Бүгүн Амма нэһилиэгэр таас поликлиника бастакы сыбаайата түһэр үөрүүлээх түгэнэ буолла. Өр күүтүллүбүт эбийиэк тутуута саҕаланар бэлиэтигэр нэһилиэнньэ, эмчиттэр үөрэ-көтө, долгуйа муһуннулар. Чахчы да балаҕан ыйын 6 күнэ Амма улууһун доруобуйатын харыстабылыгар эрэ буолбакка, кини бэйэтин устуоруйатыгар умнуллубат бэлиэ түгэнинэн буолуо. Киһиэхэ саамай күнүдүтэ доруобуйата. Онон нэһилиэнньэ эрдэттэн ыарыыны сэрэтэн, көрдөрүнэр үс этээстээх, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир таас поликлиникаланар баҕа санаата туолар биэтэккэ кэллэ. Ол Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа” национальнай бырайыагын көмөтүнэн олоххо киирэр кыахтанна. Тутуу уопсай суумата 981 758, 89 тыһ. солк.
“Бу поликлиника тутуута биир күннээх эрэ үлэ буолбатах. Амма дьоно-сэргэтэ, салалтата өр сыллаах туруорсууларын түмүгэ. Маны биһиги Ил Дархаммыт, Бырабыыталыстыбабыт өйөөн, Аммабытыгар таас, толору хааччыллыылаах, күҥҥэ 200 киһини көрөр кыахтаах поликлиника 2025 сылга баар буолуо. Манна даҕатан эттэххэ, күн бүгүн улууспутугар национальнай бырайыактар чэрчилэринэн 5 млрд ордук суумаҕа араас эбийиэктэр тутулла тураллар. Бу барыбыт олохпутугар олус суолталаах эбийиэк ыйыллыбыт болдьоҕор киириэ диэн бигэтик эрэнэбин”, — диэн этэр улуус баһылыга Степан Кузьмин.
Үөрүүлээх чааска өр кэмҥэ балыыһаҕа үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьоҥҥо наҕараадалары СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин экэниэмикэ боппуруостарыгар солбуйааччы Надежда Федорова дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда. Надежда Тимофеевна поликлиника улуус нэһилиэнньэтин доруобуйатын көрүүгэ ситиһиилээхтик үлэлиэ, маныаха бары усулуобуйа баар буолуо диэн этэр.
“Поликлиника “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бары улуустарга, нэһилиэнньэлээх пууннарга бу бырайыак көмөтүнэн элбэх эбийиэк тутуллар уонна өрөмүөннэнэр. Ол барыта Дойду Бэрэсидьиэнэ уонна биһиги Ил Дархаммыт ыытар бэлиитикэлэрэ буолар. Аммаҕа киириэхтээх эбийиэк инники турар звенону модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн тутуллан, 2025 сылга үлэҕэ киирэригэр аныгы кэмҥэ эппиэттиир медицинскэй оборудованиеларынан хааччыллыа. Нэһилиэнньэ уонна эмчиттэр бу эбийиэги чахчы да олус өр күүттүлэр. Кинилэр баҕа санаалара дьэ туолар кыахха киирэн, бүгүн бу бастакы көмүс сыбаайата түстэ”, — диэн Надежда Тимофеевна санаатын үллэһиннэ уонна бу улахан эбийиэк тутуллар суолга киирбитэ, бары бииргэ үлэлээһиммит түмүгэ буолар диэн бэлиэтээтэ.
Дьэ бу улахан сүүнэ эбийиэги биһиги улууспутугар бастакытын эрэ үлэлиир буолбатах, “Основа” ХЭТ бэдэрээччит быһыытынан тутуоҕа. Онтон сакаасчытынан “Служба государственного заказчика” ГКУ буолар. Аммалар үөрүүлэрин тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Жирков, ону сэргэ бэдэрээччит “Основа” ХЭТ үллэһиннилэр.
“Биһиги тэрилтэбит саас аукциоҥҥа кыайан бу эбийиэги ылбыппыт. Бырайыакпыт экспертизаны ааһан тутуутун саҕалаатыбыт. Бастаан кини икки этээстээх этэ. Онтон салалта, нэһилиэнньэ туруорсан үс этээстээх буолар буолла. Уопсай иэнэ 3000 кв.м. курдук. Быйыл алтынньы –сэтинньи ыйдарга сыбаайата түһүө. Уопсайа 127 сыбаайа түһүөхтээх. Онтон кэлэр сылтан бетонун үлэтэ саҕаланан, 2025 сылга үлэҕэ киллэриэхтээхпит”, — диэн “Основа” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Юрий Петров этэр.
Тэрээһин долгутуулаах түгэнэ буолан, сыбаайа түһэн, дьон-сэргэ үөрүүтэ үтүмэн. Ордук балыыһа үлэһиттэрэ үөрэллэр.
“Наһаа үөрэн турабын. Маннык историческай түгэҥҥэ кыттарбыттан. Урут 90-с сылларга тутуллубут амбулаториябыт дьиэтэ эргэрэн, мас да буолан нэһилиэнньэ да көрдөрүнэригэр, үлэһиттэр да үлэлииллэригэр уустук буолла. Онон дьэ бу өр кэмҥэ хас отчуот аайы туруорсар саҥа поликлиникабыт өссө баҕабыт хоту үс этээстэнэн тутуллар буолбута олус үчүгэй. Анализ туттарыы, бары быраастар биир сиргэ буолан, олус табыгастаах буолуо. Онон тутуубут этэҥҥэ баран 2025 сылга үлэҕэ киирэригэр бүк эрэнэбин. Тутааччыларга ситиһиилэри баҕарабын”, — диэн медицинэ эйгэтигэр 44 сыл үлэлиир, СӨ Доруобуйатын харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Клавдия Стручкова үөрүүтүн үллэһиннэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат