Кэнники кэмҥэ оҕолорбут сахалыы бэйэлэрин санааларын сайа этиэхтээҕэр буолуох, өйдөөбөт да туруктаах буолан иһэллэрэ долгуппат буолуон сатаммат. Ону кэнники да буоллар өйдөөн, билигин “Айар” кинигэ кыһатыгар кырачааннарга аналлаах сахалыы дьэрэкээн кинигэлэр, сахабыт тэлэбиидэнньийэтигэр ойулуктар, тылы билиигэ угуйуктар элбээн иһэллэрэ киһини кэрэхсэтэр. Тылбыт баар буолуутугар, кини сүтэн хаалбатыгар тыл үөрэхтээхтэрэ эрэ буолбакка, бары саха дьоно кыһаллыахтаахпыт. Дьиэ кэргэнтэн саҕалаан оҕолорбутун кытта сахалыы кэпсэтэн, күннээҕи сонуннарбытын үллэстиэхтээхпит. “Ийэ тылбытын оҕолорбутугар кыра эрдэхтэн иҥэриэхтээхпит” диэн санаалаах дьоннортон биирдэстэрэ бочуоттаах меценат, биэс сыл устата Ил Түмэн дьокутаатынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Руслан Федотовы бэлиэтиибит.
Билэрбит курдук Руслан Еремеевич ааспыт сылга оҕолорго аналлаах суруйууларга анал литературнай бириэмийэни олохтоон, ону эдэр, айар дьоҕурдаах Валерия Потапова “Бастакы сээн” диэн сэһэнинэн ылбыта. Валерия бу сэһэнэ быйылгы сылга бэчээттэнэн тахсыахтаах.
“Мин бу бириэмийэни олохтуурбар бастатан туран сахабыт тыла баар буоларыгар, төрөөбүт төрүт тылбыт сүппэккэ-өспөккө үйэлэргэ хааларыгар диэн сыалынан сирдэппитим. Онтон ол тылбытын биһиги кэнчээри ыччаттарбыт илдьэ хаалыахтаахтар. Онно биллэн туран бастатан туран ааҕыы улахан оруолу ылар. Ким элбэхтик ааҕар, ол билиилээх, ол сайдыылаах буолар. Маны сэргэ саха тылынан суруйар ыччаппыт элбиэхтээх, кинилэр суруйууларын кинилэр үөлээннээхтэрэ умсугуйан туран ааҕыахтаахтар. Ийэ тылбыт баар буоларыгар бука бары туруулаһыахтаахпыт. Онон бастыҥтан бастыҥ айымньылар тахсан истиннэр диэн бу бириэмийэни олохтообуппут. Онон кыайыылаах тахсыбыт талааннаах кыысчаан Валерия саҕалаабыт сэһэнэ ситэриллэн, быйыл күн сирин көрүө диэн эрэнэбин”, — диэн Руслан Еремеевич санаатын үллэһиннэ.
Санатан этэр буоллахха, ааспыт сыл ахсынньытыгар Руслан Федотов 500 000 солк сэртипикээти оҕо литературатын сайдыытыгар анаан кыайыылаахха туттарбыта. Маннык улахан суумалаах бириэмийэ өссө бу иннинэ литература эйгэтигэр хаһан да туттарылла илигэ.
“Амма олоҕо” хаһыат