Ааспыт нэдиэлэҕэ кураан күннэр тураннар, отчуттар тутуу былдьаһан ходуһаттан тахсыбатылар. Атырдьах ыйа үүннэ. От ыйын 31 күнүн туругунан улуус үрдүнэн былаан 33 бырыһыан туолла. Тиэрдиллибит сорук — 32239 тонна.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета нэһилиэктэринэн от субуоккатын нэдиэлэ икки күнүгэр хомуйар. Ол курдук бэнидиэнньиккэ уонна чэппиэр күн хас биирдии звенонан, хаһаайыстыбаларынан, бааһынай хаһаайыстыбаларынан, чааһынайдарынан төһө от оттоммута управлениеҕа түмүллэр. Ол субуоккаттан көрдөххө, от ыйын бүтэһик күнүгэр, улуус үрдүнэн 10641,7 тонна от оттонон, окко былаан 33 бырыһыан туолан иһэр. Ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 1981 тоннаны оттоон былаан 22,9, бааһынай хаһаайыстыбалар 4212, 7 тоннаны кэбиһэн былааннарын 34,4 бырыһыан уонна чааһынай дьон 4448 тонналанан соруктарын 39,2 бырыһыан толордулар. Субуоккаттан ыллахха от ыйын 31 күнүгэр улуус үрдүнэн 12041 га охсуллунна. Уопсайа от үлэтигэр 2265 киһи сылдьар. Маны сэргэ 852 звено, 991 тыраахтыр үлэлиир.