Чапчылҕаннар, иитэн-аһатан олорор эбэлэриттэн, Халы Баалыттан туттар ууну төгүрүк сыл устата туһанар дьолго тигистилэр.
“Дьон хаайбыта, туруорсубута ыраатта, быйыл, дьэ, олоххо киллэрэммит абыранныбыт”, — диэн аҕа баһылыктара Дьулустаан Юшков санаата бэркэ көтөҕүллэн туруох-олоруох сирин булбакка сылдьар.
“Водопровод” ситимин тардыыга Амматааҕы ОДьКХ үлэһиттэрэ күөх от бытыгырыаҕыттан сир бөһүйэ тоҥуор диэри үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө үлэлээн сайын үтүөтүн билбэккэ да хааллылар. Бырайыак мунньан-тараан икки мөлүйүөн солкуобай суумаҕа оҥоһулунна. 1,5 мөлүйүөнэ Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан субсидия быһыытынан кэлбит, 400 тыһыынчаны нэһилиэк бүддьүөтүттэн тыырбыттар, 50-ну спонсордар өйөөбүттэр уонна 50 тыһыынчаны олохтоохтор хомуйбуттар. Инньэ гынан, киин ититэр ситимҥэ холбоммут ыаллар кыһыннары-сайыннары уунан туһана олороллор. Онтон хочуолунай сылааһыгар тиксибэтэх дьоҥҥо уулуссаларынан ааһар уу ситимигэр сайынын бэйэлэрэ холбонон туһаныахтара.
Олег Егоров.