Педагог дьиэ кэргэннэр күрэхтэрин кыайыылаахтара — Шадриннар

Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, Герой-ийэ Мария Лаврентьевна Александрова уонна энтузиаст-учуутал Никанор Иванович Мартынов төрөөбүттэрэ 100 cылыгар  аналлаах “Педагогическая чета — 2024” диэн бастакы улуустааҕы педагог дьиэ кэргэннэр күрэхтэрэ ыытылынна.  Күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар, нэһилиэкпитигэр Ийэ уонна оҕо сылыгар ананна.


Үөрүүлээх тэрээһини оҕону кыра сааһыттан үөрэтэр,  сахалыы куту иҥэрэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх салайааччыбыт, Мартыновтар педагогическай династия салҕааччы, биир чаҕылхай сиэн кыыс Туяра Мартынова салайар «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөҕө аста. Дьиэ кэргэн — дойдубут тирэҕэ буолар. Дьол, үлэ-хамнас, оҕо иитиитэ, олоххо ситиһии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Онтон педагог сыралаах үлэтигэр кэргэннии дьон күннэтэ бэйэ-бэйэлэригэр тирэх буолан кэнчээри ыччаты иитиигэ турунуулара сэдэх көстүү буолар. Урукку сылларга, билиҥҥи кэмнэргэ Амма-Наахара орто оскуолатыгар  кэргэннии педагогтар үлэлээн-хамсаан дойду сайдыытыгар кылааттарын киллэрэллэр. Биһиги нэһилиэкпитигэр  сүүрбэ икки педагог дьиэ кэргэн үлэлээн ааспыттара, билигин алта дьиэ кэргэн үлэлиир-хамныыр.  Улууска аан бастакытын тэриллибит күрэххэ П.И.Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатыттан оскуола дириэктэрэ Василий Александрович уонна омук тылын учуутала Мария Васильевна Яковлевтар, И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатыттан оскуола дириэктэрэ Иван Григорьевич уонна нуучча тылын уонна литературатын учуутала Галина Павловна Окороковтар, Е.Л.Чистяков аатынан Майскай орто оскуолатыттан информатика уонна технология учуутала Петр Петрович уонна омук тылын учуутала Дария Валерьевна Атласовтар, В.Г.Короленко аатынан Амма №1 орто оскуолатыттан оскуола дириэктэрэ Юрий Егорович уонна академик Л.В.Киренский аатынан Амматааҕы лиссиэй омук тылын учуутала Виктория Петровна Шишигиннар, Чакыр орто оскуолатыттан Амма улууһун уопсай үөрэхтээһинин сүрүннүүр методическай отделын салайааччыта Семен Семенович уонна алын сүһүөх учуутала Нюргуяна Васильевна Шадриннар кыттыыны ыллылар. Күрэх саҕаланыыта бары мустубут ыалдьыттарга Мария Лаврентьевна уонна Никанор Иванович тустарынан кылгас видеосюжетынан билиһиннэрии буолла.

Эҕэрдэ тыллары Амма Нахаара нэһилиэгин аҕа баһылыга  Захар Александров, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Амма-Наахара нэһилиэгин уонна Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, «Дуораанчык” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Полина Кононова, Александровтар династия ааттарыттан Арассыыйатааҕы “Бастыҥтан бастыҥ учуутал” күрэҕин кыайыылааҕа,  РФ үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын кыайыылааҕа, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына Валентина Александрова, Мартыновтар дьиэ-кэргэн ааттарыттан “СӨ Гражданскай килбиэн”, “Амма улууһун киэн туттуута“ бэлиэлэр хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ, Амма Наахара нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ, Мария Лаврентьевна уонна Никанор Иванович бастакы оҕолоро Людмила Ксенофонтова, Слепцовтар педагогическай династия аатыттан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына Лия  Устинова, Устиновтар педагогическай династияларын аатыттан РФ Бочуоттаах үлэһитэ, РФ Бочуоттаах наставнига, “Учууталлар учууталлара” бэлиэлэр хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Марианна  Устинова тиэртилэр. Маны сэргэ Амма Наахара орто оскуолатын дириэктэрэ Василий  Яковлев, улуустааҕы үөрэҕирии салаатын уопсай үөрэхтээһинин сүрүннүүр методическай отделын исписэлииһэ Мария Дьячковская тириэртилэр,  “Ким бэлэмнээх, ол кыайдын!” диэн күрэххэ ситиһиини баҕаран санааларын эттилэр.

Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр Амма улууһун үөрэҕин управлениетын уопсай үөрэхтээһинин сүрүннүүр методическай отделын исписэлииһэ Мария Дьячковская, РФ үөрэҕириитин уонна иитиигэ Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Методист Якутии», «Династия Педагогов РС(Я)» бэлиэлэрэр хаһаайыннара, Үлэ бэтэрээнэ, “Дуораанчык” детсад сүрүннүүр иитээччитэ, логопед-учуутала, Амма улууһун айылҕа харыстабылын общественнай инспектора Галина  Мартынова, В.Г. Короленко аатынан Амма №1 орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйатааҕы “Бастыҥтан бастыҥ учуутал” күрэҕин, РФ Бэрэсидьиэнин уонна СӨ Ил Дарханын Граннарын кыайыылааҕа Ольга Окорокова, П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Арассыыйатааҕы “Бастыҥтан бастыҥ учуутал” күрэх кыайыылааҕа,  РФ үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын кыайыылааҕа, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына Валентина Александрова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, Алтан оскуолатын үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы, омук тылын учуутала Римма  Васильева үлэлээтилэр.

Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар. Күрэх кыттыылаахтара бастакынан “Учуутал — үтүө доҕорбут, олохпут сирдьитэ”диэн бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр кытыннылар. Олус өрө көтөҕүүлээх күрэххэ бэлэмнэнэн кэлэн көрөөччүлэр ытыстарын тыаһын харыһыйбакка бэлэхтээтилэр. Иккис түһүмэххэ өй-санаа, бэйэни тургутар оонньууга сөптөөх эппиэттэри биэрэн кыттааччылар уочаратынан талбыт ыйытыыларыгар эппиэттээтилэр, сөптөөх эппиэт аайы биирдии баалы ыллылар. Үһүс түһүмэххэ барыга сатабылларын уруогу ыытыыга маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр. Манна Яковлевтар «Подготовка к пешему походу», Шишигиннар «Дьолу түстээччи — учуутал», Окороковтар «Синквейн. География плюс русский язык», Атласовтар «Моделирование на стиле английского и информатики “Летний домик”», Шадриннар «АМО. Активные методы обучения» диэн араас өттүттэн дьикти уруоктары идэлэрин баһылаабыт ыаллар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэн истилэр. Төрдүс түһүмэх айар-тутар дьоҕурга ананна. Манна кыттааччылар уон биэс мүнүүтэ иһигэр педагог дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах эмбилиэмэ толкуйдаан кумааҕыга түһэрдилэр. Араас өҥүнэн киэргэтэн биэс бэлиэ тутатына быыстапкаҕа иилилиннэ. Түһүмэхтэр быыстарыгар тахсан эрэр күүстээх куоластаах ырыаһыппыт 7-c  кылаас үөрэнээччитэ Алгыстаана Михайлова, эриэккэс куоластаах Леонид Мартынов, чаҕылхай ырыаһыппыт Елена Кузьмина, учуутал ырыаһыт кыргыттар ансаамбыллара бииртэн биир сэргэх эҕэрдэ нүөмэрдэри биэрдилэр.

 

Күрэх түмүгүнэн Слепцовтар педагогическай династияларын “Многодетная педагогическая семья”, “Педагогическая палитра” анал ааттары Мария, Василий Яковлевтар, “За лучший мастер-класс” анал ааты Дария, Петр Атласовтар, Устиновтар педагогическай династия “Педагогический дуэт” анал ааты Галина, Иван Окороковтар, Мартыновтар дьиэ кэргэн туруорбут “Мастера своего дела” анал ааты Виктория, Юрий Шишигиннар, Амма Наахара орто оскуолата олохтообут “Преданность профессии” анал ааты уонна ноутбук бэлэ5ин күрэх кыайыылаахтарыгар Нюргуяна, Семен Шадриннарга оскуола дириэктэрэ, «Надежды Якутии» бэлиэ хаһаайына Василий Александрович үөрүүлээх быһыыга туттарда.  «Дуораанчык» уһуйаан туруорбут бэлэҕин Полина Петровна Кононова Галина, Иван Окороковтарга, Ольга Александровна Окорокова күрэҕи тэрийэн ыыппыт Мартыновтар биир бастыҥ кийииттэригэр, Амма Наахара орто оскуолатын история уонна обществознание учууталыгар Алена Егоровна Мартыноваҕа, Александровтар династияларын аатыттан Валентина Семеновна Александрова Мария, Василий Яковлевтарга бэлэхтэрин туттардылар.  Маҥнайгы сиэн кыыс Римма Михайловна Васильева үс тылынан суруйбут кинигэтин үөрэммит оскуолатыгар бэлэх уунна. Уопсай хаартыскаҕа түһүү кэннэ сандалы тула төгүрүк остуолга санаа атастаһыыта буолла.

Күрэх сөптөөх кэмҥэ, бириэмэтигэр тэриллиннэ. Покровка орто оскуолатыттан Дария, Петр Атласовтары өйүү элбэх учуутал, оскуола дириэктэрэ Леонид Николаевич Стручков кэлбиттэр.

“Оскуолабыт учууталлара Дария, Петр Атласовтар кэлэн кыттыннылар. Бу күрэҕи Мария, Никанор Мартыновтар сыдьааннара учууталлар санааларын таба өйдөөн Амма Наахара орто оскуолата тэрийбитэ олус хайҕабыллаах. Бу ытыктанар, дьону кэрэҕэ-сырдыкка угуйбут дьоммут сиэннэригэр учуутал, иитээччи дьон бааллара кырдьык да династия баар дойдута эбит дии санаатым.  Эбээ, эһээ үлэлэрин түмэр, инникини көрөр аймахтар үгүстэрэ махталы эрэ ылар. Күрэх түһүмэхтэрэ олус интириэһинэйдик оҥоһуллубут, толкуйдаммыт. Бу күрэх симэлийэн хаалбакка үрдүктүк тутулла сылдьыан наада эбит, оҕолоро салгыы турдуннар. Хас биирдии оскуолаттан кэлбиттэрэ буоллар өссө тыҥааһыннаах күрэх буолуо этэ. Күрэх үрдүк таһымҥа ааста. Анал ааппыт оруобуна түбэстэ. Учууталларбыт ситиһиилэринэн дуоһуйдум. Маннык күрэххэ, уопсайынан ханнык баҕар күрэх элбэх саҥаны, билиини биэрэр кыттааччыга. Уруокка туһалааҕы ылаҕын, бэйэн үлэҕин атын дьоҥҥо билиһиннэрэҕин. Бу күрэхтэн тугу эрэ ылан атын күрэххэ кыттарга эбэн-сабан, көҕүрэтэн билиин кэҥээн иһэр. Биһиги оскуолаҕа күн бүгүн икки дьиэ кэргэн баар. Дьоммутуттан үөрэн, дуоһуйан баран эрэбит» — диэн учууталларын өйүү кэлбит Валерьяна Боярская  санаатын эттэ.

 

“»Педагогическая чета» диэн дьиэ кэргэн күрэҕэ хаhан да, ханна да ыытыллыбытын истэ илик этибит. Олох ураты, солун күрэх күүтэр диэн олус сэҥээрэммит кыттарга быhаарыммыппыт. Ол гынан баран хайдах эрэ толлор этибит: бүтэhиккэ диэри кыттабыт дуу, кыттыбаппыт дуу диэн икки ардынан толкуйга сылдьан баран, аҕыйах хонук иhигэр киэhээттэн киэhэ эрэ бэлэмнэнэн кытынныбыт. Биһиги кыайыылаах үрдүк аатын ылан олус диэн үөрдүбүт, соhуйдубут да диэххэ сөп. Утарсааччыларбыт бары эмиэ бэлэмнэнэн аҕай кэлбиттэр этэ. Күрэххэ кыттар наар олус долгутуулаах буолар, хата кэргэннии дьон иккиэ буолан кыттара наhаа үчүгэй эбит. Бэйэ-бэйэбитин өйөhөбүт, долгуйууну уоскутабыт, ким эрэ тугу эрэ умуннаҕына аттыгар таптыыр, өйдүүр-өйүүр киhин баар буолан көмөлөhүө диэн эрэллээх буолар эбиккин. Биир киhи кэпсиириттэн иккиэ буолар ордук, дьон болҕомтотун тутарга да табыгастаах. Көрөөччү биир киhи саҥарарыттан хал да буолар, иккиэ буоллахха болҕомтону ыhыктыбакка истэр эбиттэр диэн санааҕа кэллибит. Бу тэрээhин олус үрдүк таhымҥа буолан ааста, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри барыта буолуохтаах бириэмэтигэр былаанынан буолла. Күрэх түhүмэхтэрэ олус интэриэhинэйдэр уонна кэргэннии педагогтар бииргэ үлэлииллэрин курдук сөпкө былааннаммыттар. Кыттааччылар бары наhаа бэлэмнээхтэр, олус интэриэhинэй визиткалаахтар уонна наhаа туhалаах маастар кылаастары бэлэмнээн аҕалбыттар. Педагогическай династиялар наhаа үчүгэй сыаналаах бириистэри, өйдөбүнньүктэри бэлэх ууммуттарыгар кыттаачылар ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит”, — диэн кыайыылаах Шадриннар дьиэ кэргэн санааларын тириэртилэр.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше