Улууспут олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр үлэтэ харыыта суох иннин диэки кимиилээхтик дьүккүйэр. Бу нэдиэлэ саҥатыттан саҕалаан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Аммаҕа олоҥхо Ассоциациятын салайааччы Нюргуяна Илларионова, культура управлениетын салайаачы Иван Иванов уонна управление үлэһиттэрэ нэһилиэктэринэн сылдьан эрэллэр.
Сылдьар сырыылара сарсыардаттан саҕалаан устар күнү быһа барар. Айан сонордуур соругун, сырсар сыалын туһунан Культура управлениетын салайааччы Иван Федорович бу курдук кэпсээтэ:
“Олоҥхо айана” диэн десаммытын Соморсун нэһилиэгиттэн саҕалаатыбыт. Улууспут бары нэһилиэктэригэр тиийиэхпит. Сүрүн сыалбыт-сорукпут диэн, нэһилиэнньэни кытары көрсөн Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр үлэ туһунан кинилэр санааларын-оноолорун, сүбэлэрин истэбит. Туһалаах диэбиппитин ылынабыт. Управлениебыт исписэлиистэрэ фольклор бары көрүҥэр, уустарга, иистэнньэҥнэргэ араас маастар-кылаастары көрдөрөллөр, бэлэмнииллэр.
Холобур, Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Дария Иванова “Михаил Носов уруһуйдарын тилиннэрии” диэн бырайыагы иилээн-саҕалаан ыытар. Ол чэрчитинэн, уруһуйдьут хартыыналарын илэ дьүһүйэн оҥорууга маастардары кытары ыкса үлэлиир. Көрсүһүүлэрбитигэр дьону-сэргэни Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөхтүк кыттарга, күүс-көмө буоларга ыҥырабыт уонна хас биирдии нэһилиэккэ түһээн түһэрэбит – “эһиги маны оҥороҕут, итини ситиһэҕит” диэн. Десаммыт сэтинньи ый саҥатыгар диэри буолуоҕа”.
Олег ЕГОРОВ