Күһүммүт хаҕыс тымныы салгына биллэн, отчуттары эмиэ ыксатар. Ааспыт нэдиэлэҕэ сотору –сотору кэлэн түһэр ардахтар отчуттары мэһэйдээннэр улуус үрдүнэн бытаарыы тахсыбыта. Ол да буоллар билигин турар кураан күннэргэ кыстык аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ күүстээх үлэ барар.
Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын субуоккатыттан ылан көрдөххө атырдьах ыйын ньҥ күнүн туругунан окко былаан 76 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар былааннарын 62, 6, бааһынай хаһаайыстыбалар 80, 3 уонна чааһынайдар кыстыкка былааннарын 81, 6 бырыһыан толорон иһэллэр. Санатан этэр буоллахха быйылгы от хампаанньатыгар улууска 32239 тонна оту оттуур сорук турар.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат