Оскуола оҕолоро байыастар дьиэ кэргэттэрин, бэтэрээннэри мууһунан хааччыйдылар

Күөл мууһа олус халыҥыы илик кэмин баттаһа, иллэрээ күн, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна эр дьон учууталларбыт муус ылыытыгар бары биир киһи курдук көхтөөхтүк, күргүөмүнэн үлэлээтилэр.

Быйылгы муус ылааһынын сүрүн соруга — биһиги оскуолабытыгар үөрэнэр оҕолордоох байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттар дьиэ кэргэттэрин уонна оскуолабыт бэтэрээн учууталларын кыстыыр мууһунан хааччыйыы буолла.

Уопсайа холбоон 20 массыына муус ылыллан тарҕатылынна. Оҕолорго уонна учууталларга муус ылбыт ыаллар, бэтэрээннэр этэҥҥэ кыстыыр биир сытыы кыһалҕалара быһаарыллан, махталлара муҥура суох. Ити курдук биһиги оскуолабыт иитэр үлэтин бу курдук тэрээһиннэрэ инники көлүөнэ оҕолоругар үгэскэ кубулуйуо диэн эрэнэбит.

Дайаана АЛЕКСЕЕВА, Алина СИМОНОВА, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 9 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ, «АеСеШник» хаһыатын корреспонденнара.

Читайте дальше