Балаҕан ыйын 5 күнүгэр улуустааҕы Дьарыктаах буолуу киинэ Үлэ дьаарбаҥкатын ыытта. Тэрээһин, үгэс курдук, сыл ахсын буолар. Быйыл уота, сибээһэ суох да буоллар, күн устата 36 киһи кэлэн барда.
Дьарыктаах буолуу киинин 1-кы категориялаах инспиэктэрэ Александра Дьяконова кэпсээбитинэн, бу күн кылгас болдьохтоох кууруска 5 киһи суруйтарбыт, бэйэ дьыалатын арыйыан баҕалаах 2 киһи биллибит, социальнай хантарааҕынан үлэни 1 киһи сураспыт уонна 8 киһиэхэ үлэҕэ киирэргэ направление суруйан биэрбиттэр.
Анал үөрэх куурустарыгар дьон хото суруйтарар. Судаарыстыба бырагырааматынан да, “Демография” да диэн бырагырааманан быстах үөрэхтэри ааһааччы ахсаана хаҥыыр, дьон саҥа идэни баһылыырга баҕалаах. Күн бүгүн 55 киһи үөрэнэн буһа-хата сылдьар. Бу үөрэхтэри ааспыт дьонтон үлэни чахчы булан үлэлиир киһи ахсаана төһөнүй диэн сурастахха, Александра Ивановна: «Быһа холоон, 100 киһиттэн 80 киһитэ үлэ булар. Куурустарга үөрэнээччи элбэх, билиҥҥи туругунан 55 киһи үөрэнэ сылдьар. Өссө даҕаны сайаапканы хомуйа олоробут. Идэ араас салааҕа элбэх», — диэн хоруйдуур. “Эттээх” соҕус хамнастаах салааҕа – бырамыысаланнаска да барыы Амматтан кырата суох. Сыччах, быйыл 25 киһи Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө үөрэнэн, идэ ылан үлэлээн кикирийэ сылдьар.
Александра Ивановна этэринэн, улуус үрдүнэн үлэ вакансията ордук үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр дэлэйбит. Улууска учуутал улаханнык итээн, күн бүгүн 40-тан тахса үлэ миэстэтэ аһаҕас турар. Биир оччо быраас уонна биэлсэр ирдэнэр эбит. Туохтан оннугун оройдоппут суох. Бука, өрдөөҕүтэ үөдүйбүт “Земский доктор”, “Сельский учитель” диэн бырагыраамманан кэлбит үлэһиттэр хантараахтара бүтэн, түптээн олохсуйбакка көспүттэриттэн буоллаҕа.
Олег ЕГОРОВ.