Петр Уваров: суоппар уустук идэтин талбыппыттан биир да күн кэмсиммэтэҕим

Суоппар идэлээх күнэ 1976 сыллаахтан Сэбиэскэй Сойуус үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр буолбута. Толору аата «Автотранспорт үлэһиттэрин күнэ» диэн буолар. Манна киирэллэр дальнобойщиктартан, автобус, трамвай, троллейбус суоппардарыттан, таксистартан саҕалаан автотранспорт хайысхатын бука бары үлэһиттэрэ. Бүгүҥҥү балаһа дьоруойа – олоҕун айан аартыгар, көлүөһэ үрдүгэр анаабыт биир дойдулаахпыт Петр Афанасьевич Уваров буолар.

Кини бу бэлиэ күн олохтонор сылыттан саҕалаан олоҕун 38 унньуктаах уһун сылларын массыына уруулугар олорон атаарбыт бэтэрээн суоппарынан биллэр. Бу – элбэх сыраны, эппиэтинэһи эрэйэр уустук идэни чахчы хоһуун дьон таланнар олохторун аргыһа оҥостоллор диэтэхпитинэ хайдах да сыыспаппыт. Олох хорук тымырын эргиирэ кинилэртэн тутулуктаах. Дьон-сэргэ туруктаах буолуута мотуордаах көлөнү кытары быһаччы ситимнээх. Олохпут сыллата хайдах да тубустар, суол-иис төһө да көннөр суоппар эппиэтинэһэ аччаабат, дьону, таһаҕаһы тиэйбитин курдук тиэйэр, айаннаабытын курдук айанныыр.

Сойуус саҕана суол-иис хайдаҕын бэрткэ диэн билэр буолуохтааххыт. Чуолаан, биһиги курдук кытыы сытар нэһилиэктэр олохторун эргиирэ тохтообокко салҕанан бара турарыгар тыа сирин хоһуун суоппардара сүдү оруолу оонньообуттарын, кыаллыбатаҕына аара тохтоон хонугулаан да буоллар, сүктэриллибит былааннарын толорон, такайыллыбыт таһаҕастарын тиксэрэн тэйбиттэрин мэлдьэһэр сатаммат.

18-таах Петя Уваров оччолорго бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахпар диэри көлүөһэлээх көлөҕө олоруом, уруулу кытары тустуом диэн санаабыта буолуо дуо?

«1976 сыллаахха квалификациялаах рабочай каадырдары бэлэмниир Алтаннааҕы 15 нүөмэрдээх училищеҕа үөрэнэн суоппар идэтин баһылаабытым. Бу идэ 1975-1976 үөрэх сылыттан арыллыбыта. Онон, суоппар идэтигэр манна үөрэммит бастакы выпускниктартан биирдэстэрэ буолабын. Алтантан уонча этибит. Бу сыл үөрэхпин бүтэриэхпиттэн илиибин араарбакка олоҕум улахан аҥарын суоппардаан кэллим. Сопхуоска бастаан ГАЗ мааркалаах массыынаҕа, онтон ЗИЛга уһуннук үлэлээбитим. 38 сыл тымныы кыһыннаах, куйаас сайыннаах, сааскы-күһүҥҥү силбиктээх, араас суоллаах-иистээх айан суолунан сырыттым ини сылдьыбатым ини. Оччолорго, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, сопхуостар тигинэччи үлэлии олорор кэмнэрэ этэ. Ыраах рейстэргэ сылдьарым, Нерюнгри сиригэр Золотинкаттан сүөһү комбикормун, Сунтаар Кэмпэндээйититтэн тууска тиийэ таһарбыт. Суолга араас күчүмэҕэйдэри көрсөрүм да буоллар, этэҥҥэ таһаҕаспын тиксэрэрим.

Икки сыл субуруччу 1981-1982 сс. социалистическай куоталаһыыга улууска бастаан чөмпүйүөннээн турардаахпын. Куоталаһыы ирдэбилинэн хас туонна килэмиэтири куоһарбытыҥ, төһө уматыгы кэмчилээбитиҥ барыта ааҕыллара.

Бу уустук идэни талбыппыттан биир да күн кэмсиммэтэҕим. Бүгүҥҥү идэлээх күнүнэн бары суоппардары эҕэрдэлиибин, үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабын!», — диэн кырдьаҕас суоппар кылгастык үлэлээн ааспыт кэмин аҕынна.

Түгэнинэн туһанан, бары суоппардарга айаҥҥыт куруук аргыстаах, суолгут көнө, массыынаҕыт сылаас, аартыккыт аһаҕас буоллун диэн алгыспытын аныыбыт.

Татьяна Атласова.

Читайте дальше