Руслан Федотов “Дойдубут салайааччыта инники сайдыыга чопчу соруктары туруорда”

Бочуоттаах меценат, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Руслан Федотов Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха оҥорбут Туһаайыытыгар оҥорбут этиилэрин сэргиирин уонна олус сөптөөхтөрүн бэлиэтиир.


“Быйылгы Туһаайыы урукку сылларга оҥоһуллубут Туһаайыылартан ураты буолла. Икки аҥаар чаас устата Дойдубут салайааччыта Владимир Путин инники алта сыл, ол эбэтэр 2030 сылга диэри  сайдыахтаах тосхоллору хас биирдии хайысханан ырытта, онно төһө үп көрүллүөхтээҕин чопчу эттэ. Бу барыта арҕаа дойдулар араас суолунан биһигини токурута сатааталлар да, биһиги дойдубут кыахтааҕын, бэйэтигэр эрэллээҕин уонна күүстээх лидердээҕин көрдөрөр дии саныыбын. Бэйэм урбаанньыт буоларым быһыытынан Владимир Владимирович  бу хайысхаҕа этиитин эмиэ бэркэ сэргээтим. Кини бу экономическай санкциялар кэмнэригэр бэйэбит предприниматэллэрбит, кыра уонна дьоҕус биисинэс  сөптөөхтүк сайдарын туһугар болҕомтону ууран, араас бэрэбиэркэлэринэн сордууру тохтотуохтаахпыт. Кинилэр үлэ миэстэтин таһаарар дьоммут буолаллар диэн этэр. Маны сэргэ олус бэртээхэй саҥа национальнай бырайыактар олоххо киирэр буоллулар. Бырайыактар бу сылтан уонна кэлэр сылтан саҕалаан үлэлээн барыахтара. Бу бырайыактартан ыччакка анаммыт бырайыак быйылгыттан саҕаланыахтаах.  Маннык кэскиллээх быһаарыныылар биһиги дьоммут, нэһилиэнньэбит олоҕо туруктаах буоларыгар туһуланаллар. Онон биһиги инники сайдыыбыт дьэҥкэ, чопчу диэн бэлиэтиибин”, — диэн Руслан Еремеевич бэйэтин тус санаатын үллэстэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше