Субуота күн сынньана таарыйа, Наталия Рязанская кэпсээнин ааҕаргытыгар ыҥырабыт. Ардыгар икки атахтааҕар түөр атахтаах доҕордорбут быдан чугас буолаллар. ..

Сайыҥҥы дохсун ардахха ньылбы сытыйан, Өрүөстээх үрэҕи туораан, төһө кыалларынан түргэнник дьиэтигэр тиийээри, Испирдиэн атын быһа кымньыылаан, көтүтэн истэҕинэ, арай кэнниттэн ким эрэ үөгүлүүр саҥата иһилиннэ. Бачча ардахха ким, туох буолла диэн соһуйан, кэннин хайыһан көрбүтэ, суол кытыытыгар Оппой турар эбит.
-Хайа, нохоо, туох буолан ардаҕы ортотунан киһини үөгүлүүгүн?!-диэн Испирдиэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, улаханнык хаһыытаан тоҕо барда.

— Испирдиэн, оҕом куһаҕан буолан хаалла. Хаптаһыннаах этиҥ дии, бэрис эрэ, — диэн Оппой дьикти көрдөһүүтэ Испирдиэни букатын өмүтүннэрэн кэбистэ. Испирдиэн Оппой ханнык  “оҕото” буоларын бэркэ өйдөөтө эрээри, хайдах эрэ этин сааһа аһыллан, эмискэ тымныы уунан саба ыспыт курдук буолла.
-Тугу-тугу, кэпсиигин, доҕоор, — диэн баран курулас ардаҕы аннынан Испирдиэн атыттан түһэн, Оппой диэки чугаһаата.
Киһитин сирэйин-хараҕын көрдөххө, бэркэ саппаҕырбыт көрүҥнээх. “Барыахха, дьиэбэр” диэн саҥа таһаараатын кытта, иккиэн саҥата-иҥэтэ суох батысыһан, Оппой дьиэтигэр кэллилэр.
Таһыттан көрдөххө, дьиэ-уот сэнэх, олбуор иһэ-таһа ыраас, туохтара барыта орун оннугар турар. Бээ, Оппой хаһаайыстыбаннай диэн элбэхтэ истибитэ, кырдьык эбит диэн Испирдиэн иһигэр хайгыы сыана быһа истэ.
Соторутааҕыта дьон кэпсээниттэн иһиттэххэ, Оппой кэргэнэ Мааса бэрт өр орон-тэллэх киһитэ буолан сытан өлбүт. Ол тухары кэргэнин Оппой олус кичэллээхтик ыарыылаабыт үһү. Онон кэргэнин кистии дьахтарын дойдутугар барбыт сурахтааҕа. Арааһа, түөрт уон хонугун кэнниттэн кэллэҕэ бу.
Эр дьон кыра күүлэлээх дьиэ иннигэр кэлэн, аан айаҕар, кирилиэс анныгар бүтүннүү уҥуох-тирии буолбут, хап-хара ыт түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн баран, бу өлөн сытарыгар кэтиллэ биэрдилэр. Ыт соторутаааҕыта өлбүт быһыылаах, үөн-көйүүр сиэбэтэх, сыт-сымар да суох.
-Көр, оҕом сыыһа бу сытар. Бэҕэһээ кэлбиппэр өссө тыыннаах этэ. Мин кэлээппин кытта, хараҕынан миигин көрбүтэ, кутуругун хамсаппыта, илиибин салаабыта уонна аһын да аһаабакка, хааһытын да сиэбэккэ, бу сарсыарда өлөн хаалла, — диэн баран Оппой, киһи аһыныах, санна ыгдаҥнаан, мэрбэллэ-мэрбэллэ ытаан барда.
-Тыый, Оппой, оттон киһи өлбүт буоллаҕай, аньыытын баҕаһын, ытаама бээ, — диэн Испирдиэн киһитин уоскута сатаата да, тохтуур аат диэн букатын суох буолла.
Нэһилиэк дьоно Оппойдоох Мааса ыттарын бары да билэллэр этэ. “Аата, булан-булан Оҕо диэн ааттаатахтарын, өйдөрө оттон онно эрэ тиийээхтээтэҕэ диэн” элбэхтэ күлэллэрин, сэтэрииллэрин Испирдиэн үгүстүк истибитэ. Ыттарын киһи курдук маанылаан иитэллэрин, күҥҥэ үстэ хааһылаан аһаталларын сүөргүлээн, сөҕө-махтайа кэпсэтэллэрэ.
-Хайдах маннык ыккын хаалларан кэбистиҥ? Аччыктаан өлбүт дии,- Испирдиэн чохчойон олорон эрэ, ыты сыныйан көрдө.
-Ол уйатыттан таһааран көҥүл ыыппытым ээ, тыаттан куобахтаан, куртуйахтаан аһыа дии санаабытым. Маасам эмискэ баран хаалан, саатар бэйэм да өйдөөбөтөхпүн, эйиэхэ киллэрэн биэрбэккэ, -дии-дии Оппой олорон эрэ ытын имэрийэ-имэрийэ, биир кэм ытаан сыҥыргыы олордо. “Чээн, ол мин Дуунньам эһиги ыккытын төһө эрэ көрөр этэ” диэн Испирдиэн иһигэр сонньуйа санаата.
-Бээ, оттон эн туохха хаптаһын көрдөөтүҥ? Хастааҕы ылаҕын?-диэн киһитин аралдьытаары эр киһи сымнаҕас соҕустук ыйытта.
-Ол хастаах диэн баарый? Мин ыппар сөп түбэһэр наада, -диэн баран, Оппой туран кэллэ уонна хараҕын уутун ырбаахытын сиэҕинэн сотто-сотто, сүтүк күлүгэ иҥмит курус харахтарынан уун-утары көрөн турда.
-Хайдах, ыккар наада дуо? Хоруоптаары гынныҥ дуо, ама?-диэн соһуйан, Испирдиэн туран, кэннинэн чинэрийдэ.
-Аһа, хоруоптаары, баар-суох оҕобун, хайдах мээнэ көмүөхпүнүй? Хоруоп оҥорон, ийэм аттыгар көмөөрү гынабын,-диэн баран, Оппой арыый уоскуйа быһыытыйан, хараҕын уутун туора-маара ньуххарынан кэбистэ.
Испирдиэн хайдах эрэ мах бэрдэрэн, туох диэн билбэккэ турда. Ол эрээри Оппой ытыгар хаптаһын биэрбэтэхпинэ сүрэ бэрт буолсу дии санаата.
Бу кэмҥэ, бэлиэр, ардах астан, былыт быыһынан күн чаҕылыччы тыкта. Күөх халлаан диэки хантайан, иккиэн үөһэни кыҥастаһан саҥата суох турдулар.
-Оҕобутун Мааса ыллаҕа ээ. Хайдах эрэ инньэ дии санаатым. Мин кини курдук хааһыны сатаан үчүгэйдик буһарбаппын ээ, -диэн баран, Оппой үөһэ тыынна.
-Оннук, сөпкө санаабыккын. Онон санааҕын наһаа түһэримэ. Оҕоҥ Маасаҕар тиийдэҕэ. Ыккар сөп буолар хаптаһыны тыраахтарбынан бу киэһэ аҕалыам.
Испирдиэн тэлгэһэттэн тахсарыгар Оппой син арыый да кэҥээн, сирэйэ-хараҕа оннугар түһэн, уп-улахан ытыһынан ыраахха диэри далбаатыы хаалаахтаата.

ххх
Бу Оппой, хаһааҥҥыта эрэ ыанньыксыт Суон Суонньа күҥҥэ көрбүт соҕотох, мааны уола, төрүүрүгэр сүрэхтэммитинэн Оппуонньа Саарын. Сааһа биэс уонун лаппа ааһан эрдэҕэ. Суон Суонньа Оппойу хотон тута кэлбит нуучча киһититтэн булбут диэн дьон сири аннынан кэпсэтэллэрэ. Ол туоһутунан уол кыра сылдьан сып-сырдык соломо куудара баттахтааҕа, күп-күөх ыраас да ыраас харахтааҕа уонна тамыйах курдук уп-уһун кыламаннааҕа. Кыратыгар хайдах эрэ киһи көрөн хараҕа сымныыр, сылаанньыйар ураты кэрэ дьүһүннээҕэ. Ол эрээри уол улаатан истэҕин аайы дьүһүнэ-бодото уларыйан, өйүнэн, толкуйунан мөлтөҕө биллэн барбыта. Оскуола боруогун атыллаан баран, кыайан ааҕан, суоттаан биэрбэккэ, кылааһыгар үс төгүл хаалан, нэһиилэ сыһыллан-соһуллан, бэрт эрэйинэн түөрт кылааһы бүтэрбитэ. Ол кэннэ доруобуйата кыайбат диэн ийэтэ туруорсан, букатын оскуола аанын сабан кэбиспиттэрэ. Мантан бэттэх Оппуонньабыт устунан Оппой буолан хаалбыта.
Оппой онон ийэтэ ыанньыксыттыыр кэмиттэн фермаҕа ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Атын үлэни киниэхэ хайдах эрэ итэҕэйбэт курдуктара. Онон олох кыра сааһыттан бу сайылыкка олороро. Былыр кыһын кыстыктарыгар нэһилиэккэ киирэллэр этэ. Кэлин Оппой сайыҥҥы дьиэтин, бокуонньук Баһылай биригэдьиир көмөтүнэн, өрөмүөннээн, өрө тардан кыһыннары олорор дьиэ оҥостуммуттара. Нэһилиэктэн тэйиччи соҕус, уонтан тахса биэрэстэлээх сиргэ олороллоро. Уол отутун туоларын саҕана, ийэтэ өлбүтэ. Онон ийэтэ өлүөҕүттэн биэс-алта сыл чороҥ соҕотох олорбута.
Оппой нэһилиэккэ киирбитэ олохтоох дьоҥҥо сонун буолара. Кыра оҕолор кэнниттэн батыһа сылдьан “Оппоой, кэмпиэттэ бэрис” , — дии-дии сырса сылдьаллара. Маннык дьикти үгэс Оппой сытыары-сымнаҕас, оҕомсох майгытыттан тахсыбыта. Маҕаһыыҥҥа киирэн минньигэс атыылаһан баран, килиэпкэ кэлбит оҕолорго түҥэтэн кэбиһэрэ. Ол курдук эр киһи куруук сиэбигэр толору сакалааттаах, кэмпиэттээх буолара. Көрдүүргэ барыларыгар утары уунан, уулуссаҕа сылдьар оҕолору кытта күндүлүүр идэлэммитэ. Кэлин кэргэннэнэн баран кэмпиэт бэрсэрин тохтотон, оҕолортон элбэхтик үөҕүллэр буолбута. “Акаары Оппой! Оппой көҥөс!” дии-дии быыкаа оҕолор кэнниттэн хаһыытыыллара, аһары барбыттара хаппыт буорунан тамнааттыыллара. Ол эрээри мантан сылтаан Оппой кимиэхэ да өһүрбүтэ, этиһэ, аахса барбыта суох этэ. Ол курдук эр киһи көнө, кыраҕа да ымыттыбат олус сымнаҕас майгылааҕа. Кыра сырыттаҕына уолаттар охсон, тэбэн да кэбистэхтэринэ ытаан оппооруҥнуура, кимниин да быһаарса, охсуһа барбат этэ. Дьиҥэр, уҥуоҕунан саастыылаахтарыттан лаппа улахана, бөдөҥө-садаҥа, кыра сарахачыспыт уолаттары, баҕардаҕына, төһө баҕарар кум-хам тутар кыахтааҕа. Туруору күүһүн саас, күһүн нэһилиэк субуотунньуктарыгар көрдөрөн соһутара.
Оппойу көрдөллөр эрэ кыра нэһилиэк үгүс дьоно тоҕо эрэ бары күлүү гыналлара, киниттэн ону-маны ыйытан, түҥ-таҥ эппиэти истэн, санаалара көнньүөрэрэ. Ол курдук Оппой хас саастааҕын чопчу билбэт этэ. Арыт уон аҕыстаахпын, арыт биэнсийэҕэ барарым аҕыйах сыл хаалла ини диэн дьону күллэрэрэ. Көрөр ньирэйдэрин ахсаанын чуолкай эмиэ билбэтэ. Ол эрээри хараҕынан көрөн ньирэйэрин барытын чопчу билэрэ. Саадьаҥка, Маасыҥка, Бойуот, Өрүөстээх диэн барыларын аат ааттаан ыҥырара.
Олус бүгүрү үлэһит, кыайыгас уолу ферма үлэһиттэрэ ытыктыыллара, сылын ахсын Оппой үлэтэ таһаарыылааҕыттан, биир да ньирэйи өлөрбөккө, этэҥҥэ сайылатан кыстыкка киллэрэриттэн үөрэллэрэ, биригэдьиир сылын ахсын үрдүк тырыбынаттан хайгыыра. Бэл, үрдүк, таһаарыылаах үлэтин иһин, хаста да тэллэх саҕа кыраамата ылан турардаах. Онон Оппой, туһугар, сопхуос биир төһүү үлэһитэ этэ.
ххх
Оппой кэргэннэммиэ бэйэтэ эмиэ туһунан остуоруйа этэ. Арай биир сайын фермаҕа ыанньыксытынан Мааса диэн ыаллыы нэһилиэктэн олус сытыы, саас ортолоох дьахтар кэлбитэ. Хаста да кэргэннэнэн баран арахсыбытын, эдэригэр аһыы утаҕы амсайбыт хобдох соҕус олохтооҕун, икки кыыстааҕыттан эдэригэр ийэ быраабыттан быһыллан, эмиэ чороҥ соҕотох ускул-тэскил сылдьарын, этэрбэс араадьыйатын нөҥүө хобу-сиби тарҕатааччылар билэ охсубуттара.
Мааса кэллэ кэлээт, олохтоох ферма үлэһиттэрин муҥур хотуннарын кытта бурайсан кэбиспитэ. Дьиҥэр, иэҥэ-дьааҥа суох, көнөтүнэн сылдьыбытын, үүт тутааччы Хобороос “үүккэр ууну кутар эбиккин” диэн балыйан, дьахтары букатын кыынньаан кэбиспитэ. Бу диэн эттэххэ, Мааса оннук хара санааны букатын олоххо киллэриэхтээҕэр, төбөтүн иһигэр да олохсуппат этэ.
Өлүү түбэлтэлээх ол үүт айдааныгар, Хобороос Маасалыын этиһэ турдахтарына, Оппой киирэн, Хобороостон саҥа төрөөбүт икки ньирэйигэр сибиэһэй үүт көрдүөн баҕарбыта. Икки дьахталлар умайыктанар этиһиилэрин ортотугар, Мааса үүттээх биэдэрэтин өҥөйөн көрөөччү буолбута. Онуоха Мааса, бу киһи эмиэ үүппүн сирэн эрэр, Хобороостуун куомуннуулар эбит дии санаан, хаһыыра түһэн баран үүттээх биэдэрэни эр киһи төбөтүгэр кэтэрдэн кэбиспитэ.
Маннык эрэ буолуо дии санаабакка турбут Оппой соһуйан, түҥ-таҥ дайбанан, биэдэрэлэри баҕастары толору үүттээх цистернаҕа төбөтүн оройунан түспүтэ. Икки дьахтар өмүрэр хаһыыларын ортотугар, үүттэн чачайан тумнаста сыһа-сыһа, Оппой кутталыттан ыстаана сулбуруйбутун да билбэккэ, үүттээх цистернаттан ойон тахсыбыта. Бүтүннүү үүтүнэн чаккырыы-чакыырыы дьиэтин диэки куотан батыччахтаабыта. Кэнниттэн икки дьахтар хаһыытын кытта, хатан күлүүнү эрэ истэн хаалбыта.
Маннык үүккэ түһэн, таҥаһын-сабын суунан (бу да буоллар, Оппой олус ыраас, чэнчис, суунары-тараанары сатыыр киһи этэ) баран киэһэ ньирэйдэригэр тахсаары олордоҕуна, били биэдэрэлээх үүтү төбөтүгэр кэтэрдибит дьахтар эмискэ дьиэтигэр көтөн түспүтэ.
-Хайа, бу уол манна соҕотох олороҕун дуо? Бэрэски сиигин?-диэбитинэн сып-сылаас саҥа хобордоохтон тахсыбыт, олус минньигэс сыттаах үс бэрэскини бүлүүһэҕэ ууран, уол муннугар ыга аспыта.
Оппой хап-сабар биир бэрэскини хаба тардан ылан, сиэн барбыта.
-Чээн, туос аччык сылдьаҕын диэ. Ким аскын астыыр, дьиэҕин уоккун хомуйар?-диэн баран дьахтар уолу аһыммыттыы сып-сылаастык көрөн кэбиспитэ.
-Бэйэм, ийэм өлбүтэ,-диэн баран Оппой хараҕа ууланан ылбыта.
-Чээн, оо, сөп-сөп. Арба, мин Мааса диэммин, эн Оппуонньа диэн ньирэй көрөөчү уол үһүгүн дии. Чэ ити үүккэ уган ылбыппар кыыһырбат инигин. Киэһэ ньирэйдэргиттэн кэллэххинэ, эйиэхэ киирэ сылдьыам. Мин эйигин Оппуонньа диэн ыҥырыам, сөп, -диэн баран дьахтар күлэ-үөрэ тахсан баран хаалбыта. Оппой сүрэҕэр туох эрэ дьикти, урут билбэтэх сылаас сүүрээнэ киирбититтэн, хайдах эрэ ис иһиттэн өрө көтөҕүллэн, сылаанньыйан, долгуйан хаалбыта.
Мантан бэттэх Мааса күн аайы уолга киирэр-тахсар, ылсар-бэрсэр буолбута, күһүн букатын да көһөн киирбитэ.
Дьон Маасалаах Оппой сыһыанын эмиэ тута омнуолаан, сиилээн-одуулаан барбыттара. Биир үксүн дьахтар эдэр сааһын сырыыларыттан уолларын көҥөнөр курдуктара, иккиһинэн, дьахтар Оппойтон сүүрбэччэ сыл аҕа этэ.
Чэ, ол эрээри кинилэр олох олоруо буоллахтарай? Сыыйа-баайа Оппойдоох Мааса бииргэлэспиттэрэ остуол кэпсээнигэр киирэрэ аҕыйаан барбыта. Дьахтардаах эр киһи куруук батысыһа сылдьаллара. Онон кэнникинэн харахтара үөрэнэн, сыыйа ыал дьон быһыытынан ылынар буолбуттара. Оппойу, хата, дьон күлүү-элэк оҥосторо аҕыйаабыта, оннооҕор оҕолор бастаан үөҕэ сатаан баран, кэлин Маасаттан куттанан кэмпиэт көрдөөн бүппүттэрэ.
ххх
Ол эрээри биир саас оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕолор похуоттуу диэн ааттаан, Оппойдоох үрэхтэригэр тахсан, түүн аһаан-сиэн баран, бэрт диэнник утуйа сытар ыалга “Оппой тоҕо кэмпиэккиттэн бэрсибэт буоллуҥ?” диэн кэлэн боруок көрдөөн, айдааран турбуттара. Мааса тахсан сарылаан көрбүтүн төрүт истибэккэ, тэбиэһирэн туран дьиэлэрин түннүгүн ураҕас маһынан эргиччи тоҕута сынньан кэбиспиттэрэ.
Дьэ маныаха хаһан да кыыһырбатаҕын кыыһыран, Оппой сүүрэн тахсан, биир улахан, бөдөҥ Сиидэр диэн, ордук боруоктаах уолларын, көтөҕөн ылан сиргэ илдьи быраҕан кэбиспитэ. Манна сөп буолбакка, кэҕэ курдук кэбиэлии этэ, кэмпиэт көрдүү олорор Уйбааҥканы матасыыкыллары баҕастары көтөҕөн ылан, эмиэ туора элитэн кэбиспитэ. Дьэ манныгы эрэ көрүөхпүт диэбэтэх оҕолор, тута ньам баран, тилэхтэрэ харааран, куотар аакка барбыттара.
Бу сырыы кэнниттэн хас эмэ төгүл күүркэтэн, нэһилиэк дьоно Оппой күүһүн-уоҕун сөҕөн-махтайа кэпсэл оҥостубуттара уонна бу түгэнтэн ыла, ким да Оппойдооҕу мээнэ күлүү-элэк оҥостубат, түүннэри нүһэр ыалдьыт буолан тиийбэт буолбуттара.
Маннык Оппойдоох Мааса син ыал аатын ылан, сүүрбэччэ сыл эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Биирдэ да дьахтардаах эр киһи киҥир-хаҥыр саҥарса сылдьалларын бу сыллар тухары ким да истэ, көрө да илигэ. Ол курдук дьахтар Мааса куруук үөрэ-көтө, “доҕоор, Оппуонньаа” дии-дии кэргэнин тула көтө сылдьара. Эр киһини дьаһайан, дьиэлэрин-уоттарын хайа да ыаллааҕар итэҕэһэ суох оҥостон кэбиспиттэрэ. Сайылыктарыттан нэһилиэккэ киирдэхтэринэ, Оппой саҥата суох кэргэнин кэнниттэн батыһа сылдьара.
Хомойуох иһин, Оппойдоох оҕолоро суоҕа. Ол да иһин буолуо, иккиэн кыылы-сүөлү олус таптыыллара. Кэлин ыт ылан, онтуларыгар киһи курдук сыһыаннаһан, оҕо курдук маанылаан ииппиттэрэ. Ыттарын Оҕо диэн ааттаабыттара. Ханна да бардаллар ыттарын илдьэ сылдьаллара. Оҕолоро да олус өйдөөх этэ. Мээнэ ыттар курдук сарахачыйа, көрбүтү эрэ үрэ сылдьыбакка, оттомноох баҕайытык хаһаайыттарын батыһан, кыһыннары-сайыннары тохтообут сирдэригэр таһырдьа кэтэһэн сытар буолара.
Кэлиҥҥи сылларга Мааса улаханнык ыалдьан, балыыһаҕа киирэрэ-тахсара элбээбитэ. Ол кэмҥэ Оппой Оҕотунаан тулаайахсыйан уку-сакы сылдьалларын уйан сүрэхтээхтэр олус аһына көрөллөрө. Олор истэригэр бу Испирдиэн баара.
Оппой Ипсирдиэн киниэхэ киһилии сыһыаннааҕын эмиэ билэрэ. Ол иһин куруук көрдөр эрэ, тохтоон илии тутуһан, кинини кытта кэпсэтэрэ. Сайын аайы үрэххэ туу ииттэҕинэ, Испирдиэҥҥэ собо балыгыттан хайаан да бэрсэрэ. Хата, кэргэнэ Дуунньа тоҥкуруун, тоҥуй муҥутаан, Оппой балыгыттан сиргэнэрэ. Дьиэс-куос тутта-тутта ылара уонна Испирдиэҥҥэ “кирдээх үрэх балыга туох аанньа үһү” диэн дьонугар сиэппэккэ, кууруссаларыгар аһылык оҥосторо. Ону биллэн турар, Оппой эрэйдээх билбэт этэ.

ххх
Испирдиэн эппит тылын толорон, киэһэ Оппой ытын хоруобар сөп буолар хаптаһыны аҕалан биэрбитэ. Көрбүтэ, киһитэ ытын оҕо курдук маҥан таҥаска суулаан, дьиэтин күлүгэр ойоҕоһунан сытыаран кэбиспит этэ.
-Хайыа, доҕоор, ыккын олох киһи курдук суулаабыккын дии, -диэн Испирдиэн саҥа аллайбыта.
-Оттон, хайдах, киһи курдук этэ ээ,биһиэхэ. Оҕом барахсан, -диэн баран, Оппой эмиэ хараҕа ууланан, сыҥыргаан барбыта.
-Бээ, ытыҥ хоруобар көмө наада дуо, тутуһар-хабыһар, -диэн Испирдиэн сэрэнэн ыйыппыта.
-Ээ,суох. Барытын бэйэм дьаһайыам, -диэт, Оппой тыраахтарга тиийэн, икки хаптаҕыны бэрт чэпчэкитик кыбынан баран, дьиэтин кэннигэр биир тыла суох ааһа турбута.
Испирдиэн чочумча тура түспүтэ, онтон тула эргим-ургум көрөөт, Оппой олбуоруттан тахсан, тыраахтарыгар кэлбитэ.
Хайдах эрэ бу түгэҥҥэ Испирдиэн олус хараастыылаах чугас киһитэ өлбүтүн курдук уйадыйан ылбыта уонна Оппойго тугунан эрэ көмөлөһүөн баҕаран кэлбитэ. Эмискэ төбөтүгэр бу саас бэрт эрэйинэн, хас эмэ сыл кэтээн-манаан, элбэх харчыга атыылаһан ылбыт, булчут ийэлээх, аҕалаах ытын оҕото Кынат хараҕар көстө түспүтэ. Кынат Оҕоҕо холоотоххо, дьүһүнэ муус маҥан, лайка боруодалаах ыт этэ. Майгыта-сигилитэ, өйө-санаата да көннөрү дьиэ ытыттан уратыта. Бээ, арай Кынаты Оппойго бэлэхтээтэхпинэ хайдах буолуой? Эрэллээх доҕор буолуо этэ ээ, кырдьык даҕаны. Ол эрээри булчут ыты, тыаттан арааран, дьиэ ыта оҥорон, кэҕиннэрэн кэбиһэбин дуо, ама? Оо, арба, хотунум Дуунньа Оппойго Кынаты саахар да манньаҕа босхо биэрбэт буоллаҕа. Оо дьэ… хайыах баҕайыбыный? Дьонтон атын ыты ыйытан көрөрүм дуу? Ыт эрэ дэлэй ини. Маннык арааһы санаан Испирдиэн тыраахтарын собуоттаан, дьиэтин диэки төттөрү тирилэтэ турбута.
ххх

Сотору самаан сайын ааһан, солотуу дуйдаах курус күһүн тиийэн кэлбитэ. Испирдиэн, куолутунан, оттоон бүтэн, бултуур сиригэр сэбин-сэбиргэлин бэринээри, Өрүөстээх үрэҕинэн быһа түһээри, тиийэн кэлбитэ. Эмискэ ыт үрэн чоргуйарын кытта, тыа быыһыттан Оппой тахсан кэлбитэ.
-Хайа, доҕоор, тугу гына сылдьаҕын бу?-диэн Испирдиэн саҥа аллайбыта.
-Ээ, оҕобун кытта кус оҕолуу сылдьабыт. Иккини бу өлөрдүбүт, киэһэ күөстэниэхпит,-дии-дии Оппой үөрэн, иннин тииһэ суох айаҕа ардьас гына түспүтэ.
Кэнниттэн муус-маҥан ыт тахсан, кутуругун куймаҥнаппытынан Оппой иннигэр аҕылыы-аҕылыы олорунан кэбиспитэ.
-Оо, Кынат, хайа, улаатан, төлөһүйэн киһи билбэт ыта буолбуккун дии, Кэл эрэ манна, -дии-дии Испирдиэн атыттан түһэн ытыгар чугаһаан кэлбитэ.
Ыт бастаан Испирдиэни, онтон Оппойу көрбүтэ уонна сыппыт сириттэн харыс да сири халбарыйбатаҕа.
-Кынат, хайа, Испирдиэн дии, бу. Урукку хаһаайыҥҥын билбэтиҥ дуо?-диэн баран ытын төбөтүттэн имэрийэн ылбыта. Онтон “чэ, бар” диирин кытта, ыта сулбу ойон тииэн Испирдиэн иннигэр хорус гына олоро түспүтэ.
-Ок-сиэ, хайа, доҕоор, букатын эйигин эрэ истэр буолбут дии. Пахай, миигин билбэт дуу? Кынат, аһаппыппын-сиэппиппин умуннуҥ дуо, бэлиэр?-Испирдиэн ытын төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ таптаан ымманыйбыта.
-Отой киһи курдук, саҥабын барытын өйдүүр. Улааттаҕына өссө үчүгэй буолуо. Харахпытынан кэпсэтэбит ээ, биһиги. Кэл, Кынат, манна, -диирин кытта, ыта эмиэ сыппыт сириттэн ойон туран, Оппой таһыгар тиийэн сытынан кэбиспитэ.
-Булчут ыт диэбитиҥ дии, ол иһин аны ньирэйдэрбиттэн быыс-арыт буллум эрэ, бу үрэххэ киирэбит. Булчут буолаары гынным быһыылаах, саам эрэ суох, -дии-дии Оппой эмиэ мичээрдээн тииһэ суох айаҕа ньамайан олорбута.
Маннык истиҥник кэпсэтэн, Испирдиэннээх Оппой үрэхтэн икки аҥы айаннаабыттара. Испирдиэн тоҕо эрэ кэннин хайыһан Оппойдоох Кынаты ыраахха диэри батыһыннара көрөн турбута. Чахчы, киһиэхэ кыра да наада ээ. Оппой курдук туохтан барытыттан оҕолуу үөрэн, тыынар тыыннаахха киһилии сыһыаннаһан, дьон хаҕыс сыһыаныгар кыһаммакка, холкутук-наҕыллык олорбут киһи. Улахан үөрэхтээх, дьонтон барытыттан эрэ өйдөөх, сайдыылаах курдук сананабыт эрээри, арыт аттыбытыгар баар быыкаа, кыра да кынаттыырын өйдөөбөт курдукпут.
Оппойдоох Кынат арай Испирдиэн араас толкуйугар эрэ кыһаммакка, иккиэн үөрэ-көтө дьиэлэрин диэки бара турбуттара. Үрдүлэригэр бороҥ халлаан, тулаларыгар кэхтэн эрэр айылҕа, анныларыгар баһыллар бадараан, оттон кинилэр дууһаларыгар мэлдьи сырдык санаа, истиҥ сыһыан уйаламмытын өйдөөн көрөр, чахчы, олус кэрэ этэ.

Наталия Рязанская

Читайте дальше