Амма улууһугар Олоҥхо декадатын бастакы тэрээһинэ сэтинньи 24 күнүгэр, улууспут Аартык сириттэн Улуу Чээбийдээх, Күннүктээх, Күөрэгэйдээх Эмис нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо саадыттан саҕаланна.
Бу дьоро күҥҥэ биһиги үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэ, эҕэрдэ тыл бастыҥын тиэрдэ Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Нюргуяна Ивановна Илларионова, Амма улууһун үөрэҕин салалтатын исписэлииһэ Эмма Валерьевна Давыдова, уһуйаан иһинэн ыытыллар «Сыарҕалаах атынан айан», «Үүтээн олоҥхото» бырайыактарбыт биир сүрүннээччитэ, уһуйаан гиимнин ааптара Наталья Николаевна Константинова уонна тэрилтэлэрбит күндү ыалдьыт буоллулар. «Чуораанчык» уһуйаан иитэр-үөрэтэр үлэтэ саха омуга былыргыттан илдьэ кэлбит баайыгар, олоҥхо тула үрдүк таһымҥа ыытыллар. Россияҕа Педагог уонна Наставник сылыгар, Амма улууһугар 17-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕынан, Республикабытыгар ЮНЕСКОнан биллэриллибит Олоҥхо Иккис уон сылыгар анаан, Захарова Алена Семеновна салайааччылаах «Чуораанчык» оҕо саадыгар «Олоҥхо дойдутугар айан» олоҥхо декадатын арыллыыта үрдүк таһымнаахтык тэрилиннэ. Сарсыардаттан сахалыы эйгэни тэрийэн оҕолорбутун хомус дьүрүскэн тыаһынан, сахалыы төрүт астаах сандалынан маанылаан көрүстүбүт. Бу күнтэн саҕалаан, декада тухары, сарсыарда ахсын төрөппүттэрбит сахалыы остуол оонньууларын оонньоон саҕалаатылар. Декада түмүгэр кыайыылаах төрөппүт быһаарыллыаҕа. Олоҥхобут декадатын үөрүүлээх аһыллыытын, уһуйааммыт төрөппүтэ Стручкова Нь.В. тойугунан доҕуһуоллаан, иилээн-саҕалаан ыытта. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытын, төрөппүттэрбитин кыынньар кымыһынан, алгыстаах алаадьынан, минньигэс саламаатынан күндүлээтибит. Кырачаан иитиллээччилэрбит боччумуран олорон, биир дойдулаахпыт Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотуттан быһа тардан толорон, көрөөччүлэри олус долгуттулар. «Тэтим» фольклорнай бөлөх оҕолоро күпсүүргэ норуот матыыптарын толордулар.
Тэрээһиммит долгутуулаах сүрүн чааһынан, уһуйааммыт педагога Нонна Ноговицына уонна төрөппүт Нина Ноговицына оҕолорго анаан оҥорбут «Олоҥхо мин Эмиспэр», «Киистэ кэпсээнинэн олоҥхо» диэн ойуулуктар сүрэхтэниилэрэ буолла. Ойуулуктар олус табыллан, көрөөччүлэрбит биһирэбиллэрин, сэҥээриилэрин ылла.
Ол кэннэ «Сир симэҕэ» Саха Республикатын норуодунай коллективын салайааччыта Марианна Васильевна Ефимова «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхону сыанаҕа спектакль гынан туруорбутун кэпсээтэ. Тэрээһиммит иккис түһүмэҕэр, Олоҥхо Иккис онус сылын үөрэхтээһиҥҥэ туһуламмыт соруктарга олоҕуран, иитээччилэр мультимедийнай, интерактивнай сайыннарар:
— «Олоҥхо үс дойдута», «Кэрэ симэх», «Ат симэҕэ» (Нонна Ноговицына);
— хомулук «Олоҥхо геройдара», таайбараҥнар «Сахалыы музыка инструменнара», «Чаппарааҕы киэргэт» (Ирина Ноговицына);
— «Бэргэн булчут мүччүргэннээх сырыылара», «Өбүгэ» (Елена Ларионова, Татьяна Новикова);
— «Тойон Дьаҕарыма айана», «Саха халандаарын эргиирэ, «Айыы оҕотун сиэрин айана» (Наталья Константинова) оонньуулары оҥорбуттарын кэпсээн сырдаттылар, сүрэхтээтилэр, маастар кылаастары көрдөрдүлэр. Маны тэҥэ «Амма дьэдьэнэ» диэн оонньууну оҕолор оонньоотулар.
Биир сүрүн чааспытынан «Уруйдан олоҥхо» диэн уһуйаан иитиллээччилэрин кытта үлэһиттэр илиинэн оҥорбут оҥоһуктарынан бэлэх холбукабытын билиһиннэрдибит. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ үлэһиттэр төрүт инструменынан доҕуһуоллатан норуот матыыбынан ырыалары толорон, ыалдьыттары сөхтөрдүлэр. Түмүккэ, Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕын уруйдаан, олоҥхобут олоҕор олорсон, оһуохайы дьиэрэттибит.
Биһиги, «Чуораанчыктар», өбүлэлэрбит тылын саамай сүөгэйин-сүмэтин, сиэрин-туомун, алгыһын олоҥхоҕо киллэрэн, оҕолорбутугар сахалыы тыыны иитэн, иҥэрэн, Ийэ тылларын сайыннаран олоҥхоҕо уһуйабыт. Хас биирдии оҕо сахатын тылын билэрэ кини инники олоҕор, атын омуктардыын бодоруһарыгар туһалыыр, өбүгэлэрин кытта ситимниир уонна олоххо бигэ тирэхтиир!
Алёна ЗАХАРОВА.