренерэ Михаил Скрябин искибиэрэ баар. Манна эдэр ийэлэр, оҕолор, кырдьаҕастар сөбүлээн сынньаналлар. Түөлбэ олохтоохторо бу искибиэри тупсарар инниттэн эти-сиинин эрчийэргэ аналлаах уулусса тренажердарын туруорарга бырайыак суруйан, дьүүллүүр сүбэҕэ көмүскээбиттэрэ. Искибиэр үгүс саха ыччатын спорка уһуйбут, ааттаах-суоллаах тренер аатын сүгэринэн даҕаны манна тренажердар тураллара саамай сөп диэн Амма олохтоохторо сэргэлээхтэр бырайыактарыгар 1130 куолаһы биэрэн, үһүс миэстэҕэ таһаардылар. Кыайыылаах бырайыактар ааптардарын, көҕүлүүр бөлөх чилиэттэрин эҕэрдэлиибит уонна өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдээһинигэр ситиһиини баҕарабыт.
Вера ИВАНОВА