Оскуола түмэлэ сайдар кэскиллээх

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас оскуолаларыттан биирдэстэрэ, В.Г. Короленко аатынан Амма 1№-дээх оскуолата 155 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Оскуола сайдыытын биир кэрэһитэ, баай экспонаттардаах академик Л.В. Киренскэй аатынан түмэл буолар.

“Биһиги оскуолабыт түмэлэ 1968 сыллаахха тэриллибитэ. Учуутал Михаил Алексеевич Расторгуев  оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан  суруйбут дакылаатыгар ол туһнан бу курдук суруйбут.  «В связи с подготовкой к 50-летию празднования Октябрьской революции (1967 г.) было решено открыть музей в здании старой дореволюционной школы.  Ей предшествовала большая и длительная работа учителей и учащихся: еще в  1958-59 учебном году в школе начал работу кружок по туризму, в связи с этим сбор материалов для музея, первые экспонаты по материальной культуре проводила учительница истории Бессонова Е.И. вместе с учащимися во время походов по местам боев гражданской войны и во время походов юных туристов по маршруту Амга-Покровка-Болугур”.

 

Онон түмэлбит биир кырдьаҕас түмэл буолар. Кини сабыллыбакка күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турарыттан үөрэбит.  Былырыын Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ  Владимир  Путин  Россия  урдунэн  хас биирдии оскуолаҕа, оннооҕор детсадтарга  музейдар  тэриллиэхтээхтэрин туһунан дьаһала таҕыста. Оттон биһиги оскуола аҕа көлүөнэ учууталлара  бу үлэни саҕалаан музей тэрийбиттэрэ, оҕону патриоттуу иитиигэ үлэни ыытан, кыраайы үөрэтиинэн дьарыктанан саҕалаабыттара  номнуо 60-тан тахса сыл буолбут, күнү-дьылы ырааҕынан өтө көрөн дьаһаммыттара ырааппыт эбит диибит.  Аҥардас энтузиазмнарынан үлэлээн олорбутар. Ол курдук  музей кабинет да ахсааныгар киирбэтэ, арыт уборщицата да суох оҕо, учуутал күүһүнэн тутуллара,  музейы салайыыга, араас үлэтин ыытыыга хамнас да төлөммөт этэ. Санааларын уонна  төрөөбүт дойдуга, үлэлиир оскуолаларыгар  бэриниилээх тапталларын күүһүнэн бүгүн музей экспонаттара, араас историческай суолталаах матырыйааллара   ыһыллыбакка хараллан кэллилэр. Онон 1970 сылтан академик Л.В. Киренскэй аатын сүгэр улуус, республика биир  баай, сэдэх экспонаттардаах музейа 2024 сыл   сайын Олоҥхо ыһыаҕар аныгылыы тупсаҕайдык, киэҥник туран тиийдэҕинэ дьон-сэргэ болҕомтотун тардара, Амма кэрэ-бэлиэ миэстэтэ буолара саарбаҕа суох.  Күндү Амма улууһун олохтоохторун, оскуола выпускниктарын, төрөппүттэрин түмэлбит саҥаттан туруутугар бэйэҕит кылааккытын киллэрэн көмөлөөх буоларгытыгар ыҥырабыт: идеянан, экспонатынан байытыыга, улуус, дьиэ кэргэн историятыгар сыһыаннаах архивнай матырыйаалларынан. Маны таһынан,  архивнай саалаҕа кэлэн туһалаах матырыйаалгытын булан туһаныаххытыгар,  үлэлиэххитигэр  сөп диэн ыҥырабыт”, — диэн түмэл салайааччыта Вера Бессонова  билиһиннэрдэ.

Улууспут биир баай историялаах, оннук баай экспонаттардаах түмэлин туһунан “Амма олоҕо” хаһыакка сиһилии сырдыаҕа.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше