Амма улууһугар Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээбит “Рисуем все” бырайыагын эстафетата нэһилиэктэринэн айанныыр. Мээндиги нэһилиэгиттэн бээтинсэҕэ Соморсуҥҥа кэлэн, эстафета бэлиэтин “Чэчир” уһуйаан тутан, онно анаммыт тэрээһини ыытта.
“Тохсунньу 29 күнүгэр биһиги уһуйааммытыгар бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн, оҕолору кэрэ эйгэтигэр уһуйар сыаллаах тэриллибит “Рисуем все” диэн бырайыак бэлиэтин уһуйааммыт оҕолоро көрөн сэнээрдилэр. Улуус бастакы кулубата Афанасий Рязанскай аатын сүгэр орто оскуола уруһуй уонна технология учуутала Александра Николаевна Сокольникова үөрэнээччилэрин, уруһуйга араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээх, улууска уруһуй, технология олимпиадатын призердара Алина Максимованы, Валерия Николаеваны, Милена Дорофееваны кытта кэлэн эстафета бэлиэтин оҕолорго көрдөрдүлэр, эстафета туһунан сиһилии кэпсээтилэр.
Уһуйааммыт оҕолоругар анаан олус үчүгэй, бэрт сонун, “нетрадиционнай”, ол эбэтэр олоҕурбатах ньыманы туттан уруһуйдуурга маастар- кылаас ыыттылар. Кырачаан оҕолорбут улаханнык сэҥээрэн, кыһаллан туран уруһуйдаатылар. Бу күн уһуйааммытыгар “Рисуем все” бырайыак чэрчитинэн оҕолор уруһуйдарын уонна илиитигэр талааннаах бэйэбит үлэһиппит Василий Васильевич Данилов уруһуйун быыстапкалара туруорулунна.
Маннык талааннаах оҕолордоохпутунан, дьонноохпутунан киэн туттан туран кинилэргэ ситиһиилэри, бары үчүгэйи баҕарабыт. Эстафета бэлиэтэ салгыы Сэргэ-Бэс нэһилиэгэр айанныыр”, — диэн “Чэчир” уһуйаан сэбиэдиссэйин иитэр-методическай үлэҕэ солбуйааччыта Татьяна Попова сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат