Олоҥхоттон ыччаттарбыт сүдү күүс ылаллар

Гаврил Колесов аатынан олоҥхо дьиэтэ тэриллибитэ 10 сылыгар аналлаах уһуйаан уонна оскуола оҕолоругар биирдиилээн, бөлөҕүнэн уонна театрынан көрдөрүүгэ “Олоҥхо оҕолоро” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх Аллараа Бэстээххэ буолан ааста. Туяра Мартынова салайар Амма Наахара нэһилиэгин «Үрүйэчээн» фольклорнай кыра бөлөҕө Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун көрдөрөнн 3-с истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылан кэллэ.

Күрэххэ Уус Алдантан, Тааттаттан, Хатастан, Аллараа Бэстээхтэн, Мэҥэ Ханаластан, Амматтан барыта 60 оҕо кыттыыны ылла. Салайааччы Туяра Захаровна оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэн-такайан, сыралаах үлэтин түмүгэр оҕо билиитин-көрүүтүн, бэйэтин кыаҕын олорор эйгэтигэр туттарыгар, бэйэтин наадатын быһаарсарыгар, санаатын сөпкө этэригэр үөрэтэр.

Олоҥхоҕо киһи аймахха баар олох сыаннастара үгүстэр. Олоҥхонон тирэхтэнэн бэйэтин омугунан киэн туттар ыччат дьону иитэр, үөрэтэр салайааччыбытыгар Туяра Захаровнаҕа, «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөххө өссө үгүс ситиһиилэри, дабайыылары баҕарыаҕыҥ!

Олоҥхо диэн дуолан бухатыырдар охсуһууларын, быһылааннаах, мүччүргэннээх сырыыларын хоһуйар норуот тылынан айымньытын саамай улахан көрүҥэ. Олоҥхо тыла-өһө, хас эмэ үйэлэр тухары чочуллубут буолан бэйэ-бэйэтиттэн хостонон, тыл-тылтан тардыстан тахсан иһэрин толорор, истэр сахалыы куттаах киһиэхэ сүдү күүс буолар.

Ирина Корякина – Олесова.

Читайте дальше