Саха сирин олохтоохторо бары таптаан истэр ырыаһыттара Нина Чигирева аата алмаас тааска иҥэрилиннэ. Бу үтүө сонуну Амма улууһун бары олохтоохторо, ордук чуолаан биир дойдулаахтара олус долгуйан, үөрэн туран иһиттилэр.
“Ытыктыыр, убаастыыр биир дойдулаахпыт Нина Николаевна Чигирева аата алмааска иҥэриллибитин туһунан үөрүүлээх сонуну истэн олус астынныбыт, үөрдүбүт. Саха улуу ырыаһыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыската, бэйэтин хатыламмат куолаһынан үгүс дьону абылаабыт опера тыйаатырын ырыаһыта, биир дойдулаахпыт аата 62 караттаах алмааска иҥэрилиннэ. Бу Нина Николаевна үлэлээбит Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна Балет судаарыстыбаннай тыйаатырын дириэктэрэ Владислав Левочкин туруорсуутунан олоххо киирдэ. Алмаас быйыл саас «Алроса» Удачнай трубкатыгар булуллубут. Сүрдээх ыраас, дьикти өҥүнэн дьиримнии оонньуур бөдөҥ ыраас алмаас саха улуу ырыаһытын аатын үйэлэргэ үйэтитэ туруо. Биһиги нэһилиэкпитигэр Нина Чигирева аатынан саҥа уулусса эмиэ быйыл баар буолбута. Бу барыта талааннаах ырыаһыт аатын кэлэр кэнчээри ыччаттарга ааттата турарга туһуланар”, — диэн Нина Николаевна төрөөбүт Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин санаатын тириэртэ.
“Амма олоҕо” хаһыат