Эрэдээксийэ почтатыгар халыҥ кэмбиэрдээх эриллэҕэс, адаархай буочарынан суруллубут хоһооннордоох сурук кэллэҕинэ тута Алтантан Раиса Никифорова диэн билэбит. Раиса Исаковна “Амма олоҕо” хаһыакка 2017 сылтан суруйар, биһиги хаһыаппыт эрэллээх ааҕааччыта буолар.
Кини 1974 сыллаахха Саха государственнай университетын саха салаатын бүтэриэҕиттэн 47 сыл устата Сулҕаччы, Алтан оскуолаларыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ буолар.
Айар үлэ умсулҕаныгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, бэйэтэ этэринэн, иллэҥ кэмигэр дьарыктанан саҕалаабыт. “Эдэрбэр биирдэ эмэ иэйдэхпинэ айылҕа, таптал туһунан хоһоон суруйарым” диир. Баардаах киһи баара хайаатар даҕаны син биир төлө көтөн тахсар дииллэринии, Раиса Исаковна күн бүгүн Аммабыт айар-тутар дьонноруттан биирдэстэрэ буолар. Уопсайа 100-тэн тахса улахан уонна 15 тэттик хоһооннордоох. 2021 сыллаахха «Айыы сирэ – Амма» диэн хоһооннорун маҥнайгы хомуурунньуга оҕолорун көмөлөрүнэн Дьокуускай куоракка «Смик-Мастер.Полиграфия» тэрилтэҕэ 50 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэни кыыһа Сардаана Анатольевна Лукина эрэдээксийэлээн, таҥан оҥорторбута. 2022 сыллаахха Амматааҕы киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын кылаабынай бибилэтиэкэрэ Вероника Ивановна Стручкова бырайыагынан «Айыы сирэ – Амма» саҥарар кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Онно олоҕун, үлэтин кэпсээнэ уонна 29 хоһоонун Алтан олохтоохторо хоһоонноохтук аахпыттара киирэн үйэтитиллибиттэрэ.
Раиса Исаковна — аныгы олох суруйааччыта. Хоһоонньут тугу эрэ долгуйа истибитин, сөҕө көрбүтүн уус-уран тыл күүһүнэн ааҕааччыга тиэрдэр, бар дьон үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр. Кини хоһоонноругар айылҕа кэрэ көстүүтэ, төрөөбүт дойдуга таптал, ааспыт уонна билиҥҥи кэм дьоруойдара, бүгүҥҥү олохпут ситиһиилэрэ уус-уран уобарастааһыннар нөҥүө киһи астынар гына итэҕэтиилээхтик бэриллэллэр. Хоһооннорун кээмэйдэрэ ол да иһин уһуннар, улаханнар.
Хоһоон хайдах айылларын, иэйии хайдах киирэрин туһунан ааптар бу курдук этэр:
— Иэйии айылҕаҕа сырыттахпына, кэрэни көрдөхпүнэ, үтүөҕэ тигистэхпинэ, сүргэм көтөҕүлүннэҕинэ киирэр. Айылҕа ураты кэрэтин ойуулуурбун, төрөөбүт дойдубар, чугас дьоммор тапталбын, махталбын, саха тумус туттар дьоруойдарын хоһуйарбын сөбүлүүбүн. Санааны сайа этэр чочуллубут тэҥ халыыптаах силлабическай хоһоону суруйабын. Тыла-өһө уус-ураныгар, уобарастааһыныгар болҕомтобун уурабын.
“Саха атынан Москубаҕа айан” (айанньыт Дугуйдан Винокуровка), “Манчаары – көҥүл боотура”, “Олоҥхо ыһыаҕа”, “Ньургуһун”, “Сирдээҕи таҥара” (үрүҥ халааттаах аанньалларга), “Хомус”, “Кулунчуктар”, “Дойдубут кэскилгэ хардыылыыр”, “Сахатын сирэ сүгүрүйэр!” (Өксөкүлээх Өлөксөйгө), “Өрүөл тутааччыларга”, “Ньургун Боотур” опера, “Аар тайҕаны харыстааҥ!”, “Бэлэх”, “Мичээр”, “Хатыҥ чараҥ”, онтон да атын хомоҕой хоһооннордоох.
Күндү ааҕааччыларбыт, бүгүн эһиэхэ анаан Раиса Никифорова араас сылларга суруйбут хоһоонноруттан бэчээттиибит.
Вера ИВАНОВА
МАНЧААРЫ – КӨҤҮЛ БООТУРА
Хас үйэ бэйэтэ дьоруойдаах,
Хатыламмат укулаат олохтоох.
Манчаары бэйэтин кэмигэр
Маппыта үтүө ааттан-суолтан.
Арыылаах алааһыгар оҕо сылдьан,
Аламай күнү үөрэ көрсөрө,
Доҕоттордуун оонньоон-көрүлээн,
Дьикти, кэрэ кэми атаарара.
Ийэтин тапталыгар биэбэйдэнэн
Иитиллэн, борбуйун көтөхпүтэ.
Дьадаҥы, тулаайах кыһалҕатын
Дьарамай санныгар сүкпүтэ.
Угаайылаах өйдөөх абаҕата
Уйан куттаах хоодуот оҕочооһу,
Хабала айаҕар анньаары,
Хадьардаһан, үрдүк суукка үҥсүбүтэ.
Сааттаах остуолбаҕа туруортаран,
Сири-буору сирэйдээн, кута тостор.
Отуорун алдьатан, аймаһытан,
Олоҕо огдолуйар, уйуһуйар.
Хара дьайдаах Чоочо Манчаарыны
Хамначчыт хоргуһа оҥостубатаҕа.
Баай батталын утары батаһы
Бардам майгылаахтарга туһаайбыта.
Хаатырҕаҕа, түүнүктээх түрмэҕэ
Хаайтардар да, ахтара ийэтин…
Ыраланара төрөөбүт алааһыгар,
Ытык бэһигэр сүгүрүйүөҕүн…
Сирэм күөххэ көҥүл босхо көччүйэ,
Сылбакка саһан, болуотунан устан,
Хайаан да өтөҕөр тиийэрэ,
Хорсун эр бэрдэ хаайыыттан күрүүрэ.
Кыраман ыраах дойдуттан этэҥҥэ
Кылыйа оонньообут кырдалыгар
Үктэммит үөрүүтүгэр Ийэ буоругар
Умса түһэн сытан уйадыйара…
Манчаары балаҕана өтөхсүйэн,
Муҥатыйар ийэтэ суоҕуттан,
Көмүлүөк иннигэр сөһүргэстээн,
Кэрисэтиир тапталлаах киһитин.
Хаатырҕаҕа хааллан сыттаҕына,
Хадаар Чоочо сүөһүлэрин анчарыйан,
Ийэтэ кумалааҥҥа барбыта,
Иитимньилии сылдьан өлбүтэ…
Итинник ыар сүтүктээх дьылҕатын
Иэстэһэргэ бигэтик андаҕайар.
Балысхан баайдаах Чоочоҕо киирэн,
Батаһын өнчөҕүнэн таһыйар.
Уурумньу баайдаах ампаарын алдьатан,
Үлэһит бар дьонугар түҥэтэр.
Кыраны оруосканан дьарыйар
Кыыбаҕатын өйдөтөр, санатар.
Өһүөнүн өрүү өһүлбэтэр да,
Өһөгөйүн булгуруппатар да,
Өргөстөөх батаһын өрө туттар да –
Өһөх хааны хаһан да тохпотоҕо.
Дьоһун-мааны кырдьар сааһыгар
Дьылҕа нус-хас олоҕу бэлэхтиир.
Кэнэҕэс кэнчээрим кэриэстиэ диэн,
Кыыс оҕону төтөрөн хаалларар.
Ураты дьоҕурдаах эр бэрдин
Урааҥхай сахалар кэриэстээн,
Албан аатын ыччакка ааттааннар,
Анаан Манчаары оонньуутун ыыталлар.
Ороспуонньук диэн хара дьаралык –
Онно суох түһэрэн баһааҕырдыы.
Көмүскэппит үлэһит бар дьонугар
Кэлин да көҥүл боотура буолуоҕа.
ХОМУС
Саха сайынтан үөрүүтүн өрөгөйө,
Саамал кымыс ыһыаҕын киэргэлэ
Этигэн хомус сүргэни көтөҕөр,
Эҕэрдэ истиҥин эймэһитэр.
Хомус хоҥкунас тыаһыгар,
Холоруктуур тэтимигэр
Барҕарар түҥ былыргыта,
Бүгүҥҥүтэ, сарсыҥҥыта.
Этигэн хомус хоһоонугар
Эгэлгэ дьүрүһүн иһиллэр.
Хомусчут иэйэ тардыытыгар
Хомуһун илбиһэ кутуллар:
Өҥүрүк куйаастаах сайын
Өрүү күөрэгэйдии дьырылыыр.
Бытарҕан тымныылаах кыһын
Бөрөлүү онолуйа улуйар.
Аар айылҕа кистэл суугуна
Алыптаахтык имэрийэр.
Сааскы таммаҕа, кэҕэтэ
Саха барахсаны саататар.
Дьөһөгөй оҕото кистиирэ
Дьол, өрөгөй доҕуһуоллаах.
Саха омук төрүт дьарыга
Сайдар, үүнэр үрдүк аналлаах.
Кустук сэттэ өҥүнэн сыдьаайан,
Кэрэхситтэ алыптаах дорҕоонунан.
Долгуйар куту-сүрү арчылаан,
Дьүрүһүйэр имэрийэ илбийэн.
“Айархаан” бөлөҕө аан дойдуга
Аатырта сахабыт хомуһун.
Күргүөмнээн хомус тардыытын
Киллэрдилэр Гииннэс кинигэҕэ.
Эрчимнээх хомус куйаарга кутуллан,
Эриэккэс ырыанан угуттуу эмтээтэ.
Уйулҕа уйан кылын таарыйан,
Үтүө үгэс үйэлэргэ салҕанна.
Урааҥхай хоойго устар доҕоро,
Улугурбуту уһугуннарааччыта,
Хатан тимир ырыаһыт хомуһа,
Хаарыан бэйэҕин хайҕат, харыстат!
“НЬУРГУН БООТУР” ОПЕРА
Саха, нуучча эр бэртэрэ
Сайдыылаах Жирков, Литинскэй???
“Ньургун Боотур” опералара
“Ноо!” дэттэрдэ Москубаны.
Санкт-Петербург сүгүрүйдэ
Саргылаах олоҥхо абыгар.
Арассыыйа тэбэр сүрэҕэр
Айхал куйаарга дьиэрэйдэ.
Бастыҥ туруорааччы Барыыһап
Баараҕай үлэни оҥорбут:
Үс дойду үтүмэн дьонун
Үйэлээх үгэһин көрдөрбүт.
Айыы аймаҕын атаҕастаан,
Абааһы уола Туйаарыманы
Уоран-талаан айбардаабытын
Уодьуганнаата Ньургун Боотур.
Үрүҥ Уолан таптал туһугар
Үтүгэн түгэҕэр өлбүтүгэр
Үтүө ыччаттары убайдара
Үрүҥ тыыннарын өрүһүйдэ.
Айыы бухатыырдара өрүүтүн
Айыы аймаҕын үрүҥ тыынын
Абааһыттан араҥаччылыыллар,
Алларыйан туран кыайаллар.
Туйаарыма Куо кэрэтэ,
Таһыччы өйө, сэмэйэ,
Олоҥхо дьиэрэтии ырыата
Олоҕу таптыырга угуйда.
Дьулуруйар Ньургун Боотур,
Дьоһун-мааны Үрүҥ Уолан
Дьоллоһутар тойуктара
Дьолго, эйэҕэ эрэли саҕар.
Опера сөҕүмэр көстүүлээх:
Олоҥхолуу күүрээннээх ырыалаах,
Муусуката балысхан тэтимнээх,
Манньытар дьикти уоттаах-күөстээх.
Олоҥхону сүдү операнан
Омук сирдэригэр таһаарыы,
Олуктара дьэ ууруллан,
Олохтонуо доҕордоһуу.
Уу сахалыы дьикти дорҕоонноох
Урааҥхай омук муусуката
Добун халлааҥҥа дуорайда,
Дойду үбүлүөйүн өрөгөйдөттө!
ДОЙДУБУТ КЭСКИЛГЭ ХАРДЫЫЛЫЫР
Үөһээ сүдү айыылартан ыйаахтаах,
Үтүөкэн аһыныгас сүрэхтээх,
Дьиппиэн сэбэрэлээх сэмэй саха,
Дьиҥэр, сайдам-сайаҕас санаалаах.
Тимир көлөҕө олордо да,
Талбыт ырыалаах, муусукалаах,
Дьыбааҥҥа таалалаата да,
Дьиҥ эҥсиилээх сылык бөлүһүөк.
Хорсун-хоодуот буойун саллааттардаах,
Хоһуун, кыайыгас үлэһиттэрдээх,
Дьоһуннаах тумус туттар дьонноох,
Дьоллоох оҕо саастаах ыччаттардаах.
Угуйар ураты айылҕалаах,
Уйгулаах-быйаҥнаах хочолордоох,
Сыһыы муҥунан хороҕор муостардаах,
Сыспай сиэллээх дьөһөгөй оҕолордоох.
Үтүмэн үгүс үгэстэрдээх,
Үтүөкэн талааннаах дьоннордоох,
Далбар Хотун ийэлэрдээх,
Далбарай чыычаах оҕолордоох.
Уйуктаах эр дьоно, уолаттара
Уһаныынан умсугуйаллар.
Кыргыттара, уус дьахталлара
Кэрэ оҥоһуктары тигэллэр.
Саламаат, алаадьы, кымыс маанылаах
Сахалыы дэлэй астаах сандалылаах.
Чөл куттаах-сүрдээх, чэгиэн олохтоох,
Чахчы, үтүө үгэс өрөгөйдүөхтээх.
Дуулаҕа күүстээх, чиргэл эттээх-сииннээх,
Дэгиттэр сайдыылаах урааҥхайга
Махтал үгэһин тилиннэрбитигэр,
Маанылаах тылын өрүһүйбүтүгэр!
Модун Арассыыйа сиртэн баайыттан
Манна алмааһын, көмүһүн, гааһын
Хото хостоон, дойдуну кыаҕырдан,
Хайҕанар Сахабыт сирэ бүгүн.
Бигэ-таҕа быһыылаах-таһаалаах
Баараҕай тутуулар барҕараллар.
Укулаат таас дьиэлэри дьэндэтэн,
Урааҥхай сахалар сайдаллар.
Күргүөмнээх үлэнэн өрө күүрэммит,
Киэҥ Өлүөнэни уҥуордуур күргэни,
Сахабыт дьоно сомоҕолоһоммут,
Саҕалыаҕыҥ үйэлээх тутууну.
Эрэллээх бар дьонуҥ түмсэннэр,
Эйэлээх олоҕу туталлар.
Ийэ дойдубут кэскилгэ хардыылаар,
Иннибит диэки угуйа сирдиир.
Мин таптыыбын сүдү Сахам сирин,
Минньигэс эҥээркэй ийэ тылын,
Сахам чоҕул хара харахтарын,
Сайдам-сайаҕас, истиҥ майгытын!